Булуҥҥа быйылгы халаан уута этэҥҥэ ааһан эрэр

327

Саха сирин киин улуустарыгар халаан уута баран түмүктэммит эбит буоллаҕына, хоту улуустарга өрүстэр саҥа эстэн эрэллэр. Биллэрин курдук, бу сааскы халаан уутуттан Орто-Халыма улууһун олохтоохторо эмсэҕэлээтилэр.


Булуҥ улууһугар ыам ыйын 28 күнүгэр 14 чаас 50 мүнүүтэҕэ Сииктээх аннынан Лена эбэҕэ муус хамсааһына биллибит. Нэһилиэк баһылыга Рая Кривошапкина улуустааҕы ЕДДС киинигэр иһитиннэ­риитинэн, муус барыыта мөлтөхтүк, кы­ралаан саҕаламмыт. Онтон ыам ыйын 29 күнүгэр сарсыарда 7 чаас 30 мүнүүтэҕэ муус устааһына номнуо хойуутук баран саҕалаабыт. Бу күн 10 чаас 30 мүнүүтэҕэ Күһүүр нэһилиэгэр муус хамсаан киирэн барбыт. Күһүүргэ сууккаҕа уу тахсааһына 3,25 см. Бэс ыйын 1 күнүгэр сарсыарда 9 чааска муус харааһына бэлиэтэммит.

Билиҥҥи кэмҥэ Сииктээххэ өрүс ыраа­һыран эрэр, онтон Күһүүргэ бэйэбит үлэ­һиппит Павел Слепцов уу тахсыытын билэ-көрө сылдьар. Вячеслав Свинобоев салайааччылаах Күһүүрдээҕи баһаарынай чаас үлэһиттэрэ бары бэлэм сылдьаллар, кэтээн көрөллөр. Бэйэтин баҕатынан биһиги үлэбитигэр ОДьКХ начальнига Владимир Сыроватскай кыттыһар. Кини куруук биһиэхэ көмөлөһөрүн бэлиэтиир наада. Бары эппиэтинэстээх үлэһиттэр, бэлэм олороллор диэн бигэргэтэбин. Ин­ники сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, быйыл хаар элбэх, билиҥҥээҥҥэ диэри уулларбакка турар буолан, онно эбии тымныы күннэр сатыылаан, үрэхтэргэ уу киирбэккэ турар. Аҥардас харыы он­тон да үөскүөн сөбүн сабаҕалыахха сөп. Ол түмүгэр өрүс мууһун үчүгэйдик көтөхпөтө да быһыылаах. Бу бастакы көстүү буолбатах, урут да, быйыл да, харар сиригэр харыы куруук тахсара”, – диэн сааскы халаан уутун улуустааҕы ЫБММ салайааччыта Михаил Килээсиэ­нэп билиһиннэрэр.

Халаан уутугар үлэ эрдэ ыытыллан саҕаламмытын Михаил Николаевич этэр. Улуус баһылыга Игорь Кудряшов ку­лун тутар 13 күнүгэр “2017 сылга Булуҥ улууһугар сааскы, сайыҥҥы уонна күһүҥҥү халаан уутун куттала суохтук аһарыы” диэн 120 нүөмэрдээх дьаһал та­һаарбытын кини этэр. Бу дьаһалынан сиэттэрэн араас таһымнаах үлэлэр ыытыллыбыттар. Халаан уутун кэмигэр, улуус үрдүнэн араас ыксаллаах быһыы-майгы таҕыстаҕына, дьону быстах кэмҥэ олохтуур пууннар оҥоһуллубуттар, ман­нык пууннары улуус дьаһалынан үрдүк сиргэ турар дьиэлэргэ анаабыттар.

Тустаах үлэһиттэр нэһилиэнньэни быс­тах кэмҥэ олохтооһуҥҥа анаммыт дьиэ­лэри баһаарынай өттүнэн көрбүттэр, бэрэбиэркэ үлэтин ыыппыттар. Ону та­һынан, муус устар 20 күнүгэр диэри пуун­нарга дьону тиэрдэн биэрэр техникаларга уматык үбэ көрүллэн түҥэтиллибит уонна манна үлэлэһэр дьон бары баһаарынай инструктааһы кытта билсибиттэр. Ол курдук, ыксаллаах быһыы-майгы хамыы­һыйатын чилиэннэрэ (КЧС) ыам ыйын 11 күнүгэр улуус дьаһалтатын дьиэтигэр мустан, сааскы халаан уутун Булуҥ уотугар-сиригэр куттала суохтук аһарыы мун­ньаҕын ыыппыттар. Бу мунньахха улахан харыы түгэнэ буолар түбэлтэтигэр, байыаннай чаастары кытта бииргэ үлэни ыытарга диэн быһаарыныы ылбыттар.