Тулалыыр эйгэ харыстабылыгар федеральнай сокуоҥҥа уларытыылар киирбиттэринэн улуус дьаһалтатын дьиэтигэр Булуҥнааҕы айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччыта Иннокентий Стручков уонна судаарыстыбаннай инспиэктэр Валерий Слепцов оройуон тэрилтэлэрин исписэлиистэригэр билиһиннэрэр семинар-кэпсэтии ыыттылар. Санатар эбит буоллахха, Экология сылын Булуҥ улууһугар олунньу 24 күнүгэр саҕалаабыппыт.
2017 сыл Дойду президенэ Владимир Путин Ыйааҕынан, Арассыыйа үрдүнэн Экология сылынан биллэриллибитэ. Быһаарыныы сыала-соруга – экологическэй эйгэҕэ баар кыһалҕалаах боппуруостарга болҕомтону ууруу, дойдубут айылҕатын туругун тупсарыы уонна харыстааһын үлэтэ.
Семинарга сүрүн кэпсэтии тулалыыр эйгэҕэ куһаҕаннык дьайар эбийиэктэри судаарыстыбаннай учуокка туруоруу уонна айылҕаҕа куһаҕан дьайыылары сабыдыаллааһын төлөбүрүн тула барда.
Булуҥ улууһугар эбийиэктэри учуокка киллэрэргэ анаан тэриллибит хамыыһыйа үлэтин саҕалаан эрэр. Хамыыһыйаҕа улуустааҕы налоговай сулууспа, ИДьМ, айылҕа харыстабылын инспекциятын үлэһиттэрэ уонна оройуон дьаһалтатыттан бэрэстэбиитэл киирдилэр. Мантан ыла хамыыһыйа хас кыбаартал аайы мустан мунньахтыа.
Айылҕа харыстабылын судаарыстыбаннай инспиэктэрэ Валерий Слепцов үлэлэригэр 2017 сылга туох саҥа уларыйыылар киирбиттэрин билиһиннэрдэ. Кини эбийиэктэр айылҕаҕа куһаҕан дьайыылары оҥоруу содула улаханын туһунан, ыстарааба бөдөҥ буоларын кэпсээтэ.
Мунньах кыттыылаахтара тустаах үлэһиттэртэн интэриэһиргиир боппуруостарын ыйыттылар.
Булуҥ улууһун айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччыта Иннокентий Стручков:
– Билигин тэрилтэлэр судаарыстыбаннай учуокка тураллара ирдэнэр. Кинилэртэн киирбит харчы барыта оройуон бюджетыгар киириэ. Оччоҕо оройуоҥҥа үлэ тахсыа этэ. Төлөөбөт тэрилтэлэр биһиги оройуоммутугар суох буолбатахтар, бааллар. Ол иһигэр, гараастар эрэ буолбатах, холобура ким эрэ дизельнэйдээх, ким эрэ хочуол оҥостор, ону таһынан, тэрилтэлэртэн отчуотунас ирдэнэр буолуоҕа. Салгыы маннык семинардары, үлэлэри ыытан иһиэхпит.