Нөмүгү нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы «Ой дуораана» түһүлгэ ыытылынна. Бэрт сонун, сэргэх, тэрээһин үгүс дьону түмэ тарта.
Бу кэскиллээх тэрээһини көҕүлээтэ 80-с сыллартан тыыннаах музыканан үлүһүйэн, күн бүгүнүгэр дылы оҕолору бу эйгэҕэ баҕа өттүнэн дьарыктыыр, саҥа ааттары таһааран эрэр Ой нэһилиэгин олохтооҕо Яковлев Павел Павлович.
Кыттыыны ыллылар Бүлүү Чинэкэтиттэн «Эрэл» оҕолор бөлөхтөрө, салайааччы Корякин Владимир, Чурапчы Сылаҥыттан «Халлааҥҥа үрдэл» түөрт эмдэй-сэмдэй уолаттарынаан Борисов Айсиэн, Мэҥэ Хаҥаластан Төҥүлү эдэр ыччата, салайааччы Борисов Григорий уонна “Туман” оҕолор бөлөхтөрө, салайааччы Босиков Анатолий, Дьокуускайтан: педагогическай колледж уөрэнээччилэрэ, салайааччы Николай Севаннаев, «Уран» эдэр ыччата, салайааччы Борисов Григорий,”24-19” гимназия оҕолоро, салайааччы Борисов Андрей, Хатастан оҕолор бөлөхтөрө, салайааччы Николай Андросов, Хаҥаластан «Кынат» Улахан Аан оҕолоро, Нөмүгүттэн «Ой дуораана», «Холорук» оҕолор бөлөхтөрө, «Аргыс» орто саастаахтар бөлөхтөрө, ансаамбыллар салайааччылара, бырайыак ааптара Яковлев П.П., Мохсоҕоллоох оҕо дьиэтин бөлөҕө, салайааччы Андриан Егоров, барыта 13 кэлэктиип, 65 киһи кытынна.
Нэһилиэк баһылыга Васильев Максим Иванович, солбуйааччытынаан Наум Васильевич Устиновтыын ансаамбыл салайааччыларын кытта, бу эйгэҕэ дууһаларын ууран үлэлэһэ сылдьар «Чороон» ансаамбылы тэрийсибит Георгий Сергучевы, “Сэргэ” ансаамбылы тэрийсибит Анатолий Босиковы, биллэр-көстөр ырыаһыт Геннадий Семенов-Урааҥхайы түмэн төгүрүк остуол тула олорон кэпсэттилэр. Кэлбит дьон ансаамбыл салайааччыларыгар сүбэ-ама биэрдилэр, инникитин вокальнай-инструментальнай ансаамбыллары оҕолорго, эдэр ыччакка хайдах көҕүлээн үлэлэтиэхтэрин, Павел Яковлев курдук энтузиастары өйөөн үлэлиэххэ сөбүн туһунан кэпсэтэн баран, резолюция ылынныбыт.
Төгүрүк остуол түмүгэр Яковлевтар дьиэ кэргэн кэлбит ыалдьыттарыгар бэйэлэрэ оҥотторбут халандаардарын уонна сэмэй бэлэхтэрин үөрүүлээх быһыыга туттардылар.
Түһүлгэҕэ кэлбит дьоҥҥо «Тирэх» ансаамбыл Далбар мааны хотуттара итии аһынан айах туттулар.
Култуура миниистирин солбуйааччыта Николай Афанасьевич Макаров, Хаҥалас улууһун култуураҕа салалтатын аатыттан Лидия Васильевна Харитонова кыттыыны ыллылар.
Бу көрүү түмүгүнэн олохтоох дьаһалта, «Түһүлгэ» култуура киинэ, «Чуораанчык» оҕо саадын коллектива холбоон, 5000 солкуобай сыаналаах бириистэрин туттардылар: Бүлүү «Эрэл» бөлөххө «Дебюд Года», оскуола оҕолорун бөлөхтөрүгэр «Лучший ВИА Года» — “Туман” Мэҥэ Хаҥалас оҕолоругар, эдэр ыччат бөлөҕөр «Лучший ВИА Года» Улахан Аантан «Кынат» бөлөххө, «Лучший руководитель Года» анал ааты, Хаҥалас оҕолорун, ыччатын, орто саастаах дьонун бу эппиэтинэстээх тэрээһиҥҥэ бэлэмнээбит, ВИА сайдарыгар үрдүк таһымҥа таһаарбыт, бу улахан түһүлгэни төрүттээбит Павел Яковлев ылыан ылла. Итиэннэ Чурапчы Сылаҥыттан «Халлааҥҥа үрдэл» дьиэ кэргэн бөлөҕөр, Мохсоҕоллоох оҕо дьиэтин оҕолоругар истиҥ-иһирэх тылларын анаан бэлэхтэри туттардылар.
Чурапчыттан сылдьар аҕа баһылык Борисов Айсиэн 10-13 саастаах түөрт уолун кытыннаран, «Халлааҥҥа үрдэл» бөлөх тэринэн, номнуо дьоһун ситиһиилэнэн, кэлэн кыттан үтүө холобур көрдөрдүлэр.
Кэлбит дьон тыыннаах доҕуһуол Хаҥалас улууһугар сайдарын, тэнийэрин туһугар сыл ахсын Нөмүгү нэһилиэгэр «Ой дуораанын» ыытарга, үөрэтэр баҕалаах дьону өйөөн, култуура, үөрэҕэрии, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ эбии чаас көрөн, туттар тэриллэригэр тиийэ үбүлүүллэригэр этии киллэрдилэр.