Даайа Амматын эдэр бааһынайдара үлэттэн толлубаттар

460

Амма өрүс биир маанылаах хочотун үрдүгэр турар Даайа Амматыгар урукку кэмнэргэ дьон-сэргэ сөбүлээн үөскээбитэ, хороҕор муостаах тоҕуоруспута, сыспай сиэллээх сырыырҕаабыта. Ол бэйэтэ ааспыт үйэ 50-с сылларыттан саҕалаан быраҕыллан, эстэн-быстан, бүтэр уһугар кураанахсыйан, чуҥкунуур чуумпу сатыылыыр дойдутугар кубулуйбута. Ити эрээри 80-с сыллар саҥаларыгар өрөспүүбүлүкэҕэ Амма кырыс сирин туһаҕа таһаарыы хамсааһына тэнийэн, манна саҥа нэһилиэк тэриллэн, билигин улуус биир бастыҥ үлэлээх-хамнастаах сиригэр кубулуйда.


Даайа Аммата — эдэр нэһилиэк. Нэһилиэнньэтэ да эдэр, онно эбии эдэр бааһынайдар түөлбэлээн олорор сирдэрэ. Даайа Амматыгар курдук элбэх эдэр бааһынайдаах нэһилиэк ахсааннаах буолуо. Билигин манна төрөппүттэрэ саҕалаабыт дьыалаларын салҕаан, кинилэр хаһаайыстыбаларын бэйэлэрин илиилэригэр ылан, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан, өрөспүүбүлүкэтээҕи граҥҥа тиксэн, сайдыы саҥа суолугар үктэнэн эрэр А.К.Варламов, М.А.Аргунов, М.Н.Винокуров, А.К.Охотина, М.Ю.Егасов, кинилэр тэлбит ыллык суолларын батыһан эрэр П.П.Белолюбскай, О.К.Охотин, В.В.Анисимов, П.Е.Заболоцкай, С.С.Яковлев уо.д.а. курдук эдэр бааһынайдар баар буоллулар. Кинилэр бары бу дойдуга үөскээбит, улааппыт дьон, онон төрөөбүт дойдуларын быйаҥнаах хочотун таба туһанан, нэһилиэктэрин сайдыы саҥа аартыгар таһаарар туһугар кыһаллан үлэлии-хамсыы сылдьаллара атыттарга үтүө холобур буолара саарбаҕа суох.

Эдэр бааһынайдартан биһиги биир хаһаайыстыба хаһаайката Альбина Охотинаҕа сылдьан, хайдах-туох тэринэн-дьаһанан үлэлии-хамсыы олорорун билсэн, көрөн-истэн аастыбыт.

Даайа Аммата Альбина Константиновна төрүт буора. Бэйэтэ үрдүк үөрэхтээх анал идэлээх үлэһит. Ол эрээри төрөөбүт буорга таптала, төрөппүттэрин дьарыктарын салҕыыр баҕата баһыйан, ынах сүөһү иитиитинэн, оҕуруот аһын үүннэриитинэн дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлээбитэ үһүс сылыгар барбыт. Маҥнай тэриннэҕин утаа ТХМ саҥа саҕалыыр бааһынайдарга биэрэр Граныгар тиксэн, теплица, хотон туттан, билигин сүһүөҕэр бигэтик турбут. Быйыл Гранын ордугунан оҕуруот аһын харайар хранилице туттарбыт. Ону таһынан тыа сиригэр олохсуйа хаалар эдэр үлэһиттэргэ тыа хаһаайыстыбатын управлениетын сүнньүнэн бэриллэр дьиэ тутуутун субсидиятыгар тиксэн, номнуо дьиэтин көҥдөйүн туттаран туруорар.

Альбина Константиновна хаһаайыстыбатыгар күн бүгүн 60-тан тахса ынах сүөһү, ол иһигэр 18 ыанар ынах иитиллэн турар. Ааспыт сыллаахха 8 ынаҕы ыан, 10 тонна үүтү туттарбыт буоллаҕына, быйыл 18 ынаҕыттан 20 тонна үүтү туттарар соругу ылынан, үлэлии-хамсыы сылдьар эбит. Быйылгыттан эккэ киирсэр санаалаах. Ол курдук, үс сыллааҕыта булуммут ньирэйдэрэ улаатан, быйыл эккэ барар буолбуттар. Уопсайа 20 сүөһүнү «Таатта» СПК-ҕа туттарарга дуогабардаспыт. Онон аны күһүн эт тоҥор буолла да, сүөһүлэрин буойунаҕа киллэрэргэ бэлэм олорор. Дьэ, оччоҕо үс сыллаах сырата тиллэн, быйыл эт туттаран, бастакы дохуотун ылыахтаах.

Билигин сүөһүбүн-аспын көрөрбөр ийэлээх аҕам көмөлөһөллөр, хаһаайыстыбабыт кэҥээн иһэр, онон сыыйа-баайа эбии үлэһит илии булбут киһи диэн баҕалаахпыт. Оччоҕо үлэбит-хамнаспыт өссө кэҥээн иһиэх этэ. Оппут дьыалатын аҕам уонна быраатым быһаараллар. Сүөһүбүтүн сыл таһаарарбытыгар 30 түгэхтээх наада. Итинтэн күн бүгүн аҥаарын ыллылар, күн-дьыл туран биэрдэҕинэ биир оччо оту оттуохтара. Манна таарыччы эттэххэ быйыл быраатым туспа бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлээн эрэр, — диэн эдэр хаһаайка сэмээр сэһэргиир.

Эдэр бааһынай сайыҥҥы өттүгэр, сүрүн үлэтин таһынан оҕуруот аһынан дьарыктанар. Ол курдук 3 гаалаах бааһынаҕа Өлүөхүмэ Саҥыйахтааҕыттан ылбыт уонна «розара» хортуоппуй суордун олордубут, 160 кв. м иэннээх теплицаҕа оҕурсуу, биэрэс, парниктарынан уонна аһаҕас халлаан анныгар 700 ук помидору, ону таһынан бэйэлэрэ сииллэригэр анаан кыра-кыралаан хаппыыста, моркуоп, сүбүөкүлэ үүннэрбит.

Оҕуруот аһын батарыыта уустуктардаах. Быйыл хортуоппуйу рассадалаан үүннэрэн, эрдэ хостоон, улуус киинигэр киллэрэн атыылыы сырыттым да, үчүгэй аҕайдык ылбатахтара. Итиннэ эбэн эттэххэ оҕуруот аһын харайыыта эмиэ уустуктардаах, ол иһин кэлэр өттүгэр хортуоппуйу сэргэ харайарга табыгастаах буолуо диэммин түргэнник буорту буолбат моркуобу, сүбүөкүлэни дэлэччи олордор баҕалаахпын. Үсүһүнэн, уубут улахан кыһалҕа. Аата Амма үрдүгэр олоробут да, өрүспүт тэйиччи, сэлиэнньэбитигэр водопровод суох. Үс гаалаах хортуоппуйум бааһыната, уубут суох буолан, ардах түспэккэ курааннаан хаалан, үүнүү наһаа бэрдэ суох. Онон кэлэр өттүгэр уу боппуруоһун хайдах эрэ быһаарбыт киһи диэн толкуйдуубун, хааппыланан сиигирдэн үүннэрэр ньыманы интэриэһиргии сылдьабын, — диэн Альбина Константиновна оҕуруот аһын үүннэриитигэр көрсүбүт сүрүн кыһалҕаларын билиһиннэрэр.

Кэпсэтэн бүтэн, таһырдьа тахсан, олбуор иһинээҕи үүнээйилэри кэрийэн көрөбүт. Ханан да киһи хаамар сирэ суох, барыта үүнээйи, оҕуруот аһын эгэлгэтэ өрө анньан турар. Арай ол быыһыгар бэрт толуу астаах эбиэс бурдук үүнэн турарын көрөн, бу тоҕо, туохха анаан үүннэрбиттэрин ыйыталаспыппытыгар дьиэлээх хаһаайын Константин Константинович: «Ээ, ити, кыра сир баарыгар оол сылдьар киһи торбосторугар анаан ыспыта үүнэн турар. Олус бэркэ таҕыста. Билигин оҕолор ону быһан торбосторугар сиэтэллэр», — диэн баран, биһиги кэннибититтэн оонньуур тыраахтарын ыытан батыһан иһэр сиэнин диэки ыйар. Өр-өтөр гыммакка тыраахтарын куопсугар кумах тиэммит уолчаан сирилэтэн кэлэн, кумаҕын ыллык суол аппатыгар таҥнары тутаат, бэрт дьоһуннук туттан, бурдуктаах буолагын ыйан көрдөрө-көрдөрө: «Мин эһэбинээн үүннэрбиппит», — диэн кэпсээннээх буолла. Алеша Альбина Константиновна эдьиийин оҕото.

Дьэ, бу маннык, А.К.Охотина курдук ыарахан үлэттэн чаҕыйбакка, олоххо далааһыннаахтык дайбаан киирбит, күүстээх санаалаах эдэр дьонноох, кырачаан Алеша курдук билиҥҥиттэн үлэ-хамнас диэн тугун билэ улаатан эрэр ыччаттаах буолан Даайа Амматын сарсыҥҥыта сырдык, кэскилэ киэҥ. Даайа эдэр бааһынайдара ийэлэрэ-аҕалара тэлэн кэлбит ыллыктарын өссө кэҥэтэн, саҥаттан саҥаны, бастыҥтан бастыҥы олоххо киллэрэн, нэһилиэктэрин, улуустарын эрэ буолбакка бүтүн өрөспүүбүлүкэни сибиэһэй, иҥэмтиэлээх, экологи өттүнэн ыраас бородууксуйанан харыыта суох хааччыйар кэмнэрэ кэлиэ диэн эрэнэ кэтэһиэххэ сөп.