Биир да киһи тэрээһинтэн туора турбата

287

Муус устар 20 күнүгэр үгэскэ кубулуйбут улуустааҕы «Үлэ киһитин уруйдуур Олоҥхо дойдутун оһуордаах оонньуута» күрэхтэһии Сунтаар улууһугар Дьаархан нэһилиэгэр үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааста.


Үтүө-мааны ыалдьыт, дьүүллүүр сүбэ хамыыһыйатын чилиэнэ буолан, Сунтаар улууһун баһылыга А.В.Григорьев дьон сүргэтин өрө көтөхтө. Дьүүллүүр сүбэҕэ улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын исписэлииһэ Н.А.Егорова, оҕо дьоҕурун сайыннарар киин үлэһитэ Н.И.Сидорова, улуустааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын дириэктэрэ А.К.Степанов киирдилэр.

Кэлбит ыалдьыттары саҥыйахтаах алаадьынан, алгыс тыллаах сиэр-туом быһыытынан көрүстүлэр. Ол кэннэ, кэнсиэртэрин «Өрөгөй» ырыатынан саҕалаатылар. Хас биирди нүөмэрдэрин слайдаҕа билиһиннэрии курдук оҥорон көрдөрбүттэрэ улахан болҕомтону тарта. Олохтоохтоохтор бу күрэскэ туруммуттара барыбытын улаханнык үөртэ, астыннарда. Кулууп иһигэр баар дьон бары кыратыттан улаханыгар диэри кытыннылар, биир да киһи тэрээһинтэн туора туран хаалбата. Дьэ, бу баар эбит, түмсүү биир көрүҥэ! Нэһилиэк инники күөҥҥэ тахсарын туһугар туруулаһыы! Нэһилиэк баһылыга Алексей Седалищев ырыа ыллаан, кырачаан оҕолор чабырҕахтаан уо.д.а. көхтөөхтүк кыттаннар, бэйэлэрин нэһилиэктэригэр элбэх очукуону аҕаллылар.

Кэнсиэртэрин икки чааска араарбыттара эмиэ кэрэхсэбиллээх буолла. Бастакыга — фольклор, иккискэ – эстрада. Манна быйылгы күрэс сүрүн уратытынан «Эр киһи төрүт хамсаныыта» буолла. Улуустааҕы култуура управлениетын салайааччы Мария Кобельянова түмүккэ  бэйэтин санаатыттан кыратык сүбэ-ама кэриэтэ үллэһиннэ, улууспут баһылыга Анатолий Григорьев нэһилиэк дьоно-сэргэтэ тэрээһиҥҥэ турунан туран олус үчүгэйдик бэлэмнэммиттэрин  бэлиэтээтэ. Өссө маннык түмсүүлээхтик улууспут сайдыытын туһугар бары бииргэ үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырда. Кыттыбыт дьоҥҥо бука барыларыгар дьолу-соргуну баҕаран алгыс тылын эттэ.