Үөдүгэй нэһилиэгин Молодежнай микро-оройуонугар хаһан гаас киирэрин кэтииллэр

276

Үөдүгэй нэһилиэгин Күүлэ, Улгумда микро-оройуоннарын аастахха, олус дьэрэкээн көстүүлээх, кыраһыабай дьиэлэрдээх алааска тахсаҕын. Бу — Хоту Алаас, норуокка биллэринэн «Молодежнай» микро-оройуон. Манна 129 ыал учаастага баар, онтон 10-чата дьиэ-уот оҥостон, тэринэн ньир-бааччы олороллор. Үксэ эдэр, элбэх оҕолоох ыаллар олохсуйбут буоланнар, оҕо-аймах үөрүүтэ-көтүүтэ ыраахха диэри иһиллэр. 


Былырыын сайын, күһүн манна гаастааһыҥҥа 7 мөл. 800-тэн тахса солк. суумалаах элбэх үлэ барбыта. Хас биирдии учаастакка стояктар туруоруллубуттара, турбалар тардыллыбыттара. Олохтоохтор «Гаас киирээри гынна» диэн үөрэн-көтөн, докумуоннарын хомуйсан, ким турбаларын тардан, ким гаас оһоҕун туруоран ол түбүгэр сылдьыбыттара. Ол эрэн, үлэ түмүктэнэн, күһүн бүтэн, кыһын кэлэн, гаас киирэрэ-киирбэтэ салгыҥҥа ыйанан хаалбыта. Билигин даҕаны гаас хаһан киирэрэ биллибэт. Күөх төлөн киирэ илик буолан, үгүс ыал дьиэлэрин туттан баран, кыайан малааһынныы иликтэр.

Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатыгар саҥа «Молодежнай» микро-оройуон олохтоохторо кыттыылаах гаастааһын боппуруоһугар улахан мунньах ыытылынна. Саҥа баһылык Валерий Васильев олохтоохтор кыһалҕаларын кытары агитация бириэмэтигэр сылдьан билсибит, хас биирдии ыалы кытары кэпсэтэн, туруорсууларын учуоттаан бу мунньаҕы тэрийдэ.

Дьаһалта специалиһа Евгений Николаев гаас туһунан маннык иһитиннэрии оҥордо: «Республикатааҕы инвестиционнай тэрилтэ сакааһынан ГУП «Стройсельгазификация» газопровод тардыбыта, холбооһуҥҥа докумуоннары оҥорон баран, бу сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларын министерствотыгар саҥа туттарда. «Молодежнай» микро-оройуонугар гаас ситимэ «Сахатранснефтегаз» тэрилтэтигэр бэриллиэхтээх. «Сахатранснефтегаз» элбэх ыал дьиэлэрин оҥостон киирэрин күүтэллэр, 10-ча ыалы гааска холбуур табыгаһа суох диэн этэллэр. Ол иһин, араас боппуруоһу үөрэтэн, «Эксплуатациялыыр хааччыйыыга» холботторорго сүбэлэһии бара турар«.

Балаҕан ыйын 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка Ил Түмэн депутаттара Виктор Губарев, биир дойдулаахпыт Иван Шамаев о.д.а. кыттыылаах мунньах буолан ааста. Бу мунньахха Виктор Николаевич Үөдүгэй нэһилиэгин «Молодежнай» микро-оройуонун гаастааһынын боппуруоһун суһаллык быһаара охсоллоругар тустаах үлэһиттэргэ туруоруста.

Үөдүгэй дьаһалтатыгар буолбут мунньахха «Молодежнай» олохтоохторо бары кэриэтэ кэлэн аһаҕастык этиннилэр.

Мария Павлова: «Биһиги дьиэ кэргэн үс оҕолоохпут. 2012 сыллаахха «Молодежнайга» дьиэ туттан киирбиппит, уот тардылла илик буолан, дизелинэн туттубуппут. Бастакы сылбытыгар оттукка 20 массыына мас барбыта. Киһи эрэ сонньуйар. 2016 сылга гаас киириэ диэн үөрүүбүтүгэр, дьиэбитин толору хааччыллыылаах гыммыппыт, киһи үчүгэй олоххо тардыһар буоллаҕа дии. Гаас киирэригэр КСТГ-20 диэн оһох туруорбуппут. Тымныылар түстүлэр да, аҕабыт оһоҕун оттортон бокуой булбат. Кыһыҥҥы өттүгэр мин эрэ үлэлиибин. «Оһохтоохпут» диэн санааҕа умса сылдьабыт, киһи ыраах ханна да барбат. Сыл аайы муус устар ыйы кэтэһэбит, хата кыһыны туораатыбыт диэн буолар«.

Людмила Буртахова: «Биһиги 2012 сыллаахха дьиэ туттан киирбиппит, бастакы этээспитигэр дизель холюоммуппут. Улахан тимир оһоҕунан дьиэбитин оттобут, бастакы сылларга ититэр систиэмэбит моһуоктуур этэ, кыһыннары уутун сүөкүү-сүөкүү хачайдыыр этибит. Кэлин ТЭН холботторбуппут, субсидированнай эрээри, кыһын тымныыларга биир ыйга 10-тан тахса тыһ. солк. төлөөн олоробут. Ону таһынан, син биир оһохпутун оттобут».

Зоя Колосова: «Биһиги үс оҕолоохпут. 2013 сыллаахха 120 тыһ. суумалаах «Липснеле» диэн оһох атыылаһан туруорбуппут. Сыанатыгар эппиэттиир эрээри, гаас киирэр түгэнигэр, бу оһох гааска кыайан холбоммот. Оһохпут буруолуур, турбабыт былырыын 2-тэ, 3-тэ умайа сылдьыбыта. Наар баһаарынай үлэһиттэрин ыҥырабыт. Аҕабыт ыраах барыан куттанар, оһоҕун маныыр. Гаас киирэрин кэтэһэбит».

Күннэй Николаева: «Мин «Полевая» уулуссаҕа олоробун, «Молодежнайга» киирбэт уулусса эрээри, биһиги уулуссабытыгар уонна «Аласная» уулуссаҕа гаас көтүтүллүбүт учаастактарыгар киирсэбит. Бырайыак быһыытынан, «Молодежнайга» гаас киирдэҕинэ, биһиэхэ эмиэ киллэриэхтээхтэр. Онон кэтэһэбит«.

Артем Филиппов: «Дьиэбитигэр өр умайар оһох туруорбуппут. Массыынабын атыылаан туран, 120-тэн тахса суумалаах оһох атыыласпытым. Бу оһоххо кураанах маһы эрэ оттобут, биир массыына оттук мас сыаната — 14 тыһ. солк. Сэрэҕэ диэн — оһох оттуллан турдаҕына, уот барар түгэнигэр, оһохпут дэлби тэбиэн сөп. Ол иһин манаан олоруохха наада«.

Бу күн олохтоохтор СР Ил Дархана Егор Афанасьевич Борисов, СР Правительствотын бэрэссэдээтэлэ Евгений Алексеевич Чекин, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Николаевич Жирков ааттарыгар көрдөһүү-сурук бэлэмнээтилэр, илии баттаатылар.