Булуҥ улууһугар Арктикатааҕы гимназияны биэс оҕо туйгун сыананан түмүктээтэ

466

Арктикатааҕы гимназияҕа үрүҥ уонна кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит үөрэнээччилэри чиэстээһинин үөрүүлээх киэһэтэ буолан ааста. Оскуола кыһатын көмүһүнэн бүтэрээччи оҕолор үөрүүлэрин учууталлар, төрөппүт­тэр, кинилэр бииргэ үөрэнэр доҕотторо уонна балыс табаарыстара кэлэн тэҥҥэ үллэһиннилэр.


Мэтээллэри туттарыы тэ­рээһинигэр улуус дьаһалтатын баһы­лыга Игорь Кудряшов, үөрэҕирии салалтатын салаайыччытын эбээһинэһин толорооччу Матрена Варламова, Арктикатааҕы гим­назия дириэктэрин эбээһинэһин толо­рооччу Светлана Федорова оҕолорго эҕэрдэ тылларын иһитиннэрдилэр.

Оҕолорго аан маҥнайгы эҕэрдэ тылы дириэктэри иитэр-үөрэтэр са­лааҕа сол­буйааччы Светлана Федорова эттэ. Кини оҕолорго туһаайан улахан дьон олоҕор бастакы хардыылары оҥорол­лорун өссө төгүл санатта. Оскуола ди­риэктэрэ Наталья Шагланова гимна­зияны бүтэрээччилэр туох баар улууска ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыт­талларын бэлиэтээн туран, устудьуоннуур кэмнэригэр бу курдук үрдүк таһаарыылаах түмүктэри көрдөрөллөрүгэр эппит эҕэрдэ суругун, баҕарбыт баҕа санаатын Светлана Федорова мустубут дьоҥ­ҥо доргуччу ааҕан иһитиннэрдэ.

Тэрээһин саамай күүтүүлээх, долгутуу­лаах кэмэ – мэтээллэри туттарааһын түгэнэ буолла. Дерябин Денис, Макимов Роман, Данилова Наталья, Кирсанов Никита уонна Мережная Ильяна үөрэх туйгун түмүгүн кэрэһэлиир, үрүҥ, кыһыл көмүс мэтээллэри, грамоталары улуус баһылыгын илиититтэн туттулар. Кинилэр төрөппүттэрэ, оҕолоро үчүгэй үөрэхтэрин иһин, үөрэх салалтатыт­тан махтал сурук­тары ыллылар.

Оройуон баһылыга үөрэ­нээччилэргэ туһаайан: “Олох устааһы­на мас үүнэрин кэриэтэ. Ол курдук би­һиги бэйэ­бит олохпут суолун сили­һиттэн саҕалыыбыт. Маспыт салаатын миэстэтин бэйэ­бит булабыт. Маны этэн туран, эһиэхэ, хас биирдии бүтэрээччи оҕоҕо, баҕарыам этэ сөбүлүүр идэҕэтин баһылаан, бэйэҕит олоххут сөптөөх миэс­тэтин, сэбирдэҕин буларгытыгар”, – диэн бэрт мындыр тыллары эттэ.

Матрена Варламова үөрэх туйгуннарын чиэстиир тэрээһиҥҥэ кэлэн турарыттан үөрэрин биллэрдэ уонна оҕолору оскуо­ланы түмүктээбит күннэринэн эҕэрдэлээтэ. Кылаас салайааччыта, бу сыллар тухары оҕолорго иккис ийэнэн буолбут киһи Га­лина Чуприна уйадыйан туран баҕа санаатын эттэ уонна педагогическай үлэ­тигэр бу бүтэһик кылаас буоларын биллэрдэ. Кылаас төрөппүттэрин аатыттан Егор Данилов тыл эттэ: “Бүгүн биһиги оҕолорбут олохторугар аан маҥнайгы ула­хан ситиһиилэрин көрдүбүт”, – диир кини. Махтал тыллар кылаас салайааччытыгар Галина Андреевнаҕа ананнылар.

Улахан дьон олоҕор бастакы хардыыны оҥороору сылдьар оҕолорго анаан этил­ли­бит алгыстаах тыллар куруук ара­ҥаччылыы сырыттыннар. Оскуоланы тү­мүктүүр долгутуулаах күнү, олохторун саамай кэрэ түгэнин өйдүү-саныы сыл­дьалларыгар, хаартыскаҕа түһэн үөрүүлээх киэһэни түмүктээтилэр. Саха сирин бары бүтэрээччи оҕолор өйдөбүнньүк хаартыскалара, урукку выпусктар хаар­тыскаларын кэккэтигэр киирэн, кэлэр кө­лүөнэҕэ холобур буолан, оскуола ис­тиэ­нэтигэр туруо.