Чөркөөх түмэлигэр Оксфорд доктора ыалдьыттаата

98

Кулун тутарга ытык Таатта сиригэр, чуолаан Чөркөөхтөөҕү уонна Хадаайы «Таатта» түмэллэригэр Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет профессора, Оксфорд университетын философия доктора Сотери Эндрю Мусалимас үөрэтэр студеннарын кытта ыалдьыттаан бардылар. Профессор Мусалимас Чөркөөххө бу үһүс кэлиитэ буолар.


Бастакы күн Чөркөөх түмэлигэр сэбиэдиссэй Николай Ефимович Попов, Чөркөөх орто оскуолатын директора Роман Владиславович Обоюкин, тумэл үлэһиттэрэ научнай сотрудник Изабелла Яковлевна Жерготова, Оксана Владимировна Жерготова көрсөннөр, истиҥ билсиһии, кэпсэтиһии буолла.

Араас омук студеннара кэлэн биһиги Сахабыт сиригэр үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэ сылдьалларын эттилэр: Вьетнамтан, Кытайтан, Таджикистантан, Намибияттан (Африка) уо.д.а. Ол курдук сыаллара-соруктара биир дойдулаахтарбыт сырдык кэриэстэригэр, уһулуччулаах государственнай деятель, суруйааччы, учуонай, бөлүһүөк Платон Алексеевич Ойуунускай уонна Саха Республикатын норуодунай суруйаччыта, Социалистическай Үлэ Геройа, биллэр общественнай деятель Дмитрий Кононович Сивцев — Суорун Омоллоон төрөөбүт-үөскээбит сирдэригэр сылдьыы, эдэр ыччат билиитэ-көрүүтэ хаҥыырыгар, үөрэхтэригэр матырыйаал быһыытынан эбии саҥа көрүү, көрдөөһүн буолар. Бу күн Н.Е.Попов ыалдьыттары Суорун Омоллоон сайылыгынан, көмүс уҥуоҕар «Чочуобунаҕа», Былатыан Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар сырытыннаран, эдэр дьоҥҥо умнуллубат түгэн, история биир хатыламмат күнүнэн буолла. Чөркөөххө түмэлгэ уонна оскуоланан хонон сынньанан туран, иккис күн сарсыарда 9 чаастан О.В.Жерготова көрсөн Чөркөөх «Саха сиринээҕи политссылкатын» түмэлигэр экскурсияҕа сырытыннарда. Сонурҕаан, тымныыны тымныы диэбэккэ үөрэн-көтөн көрдүлэр-иһиттилэр. Онтон Ытык Күөл Хадаайы «Таатта» түмэлигэр айаннаатылар. Манна Н.Е.Попов, В.Д.Таппыров «Таатта» түмэл дириэктэрэ, старшай научнай үлэһит М.Н.Туласынова о.д.а. көрсөн умнуллубат түгэни бэлэхтээтилэр.

Түмүккэ И.Я.Жерготова ыалдьыттарга түмэл аатыттан өйдөбүнньүк кинигэ бэлэх уунна, түмэл сэбиэдиссэйэ Н.Е.Попов «Чудо-Музей» брошюра-кинигэни тылбаастыырга көрдөһөн профессор Мусалимаска туттарда.

Маннык инникилээх хайысханан үлэлэһэр профессорга Сотери Эндрю Мусалимаска үлэтигэр ситиһиини, эдэр дьоҥҥо ситиһиилээх үөрэҕи, таһаарыылаах үлэни баҕара хааллыбыт. Инникитин да үөрэх кыһаларын кытары ситим быстыбатын.