Тиксии — Күһүүр — Сахандьа маршрутунан оҕолору ыстаадаларынан тириэрдэр сыаллаах вертолет көттө. Улуус баһылыга Игорь Кудряшов уонна улуус тыатын хаһаайыстыбатын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Константин Слепцов табаһыттар олохторун-дьаһахтарын миэстэтигэр баран билистилэр. Табаһыттарга эбии бородуукта, туттар тэриллэр тиэрдиллибиттэр.
“Булуҥнааҕы” МУТ маҥнайгы, иккис, үһүс нүөмэрдээх ыстаадаларынан сылдьан, үлэһиттэри кытта үлэ хамыытын кытта билсэр мунньаҕы Игорь Кудряшов ыытта. Айан икки сиринэн араҕыста: Чорканди уонна Сахандьа учаастактара. Күһүүр нэһилиэгиттэн ыстаадаларга сайылыы барыахтаах оҕолору ылан, айан суолун тутан, балтараа чааһынан Сахандьа учаастагын булбуттар.
Уопсайа Күһүүртэн тоҕус оҕо көппүт. Түөрт оҕо – бастакы нүөмэрдээх ыстаадаҕа, биэс – иккискэ уонна икки оҕо үһүскэ. Оҕолор ыстаадаларынан түһэн, олохтоох миэстэлэрин булан, үөрүүлэрэ муҥура суох. Билигин ыстаада табалара сайыҥҥы маршрутунан көһө сылдьар кэмнэрэ буоларын Константин Слепцов ыйар. Оҕолор атырдьах ыйын 25 күнүгэр диэри онно сайылыылларын туһунан быһаарыыны ылбыттар.
Табалар туруктара үчүгэй. Баһылык Игорь Владиславович табаһыттары кытта биирдиилээн кэпсэттэ, үлэ хайдах бара турарын, туох-ханнык усулуобуйаҕа олороллорун көрдө-иһиттэ, билистэ. Ону таһынан, табаны көрөөччүлэр туох кыһалҕалаахтарын ыйытан интэриэһэргэстэ.
Тыа хаһаайыстыбатын салаатын салайааччы ыстаадалар биригэдьиирдэрин уонна сүрүн зоотехнигы кытта 2017 сыл сайына хайдах ааһар былааннааҕын, сыалларын-соруктарын туһунан кэпсэттэ уонна өссө биирдэ айанныыр маршруттарын чуолкайдаста. Саҥа төрөөбүт тугуттары харыстааһыҥҥа, производствоҕа араас ороскуот тахсыа суохтааҕын туһунан санатан эттэ.
«Оҕолор үксүлэрэ хас сыл аайы айанныыллар, чугас дьонноругар баралларын наһаа күүтэллэр”, – диэн кэпсиир Слепцов.
Билигин “Булуҥнааҕы” МУТ ыстаадалара дьонунан, оҕо-аймаҕынан туолан, үлэ үгэнигэр түһүнүөхтэрэ. Хас биирдии ыстаадаҕа быһа холоон 20 киһи баар, эбии манна оҕолор кэллилэр. Төрөппүттэриттэн таба салаатын үлэтигэр сүбэ-ама ылан, сатабылларын өссө кэҥэтиэхтэрэ. Онон улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдьан, таба көрүүтүн араас үлэтигэр көмөлөһүөхтэрэ, ыстаада ис-иһигэр киирэн, ымпыктаан-чымпыктаан үөрэниэхтэрэ. Бу оҕолор дьиэ кэргэттэрин, табаһыт удьуордарын, салгыахтара, ааттарын ааттатыахтара.