Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын зоотехнига Константин Слепцов Булуҥҥа бу сыллааҕы таба төрүөҕэ түмүктэммитин иһитиннэрдэ. 2017 сыл сааһыгар уопсайа 3100 кэриҥэ таба төрүөх биэрбит.
Улууска дьиэ табатын төрүүр-ууһуур кэмэ ыам ыйын бүтүүтүгэр түмүктэннэ. Билигин 2860 тугут этэҥҥэ туораан күөххэ үктэнэн эрэр. “Быйылгы дьыл сааһа хойутаан эрэр. Холобура, таба төрүүр-ууһуур кэмигэр Хара-Уулаах, Бороҕон нэһилиэктэрин диэки соһуччу, күүппэтэх буурҕа түспүтэ. Ол иһин, бу сыллааҕы төрүөх ааспыт сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө мөлтөөн, ахсаана түстэ. Онон дьыл сылаас кэмэ хойутаабытыттан быйылгы төрүөхпүт ахсаана намыһаҕы көрдөрөр. Тымныыны тулуйбакка сорох табалар төрүөхтэрин куоттарбыт түгэннэрэ эмиэ баар. Тугут тустаах дьыалатын нуорматыгар 45%-ан хапсабыт. Бу сыыппара кыра, ол гынан баран, өрөспүүбүлүкэ биэрбит судаарыстыбаннай сорудаҕын толору толордубут. Билигин сыл иккис аҥарыгар сыалбыт-сорукпут диэн, бу саҥа төрөөбүт тугуттары ардай аһыылаахха былдьаппакка, сүтэрбэккэ, 2017 сыл түмүктэниэр диэри биири да энчирэппэккэ тутан хаалларыахтаахпыт. Ыстаадаларга сүрүн үлэбит төрүөҕү элбэтээһин, табаларбытын адьырҕа кыыл сиэһиниттэн, өлүүттэн-сүтүүттэн онтон да атын төрүөттэртэн харыстааһын туһаайыытын тутуһан, бэйэбитигэр сорудах туруорунан үлэлиибит”, – диэн Константин Слепцов кэпсиир.
Билиҥҥи туругунан, бары ыстаада үлэһиттэрэ табаны үчүгэйдик көрөргө-истэргэ уонна табаһыт олоҕор сүрүн наадалаах малларынан толору хааччыллыбыттар. Ону таһынан, бары ыстаадаларга рациялар тиксэриллибиттэрин Константин Александрович этэр. Бэс ыйын маҥнайгы күнүнээҕи туруганан, таба ахсаана улуус үрдүнэн 13980 төбөҕө тиийэр.
Нэһилиэктэргэ кыһын устата үөрэммит оҕолор бу сайын төрөппүттэригэр тахсан ыстаада олоҕор-дьаһаҕар илии-атах буолан көмөлөһүөхтэрэ. Ыстаадаҕа тахсан үлэлиир оҕолорго тустаах хаһаайыстыбалар эбии харчы көрөн көмөлөһүөхтэрэ. Билигин номнуо Бороҕонтон аҕыс оскуола үөрэнээччитэ тахсыбыт. Онтон кэлэр нэдиэлэҕэ Күһүүртэн Сахандьа учаастагар 9 оҕо бөртөлүөтүнэн көтөрө былааннанар. Сотору кэминэн, Хара-Уулаахтан алта оҕо ыстаадаларынан бараллара күүтүллэр. Былырыын ыстаадаларга 16 оҕо тахсыбыт эбит буоллаҕына, быйыл тахсааччы оҕо ахсаана – 22. Бу ахсаан, оҕо ыстаада олоҕор тардыһыыта уонна интэриэһэ улааппытын көрдөрөр. Оҕону таһаарыы сыала-соруга, инники кэмҥэ таба иитиитин эйгэтигэр кадрдары бэлэмнээһин диэн буолар. Онтон эдэр ыччаты ылан көрдөххө, улуус үрдүнэн 10-ан тахса эдэр ыал бу уустук идэҕэ ылсан үлэлиир. Ол курдук, улууска баар хас да ыстаадаҕа билигин эдэр уолаттар биригэдьиирдии сылдьаллар. Урукку сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, таба көрүүтүн үлэтигэр эдэр ыччат талаһыыта уонна тахсааһына сылтан сыл эбиллэр.