Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ Былатыан Ойуунускай “Сүүс сыллаах улуу былаан” айымньытын дьүүллэстилэр. “Төгүрүк остуол” улуу бөлүһүөк 125 сылыгар ананна. Төрөөбүт дойдутугар Таатта улууһугар үөрүүлээх тэрээһиннэр буолуохтара.
“Суруйааччы таас дьиэ хаһан тутулларын, сөмөлүөт көтөрүн уонна киһи төһө уһун үйэлэниэн туһунан сөпкө күнүн-дьылын ыйбыт. Бу өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын “суоллааҕы каартата”, — диэн Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччы Изабелла Сивцева бэлиэтээтэ.
Тэрээһиҥҥэ СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр министиэристибэтэ, СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, суруйааччылар, учуонайдар кытыннылар.
Суруйааччы төрөөбүт дойдутугар Таатта улууһун күннэрэ буола тураллар уонна суруйааччы үбүлүөйүгэр ананнылар.