Дүллүкү нэhилиэгэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, тыыл ветераннарыгар уонна нэhилиэк бочуоттаах олохтоохторугар аналлаах «Албан аат» скверэ үөрүүлээх быhыыга арылынна.
Сквери үс улахан стела: «Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттылаахтара», «Yлэ – чиэс, албан аат», «Киэн туттар дьоммут» киэргэтэр. Аттыгар сэрии кыттыылаахтарын кэриэстээн чочуобуна туруоруллубут.
Сквери Оконосов Алексей Арсентьевич салайааччылаах «Охоноос» ХЭТ кылгас кэм иhигэр тупсаҕай аныгылыы оҥордо.
Сквер арыллыытыгар «Дүллүкү нэhилиэгэ» МТ баhылыга Иван Иванович Ан олохтоох нэhилиэнньэ, тустаах тутуу биригээдэтин үлэhиттэрэ кытыннылар. Эҕэрдэ тыллар кэннилэриттэн тэрилтэ салайааччыта Оконосов А.А. аҕаларбыт, эһэлэрбит олорон ааспыт олохторо умнуллубатын туhугар, ону олохтоохтор көрө, ахта-саныы сылдьалларыгар тутааччылар ис дууhаларыттан кыhаллан туран үлэлээбиттэрин эттэ уонна ыччат дьон бу үйэҕэ биирдэ тутуллубут үлэни харыстаан көрө-истэ сылдьалларыгар баҕа санаатын тириэртэ.
Тыыл, үлэ бэтэрээнэ Алексеева М.И. «Эйэ, дьол холууба» ырыаны ыллаан дьиэрэттэ.
Саҥа арыллыбыт «Албан аат» скверэ олохтоохторго история умнуллубат кэрэhитэ буолан, ааспыты санатан ыччаты үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйа, ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну, аҕа көлүөнэҕэ махталы иҥэрэ туруо.