Быйыл Горнай улууһугар уруккуттан бас билиигэ баар эрээри, докумуона суох 548 сир учуокка турда

194

Горнай улууһугар Уһук Илиҥҥи гектаары ылыы, сайыҥҥы кэмҥэ араас үлэҕэ үтүрүттэрэн, намыраан турар. Мантан антах дьон-сэргэ дьиэҕэ-уокка кэлэн, сири ылыыга күүстээхтик туруннахтарына сатанар. Улуус дьаһалтатын баайга-дуолга, сири кытта сыһыаннаһыыга управлениетын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Айаал Ильини кытта кэпсэттибит.


— Айаал Альбертович, бастатан туран, Уһук Илиҥҥи гектаары ылыыга туох сүрүн үлэлэр ыытыллыбыттарын билиһиннэрэргэр көрдөһөбүн.

— «Уһук Илиҥҥи уокурукка биирдии гектары биэрии туһунан» 119-с нүөмэрдээх Федеральнай сокуон үлэҕэ киириитинэн, элбэх үлэ ыытылынна. Ол туһунан хаста да улуус хаһыатын ааҕааччыларыгар сырдатан турабыт. Урут ылыллыбыт сирдэри чуолкайдыыбыт. Ол курдук, аҥардас быйыл уруккуттан бас билиигэ баар эрээри, докумуона суох 548 сир учуокка турда. Ситэ оҥоһулла илик, докумуоннаах сирдэргэ, 1135 биллэрии дьонтон хомуллан, Федеральнай иһитиннэрэр ситимҥэ көмүскэннэ.

Инникитин тутуу барыахтаах сирдэрин нэһилиэктэринэн чуолкайдаан, саппааска ылыыга ыыттыбыт. Билигин уопсай сүөһү мэччирэҥ сирдэрин докумуоннааһын үлэтэ бара турар. Нэһилиэктэринэн, тэрилтэлэринэн сылдьан, 34 көрсүһүүнү тэрийдибит, семинардары, араас быһаарар-өйдөтөр үлэлэри ыыталаатыбыт.

— Сир ылыан баҕалаахтарга докумуоннаһыыны арыый судургутутар, уочараты аҕыйатар туһугар туох дьаһаллар ылылыннылар?

— Бэйэбит улууспут иһигэр 13 бигэргэтэр киин итиэннэ Уһук Илиҥҥи гектаары биэриини судургутутар, дьоҥҥо чугаһатар инниттэн, 10 боломуочуйалаах уорган аһыллан, нэһилиэнньэни кытта быһаччы үлэлии, көмөлөһө олороллор. Онон ити өттүгэр, мин санаабар, улуус салалтатын өттүттэн сөптөөх дьаһаллар ылылыннылар. Нэһилиэнньэ билигин «уһун уочарат эбэтэр табыгаһа суох» эҥин диир кыаҕа суох. Бары өттүнэн сөптөөх усулуобуйа тэрилиннэ.

— Нэһилиэнньэлээх пууннары кадастрдааһыҥҥа туох үлэ барар?

— Үс нэһилиэнньэлээх пуун кыраныыссалара кадастр учуотугар туруорулунна. Алта сэлиэнньэ сүрүн былааннарыгар уларытыы оҥоро сылдьаллар. Ону таһынан нэһилиэктэр сирдэрин-уоттарын межеваниетын бырайыагын оҥоттороллор. Билигин сири-уоту чуолкайдааһын, онно көстүбүт сыыһалар, картаҕа сөп түбэспэт буолуу баалларынан, кадастр үлэтин кэлимник ыытыыга судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа киллэттэрээри сылдьабыт. 2018 с. бырагыраамаҕа Бэрдьигэстээх уонна Кировскай нэһилиэктэрин киллэрэргэ сайаапка ыыттыбыт.

— Уһук Илиҥҥи гектаары ылыыга төһө киһи баҕа санаатын биллэрдэ, хас киһи ылла?

— Атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, 286 сайабылыанньа киирдэ, 161 схема кадастр учуотугар турда, сири биэрэр туһунан 160 дуогабарга илии баттанна.

— Сыл саҕаланыаҕыттан сирбит барыта кэриэтэ «бороҥунан бүрүллэн турар», хаһан да ыраастанара биллибэт, наадалаах сирбитин кыайан ыла иликпит диэччи элбэх. Итини эн туох диэн быһаарыаҥ этэй?

— Ити чахчы. Сыл саҕаланыытыгар сирбит 87 бырыһыана сабыылаах буоллаҕына, итинтэн билигин 7 бырыһыан курдуга арылынна. Федеральнай суолталаах «Роснедр» тэрилтэ сирбитигэр-уоппутугар урут ыыппыт геологическай чинчийиилэрин үөрэтэн, билиҥҥи ыыта сылдьар үлэлэригэр олоҕуран, сир баайдаах сирдэрин хаалларынан баран, атынын арыйан, росреестргэ чуолкайдаммыт кыраныыссаларын туттарыахтаах. Биһиэхэ быһааралларынан, ити сотору кэминэн биллиэхтээх.

— Сир ылбыт киһи, саҥа сирэ төһө да ханан баарын, хайдаҕын билбитин иһин, анал үлэһиттэринэн быһаартарыахтаах буоллаҕа дии?

— Кэлин араас мөккүөрдэр тахсыбаттарын туһугар, кадастр инженердэрин ыҥыран уруккулуу эттэххэ, баҕана туруортаран, бэлиэтэтэн кэбиһиэхтээх. Биһиэхэ билиҥҥитэ икки инженердээхпит: Ариан Игорович Степанов уонна Евгения Алексеевна Чемезова.

— Кинилэр ыраах нэһилиэктэри барыларын хайдах хабыахтарай, атын исписэлиистэр быһаарар кыахтара суох дуо, сыаната төһөнүй?

— Биллэн турар, анал лицензиялаах, көҥүллээх дьон дьарыктанар, сири кытта үлэлиир исписэлиистэргэ сыһыарыахха сөбүн туһунан этии эмиэ баар. Оннук өҥө сыаната чуолкайдана илик. Дьаһалталар инженердэри эбии куораттан ыҥыттаран, нэһилиэктэригэр үлэлэтиэхтэрин сөп.

— Түмүккэ тугу баҕарыаҥ этэй?

— Уһук Илиҥҥи гектаары ылыыга быһаарыылаах кэмнэр саҕаланан эрэллэр. Судаарыстыба итинник көҥүл биэрэрин, ким да мүччү тутуо суохтаах дии саныыбын. Төһө кыалларынан, сири кытта үлэлээн, тыа дьоно онтон дохуоттаналларын тэрийсэн, кэлэр кэнчээри ыччаттарыгар нэһилиэстибэ быһыытынан хаалларар сүрүн баайдарыттан биирдэстэрэ ити буолуохтааҕын таба туһаныахха.