Булуҥ улууһун Бороҕонугар сүөһү кыстыгы туоруур ото булулунна

233

Саха дьоно былыр-былыргыттан дьарык оҥостон кэлбит хайысхата – хороҕор муостааҕы иитии – биһиги улууспутугар Бороҕоҥҥо утумнанар. Билигин бу нэһилиэккэ 30 сүөһү баар, онтон 16-та ыанар ынах.


Роман Бурцев урукку өттүгэр тэрил­либит кооперативыттан тахсан, билигин бэйэтэ туспа баран, фермер быһыытынан үлэлиир. Роман Борисович саха ынаҕа элбиирин туһугар күүһүн уурбута хаһыс да сыла буолла. Киниэхэ билигин 15 сүөһү баарыттан, сэттэтэ ыанар ынах. Ханна баҕарар ынах-сүөһүнү иитиигэ судаарыстыбаттан көмө көрүллэр эрээри, биһиги улууспутугар бу хайысхаҕа биир эрэ көмөлөһөр сала баарын Булуҥнааҕы тыа хаһаайыстыбатын салал­татын салайааччыта Константин Слепцов ыйар. Ол эбэтэр судаарыстыба биир ыанар ынахха 30 тыһ. Солкуобай көмө кө­рөр. Бороҕоттор ынаҕы тэнитэн үөскэп­пэккэ, үүт, эт ыларга эрэ иитэллэр. Хомойуох иһин, билиҥҥи туругунан, ынах ахсаана түһэн турар. Ол да иһин буолуо, үүт туттарааһыныгар көрүллэр субсидия дьаһала биһиги улууспутугар сөп түбэспэт. Быһааран этэр буоллахха, киин улуустарга биир лиитэрэ үүт иһин төлөбүр 30 солк. тэҥ.

Саха киһитин миинэр миҥэтэ, сылгы ахсаана улууска 308 төбөҕө тэҥнэһэн турар, онтон 159-һа биэ. Күһүүргэ – 6 сылгы, Бороҕоҥҥо 100 тахса сылгы бара бил­лэр, онно чааһынайдар – 70 тахса уонна хаһаа­йыстыбалар – 30 тахса, Таймылыыр – 60, Хара-Уулаах – 90 тахса сыс­пай сиэллээхтэр.

Бу сыл кыһынын туоруурга дьон от былаанын толору толордо, онон кыстыкка бэлэмнэрин биллэрбиттэр. Сайын устата 80 тахса туонна от оттоммут. Онон кы­һыны, кыстыгы этэҥҥэ туоруурга сөп буо­лар оту ылбыттарын Константин Александрович этэр. “Сайын үчүгэйдик аас­та диэххэ наада, сөбүгэр күн-дьыл ту­ран биэрэн, дьон оту өлгөмнүк ылла”, – диэн кини этэр.

Улуус эдэр ыччата бэйэбит урукку дьарыкпытыгар, балыка уонна табаҕа тар­дыһара үксээбит. Билигин үгүс ыстаада­ларга эдэр ыччат тиийэн, биригэдьиирдии сылдьаллар.
Быйыл Тиксиигэ эбии саҥа фермер эбилиннэ. Кини куурусса иитэн, нэһилиэн­ньэҕэ сибиэһэй сымыыты атыыга та­һаарарга үлэлэһэ сылдьар. Эһиил улахан куонкуруска кыттар баҕа санаалаахпыт. Онон бөһүөлэккэ бэйэбит эдэр фермербит сибиэһэй сымыытын атыылыа диэн эрэ­нэ күүтэбит. Кинини сэргэ Тиксиигэ си­биинньэ иитээччи Сергей Каурцев иккис сылын үлэлиир. Сибинньэлэргэ диэн бы­йыл уунан биэс туонна уотурба аҕал­тардыбыт. Күһүүргэ икки туонна эбиэс сылгыга хаалбыта, саппаас буолуо диэн, уунан 10 туонна Хара-Уулаахха айанныа, ыксал тирээтэҕинэ бороҕоттор онтон ылан эбиниэхтэрэ”, – диэн кэпсиир тыа ха­һаайыстыбатын салайааччыта.

Ону таһынан, Хара-Уулаах “Приморс­кай” МУТ билигин 30 тахса кырсаны кө­рөр-истэр. Бу саҥа сүүрээни тэрилтэ олохтоохторго үлэ миэстэтин таһаарар сыал­тан тэрийбит. Иллэрээ сыл аҕыйах кырса ылбыттарыттан, билигин ах­саана лаппа элбээбит. Кэлин ахсаана элбээтэҕинэ, тириинэн эргиниэхтэрэ.