Дьааҥыга олоҥхоһут Охонооһой 100 сылыгар аналлаах тэрээһин буолла

224

Арчы дьиэтигэр А.Н. Томскай-Олоҥхоһут Охонооһой төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах «Дьааҥы – Олоҥхо түһэ» улуустааҕы бэстибээл ыытылынна. Бу күн бэстибээл чэрчитинэн, уран тарбахтаахтар, талба талааннаахтар быыстапкалара тэрилиннэ. «Олох дьоло» диэн Олоҥхоһут Охонооһой туһунан киинэ көрдөрүлүннэ.


Бэстибээл үөрүүлээх арыллыытыгар мустубут дьону, олоҥхону толорооччулары, тарҕатааччылары улуус баһылыгын солбуйааччы М.И. Осипов, А.Н. Томскай үлэтин-хамнаһын сырдаппыт, кини олоҥхотун үйэтитиигэ бэйэтин кылаатын киллэрсибит М.П. Климовская эҕэрдэлээтилэр. Ийэ олоҥхоһут Чаайка Даарыйа удьуор балта М.А. Стручкова, Эҥэ орто оскуолатын учуутала З.Н. Цырендопопова Олоҥхоһут Охонооһойу ахтан-санаан, оҕо саастарыгар кинилиин алтыспыт күннэрин туһунан истиҥник үллэстэн кэпсээбиттэрин кэлбит дьон бары да сэргии иһиттэ.

Бэстибээл кэмигэр уран тарбахтаахтар, талба талааннаахтар быыстапкалара тэрилиннэ. Манна кыайыылааҕынан Софья Рязанская (Боруулаах нэһ.) сиэлтэн сиэдэрэй оҥоһуктара ааттанна. Иккис миэстэҕэ Ольга Соловьева (Эҥэ нэһ.) таҕыста. Кини быыстапкаҕа сыалыһар тириититтэн киэргэллэри, сылгы түүтүн хатайдаан оҥорбут таҥас-сап кэллиэксийэтин, тириигэ уотунан сиэтэн түһэрбит уруһуйдары аҕалбытын дьон олус биһирии көрдө. Оттон үһүс миэстэни Вера Гермогенова (Боруулаах) куукулаларын быыстапката ылла.

Олоҥхону толоруу күрэҕэр уопсайа үс киһи кытынна. М.А Стручкова бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, «Дьааҥы – Олоҥхо түһэ» бэстибээл муҥутуур кыайыылааҕынан Эҥэ орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Марианна Сивцева ааттанна. Кини А.Н. Томскай – Олоҥхоһут Охонооһой «Эрбэх иһигэр иккитэ эргийбит, Эрэйдээх-Буруйдаах Эриэдэ Бэргэн» олоҥхотун толордо. «Эр санаалаах, эркин сүрэхтээх Байды Баатыр» диэн бэйэтин олоҥхотунан кыттыбыт Софья Рязанская бастакы миэстэҕэ таҕыста. Иккис миэстэни «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхону толорбут Андрей Потапов-Айанньыт (Табалаах) ылла.