Бордоҥ нэһилиэгин оҥорон таһаарааччылара быыстапка-дьаарбаҥкаҕа бастыҥнарынан ааттаннылар

198

Ньурба к. «Кыталык» КД-гар «Идэһэ-2017» тыа хаһаайыстыбатын аһын-үөлүн быыстапка-дьаарбаҥката урукку сыллардааҕар сонуннук уонна ордук баай ис хоһоонноохтук ыытылынна. Көннөрү атыы-кутуу эрэ буолбакка, нэһилиэктэр күрэхтэһиилэрэ, агро-оскуолалар үлэлэрин презентацията буоллулар, бастыҥ суораты, арыыны быһаардылар.


Кыттыбыт 8 нэһилиэк, 6 агро-оскуола үчүгэйдик тэринэн киирбиттэрэ бэлиэтэннэ. Ол да быһыытынан ас-үөл дэлэгэй: сүөһү-сылгы бородууксуйата, сир аһа, булт быйаҥа, эгэлгэ минньигэс. Урукку курдук аҥардас соҕотуопка эбэтэр астыыр-үөллүүр тэрилтэҕэ үүт-сүөгэй эрэ баар буолбатах, нэһилиэктэргэ барыларыгар баар. Дьон ону үчүгэйдик санаата, эрдэ кэлбиттэр талбыт астарыгар үөрэ-көтө тииһинннилэр. Чугас сорох нэһилиэктэр кыайан кыттыбатах буоллахтарына, ыраах Хорула, Маалыкай, Чуукаар уо.д.а. көхтөөхтүк кыттыбыттара биһирэниэн эрэ сөп. Тэриллиилээх хаһаайыстыбалар эмиэ көхтөөхтөр.

Чуукаар баһылыга В.Г.Иванов: «Чукаардар улууска ыытыллар тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥкатыгар урут да кыттар этибит, быйыл да туора турбатыбыт. Бириэмэтэ арыый хойутуу соҕус да буоллар, нэһилиэгим дьоно бары турунан, тэринэн-бэринэн киирэн турабыт. Чааһынай киһини көрдөһөн, уматык кутаммын, дьонум-сэргэм ордор аһылыктарын атыылаатыннар диэн киллэртээтим. Саха аһылыгын барытын — үүт-сүөгэй бөҕөтүн, ис үөрэтин, кутуллубут хааны, убаһа этин, сир аһын арааһын, бэлэм барыанньалары. Үүт аһылык элбэҕин көрдөхпүнэ, улууска үүт ыана турар диэн этиэхпин баҕарабын. Нэһилиэк баһылыга буоларым быһыытынан, бу дьаарбаҥкаҕа кыттыспыт Чуукаарым дьонугар улахан махталлаахпын«.

Бордоҥ нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Леонид Ушканов: «Бүгүҥҥү дьаарбаҥкаҕа нэһилиэкпит бүттүүн турунан кыттабыт. Нэһилиэнньэттэн ас-үөл хомуйдубут. Итиэннэ улууспут биир улахан тэриллиилээх хаһаайыстыбата- Степан Васильев аатынан сылгы собуота уонна Маалыкай агро-оскуолата киирэн сылдьаллар. Сылгы-ынах этин, иһин, үүт ас арааһын, сир аһын, куобаҕы, 3 араас күөлтэн бултаммыт собо, оригинальнай бородууксуйа быһыытынан хонуу курупааскытын сымыыттарын киллэрдибит. Быыстапкаҕа эмиэ кыттыыны ыллыбыт, уран тарбахтаахтар араас тигии оҥоһуктарын, норуот маастардарын оҥоһуктарын киллэрдибит. Ол иһигэр атаҕыттан баһыгар диэри барыта таба тириитинэн тигиллэн оҥоһуллубут булчут кэтэр таҥаһа баар. Маалыкайдааҕы кыраайы үөрэтэр музейтан өбүгэлэрбит саҕаттан хаалбыт ыҥыыры киллэрэн көрдөрүүгэ туруордубут. Дьүүллүүр сүбэ кыттыылаахтара астына-дуоһуйа көрөн бардылар. Биһиги көннөрү быыстапкаҕа эрэ кыттыынан муҥардамматыбыт. «Үтүө санаа долбуура» диэни толкуйдаан, нэһилиэкпит олохтоохторо бэйэлэрэ үтүө баҕаларынан биэрбит бородууксуйаларын киллэрдибит, манна Ньурба олохтоохторо аҕалбыт бородууксуйаларынан эмиэ кыттыстылар. Бу хомуллубут «Үтүө санаа долбуурун» табаардара киэһэ ДИПИ-гэ уонна «Арчы» реабилитационнай кииҥҥэ түҥэтиллиэхтээх. Иккис идиэйэбит — СӨ Үбүн министиэристибэтэ ыытыахтаах «Гражданнар олохтоох көҕүлээһиннэрин өйүүр бырагырааматын» чэрчитинэн эһиил биһиги нэһилиэкпитигэр сайыҥҥы уу ситимин киллэрэргэ бырайыак көмүскэнэн турар. Онно нэһилиэкпит олохтоохторо кыттыһан бородууксуйа биэрбиттэрин атыылаан харчыга туруоран, бастакы саҕалааһын усунуоһа хомуллар».

Р.Н.Афанасьева, Сүлэ нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ: «Сахалыы төрүт аспыт арааһын көрдөрөөрү, барыта 45 көрүҥү киллэрдибит. Кэпэрэтиип дьоно уонна нэһилиэк олохтоохторо көмөлөстүлэр».

Октябрьскай нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта М.П.Захарова: Улуустааҕы дьаарбаҥкаҕа улахан нэһилиэк быһыытынан киирэн кытынныбыт. «Ньурба-Агро» МТС уона «ВилМар» кыттыһан элбэх бородууксуйаны илдьэ киирэн атыылаатылар. Элбэх сылгылаах бааһынай хаһаайыстыба (Илларионов Р.В.) убаһа, улахан сылгы этин киллэрбитэ хамаҕатык барда. Эмиэ нэһилиэк олохтооҕо Любовь Николаевна бэйэтин аһын-үөлүн, оҥоһуктарын, унтууларын атыылаата. Биирдии ыалынан киирэн эмиэ кыттыыны ыллыбыт. Герой Н.Н.Чусовской аатын сүгэр агро-оскуолабыт эмиэ көхтөөхтүк кытынна».

Хорулатааҕы «Эрчим» сүөһү иитиитин потребительскэй кэпэрэтиибин үлэһитэ, арыы собуотун маастара Тобонова Е.А.:

— Биһиги сүрүннээн арыыны оҥоробут. Дьаарбаҥкаҕа анаан барыта 200-тэн тахса тыһ. солк. суумаҕа 17 араас аһылык көрүҥүн киллэрдибит, сүрүннээн үүт ас. Арыыларбытын 10-нуу киилэлээх дьааһыкка уонна киилэнэн эмиэ ыйаан суулаан аҕаллыбыт. Билигин «Байардартан» 15%-ҥа үлэлии олоробут. Хамнаспыт бэйэбит киллэрбит суумабытыттан төлөнөр. Сайыҥҥы кэмҥэ сайылыкка 4 ыанньыксыты тутабыт. Билигин «Эрчим» кэпэрэтиип иһинэн сылдьабыт. Сыл түмүгүнэн «Байар» кэпэрэтииби кытта бородууксуйанан уонна киирбит харчыттан аахсабыт. Билигин туһунан баран үлэлиэхпитин баҕарабыт. Үлэ миэстэтин таһаарабыт, муҥутаан 14 киһини тутан үлэлиибит. Өссө кэҥиэхпитин баҕарабыт.

Семенов Константин Афанасьевич, «Эрчим» сүөһү иитиитин потребительскэй кэпэрэтиип салайааччыта:

«Эрчим» сүөһү иитиитин потребительскэй кэпэрэтиибэ 2009 с. тэриллибитэ. 2015 с. «Байар» кэпэрэтииби кытта бииргэ үлэлэһии дуогабарын түһэрсэн үлэлии сылдьабыт. «Байар» дьиэтин-уотун, оборудованиетын барытын арендалаһан ылбыппыт. Бородууксуйаны барытын бэйэбит батарабыт. Кэпэрэтиип 70-ча чилиэннээх. Ону таһынан 10-ча бааһынай хаһаайыстыбабыт туттар. Сыллааҕы былаан — 620 т үүт. Үлэһиттэрбит бу дьаарбаҥкаҕа сэтинньи ортотуттан саҕалаан бэлэмнэммиттэрэ. Дьон сүрдээҕин атыылаһар, киллэрбит аспыт бүтэн эрэр.

Иккис этээскэ Хаҥалас, Малдьаҕар, Сүлэ, Ньурбачаан, Маалыкай, Антоновка агро-оскуолалара үлэлэрин-хамнастарын билиһиннэрдилэр. Элбэх көрдөрөр матырыйааллардаахтар, стендэлэрэ эҥин диэн толору.

Быыстапка-дьаарбаҥкаҕа кэлбит дьоҥҥо Биисинэс-инкубатор гендириэктэрэ Н.М.Михайлова салайааччылаах хамыыһыйа суораты амсатан боруобалатан, ханнык тэрилтэ аһытыылаах аһылыга ордугун быһаардылар. «Байар» кэпэрэтиип суората ордук элбэх куолаһы ылан кыайыылаах таҕыста. Кылаабынай ветврач салайааччылаах хамыыһыйа анаалыстаан быһаарыытын түмүгэр «ВилМар» арыыта саамай бастыҥ хаачыстыбалааҕынан ааттанна.

Быыстапка-дьаарбаҥка түмүгүн таһаарарга улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччыта А.Я.Яковлев саалйааччылаах хамыыһыйа үлэлэээтэ. Агро-оскуолаларга 1 миэстэлээх Хаҥалас оскуолата — 20 тыһ. солк., 2-с миэстэлэммит Маалыкай оскуолата — 15 тыһ. солк. уонна 3-с буолбут Ньурбачаан оскуолата 10 тыһ солк. суумалаах сэртипикээт тутан үөрдүлэр-көттүлэр.

Нэһилиэктэргэ ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ кинилэр көхтөөх кыттыылара, астарын-үөллэрин эгэлгэтэ эрэ буолбакка, бородууксуйалара хайдах тупсаҕайдык сууламмыта-хааламмыта, атыыһыттар дьоҥҥо сыһыаннара, атыылыыр култууралара эмиэ учуоттанна. Кыайылааҕынан Бордоҥ нэһилиэгэ тахсан, 100 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээти тутан үөрүүлэрэ үрдээтэ. Чаппанда — 2 уонна Сүлэ нэһилиэгэ 3 миэстэ буоллулар. Кинилэргэ туһааннааҕынан 70 тыһ. солк. уонна 50 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээттэр туттарылыннылар. Тыа хаһаайыстыбатын астыыр-үөллүүр кэпэрэтииптэрин ортотугар Хорулатааҕы «Эрчим» бастыҥ үлэлээҕинэн бэлиэтэннэ.