Булуҥнар бөҕү ыраастааһыҥҥа туруннулар

256

Саха сирин бырабыыталыстыбатын 2016 с. кулун тутар 24 күнүнээҕи 270 №-дээх дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ киин оройуоннарыгар уонна хоту сытар улуустарга кулун тутар 28 күнүттэн ыам ыйын 28 күнүгэр диэри, онтон Арктика оройуоннарыгар муус устар 25-тэн бэс ыйын 25 күнүгэр диэри икки ыйдаах санитарнай ыраастааһын күннэрэ биллэриллибиттэрэ.


Булуҥ улууһугар Экология сылынан сиэт­тэрэн, оройуон баһылыга Игорь Куд­ряшов санитарнай ыраастааныы үлэтэ түөрт ый устата барарын туһунан дьаһал та­һаарбыта.
Бэс ыйын 27 күнүгэр Тиксии уонна Тиксии-3 сиригэр-уотугар анал хамыы­һыйа бэрэбиэркэ оҥордо. Хамыыһы­йаҕа киирдилэр: уосастыбаннай сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, Айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтиттэн, Тиксии дьаһалтатыттан, Роспотребнадзортан, ОДьКХ-ан биирдии бэрэс­тэбиитэл. Кыһыҥҥы хаар саҥа ууллан, бэрэбиэркэ саҥа саҕа­ламмытын Айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин са­лайааччыта Иннокентий Стручков этэр.

“Биһиги бигэргитиллибэтэх сыбаалка­лары хонтуруоллуубут. Маннык сыбаалкалар тахсар сүрүн биричиинэтинэн тустаах үлэ­һиттэр бириэмэтигэр хомуйбаттара уонна анал сыбаалкаҕа тиэрдибэттэрэ буолар. Ол түмүгэр бөһүөлэк кирдээх, чуолаан Тиксии-3 бөһүөлэгэ. Олохтоохтор бэйэ­лэрэ эмиэ кыһаллыахтаахтар, быйыл ыраастааһыҥҥа харчы көрүллүбэт диэн аһаҕастык этэбин. Онон бэйэбит эрэ күүспүтүнэн үлэлээтэхпитинэ бу боппуруоһу кыайыахпыт. Холобура, соҕуруу уонна атын Арктика улуустарын нэһилиэнньэтэ бөхтөрүн бары бэйэлэрэ хомуналлар.“Ким эрэ төлүөхтээх, ким эрэ хомуйуохтаах”, – диэн өйдөбүлү төбөбүтүттэн туора сотуохтаахпыт. Олорор сирбитин биһиги, олохтоохтор, бэйэбит киртитэбит буоллаҕа. Киртиппит сирбитин ханнык да атын киһи кэлэн хомуйуо суоҕа”, – диэн Стручков билиҥҥи балаһыанньаны билиһиннэрэр.

Хамыыһыйа Тиксии-3 саамай киин сирдэригэр бөх хомуллубатын бэлиэтээтэ. Холобура, аэропорт дьиэтин таһыгар, кэлээччи-барааччы ыалдьыт дьон ха­раҕар 40 кубометр иэннээх улахан бөх мунньуллан баччааҥҥа диэри сытар. Бу бигэргэтиллибэтэх сыбаалканан билигин Айылҕа харыстабылын үлэһиттэрэ си­лиэс­тийэ үлэтин ыытыах­тара.

Билиҥҥи күҥҥэ Тиксиигэ бөххө анал­лаах баахтар туолан, таһынан тахсы­быттарын кыһалҕата турар. Бөҕү тиэйэр массыына алдьана-алдьана үлэлиириттэн, бөһүөлэк иһигэр маннык көстүү элбэх. Быйыл Тиксии дьаһалтатын дьиэтэ саҥа массыына ыллаҕына, сүрүн кыһалҕабыт быһаарыллыа диэн эрэниэххэ. Биир алдьанар массыына төһө өр барыай, толору өрөмүөн барарыгар кырата нэдиэлэ наада, аны тиэйэр массыына өр кэмнээх өрөмүөҥҥэ турдаҕына, бөһүөлэк бөххө тимирэригэр тиийэр.

Улуус дьаһалтатын дьиэтигэр сүбэ мунньах буолан ааста. Анал хамыыһыйа улуус баһылыгар бэрэбиэркэ түмүгүн билиһиннэрдэ уонна инникитин байыаннай дьону субуотунньуктарга хол­боһоллоругар этии киллэрдэ. Буолбут мунньахха Роспотребнадзор салайааччыта Алексей Белолюбскай ыраастаныы ый­дарын салҕыы уһатыахха диэн бэйэтин санаатын эттэ.

Хаар хараарыыта улуус нэһилиэктэригэр эмиэ маннык хартыына буолуталыыр. Ол эрээри олохтоохтор дьиэлэрин таһын хо­муйан, мастары олордор үчүгэй үгэс­тээхтэрин Айылҕа харыстабылын сала­йааччыта бэлиэтиир.