Дьокуускайга Сунтаар күннэрэ саҕаланнылар

145

Сунтаар улууһугар 2018 с. Бэйэ оҥорон таһаарыы сыла биллэриллэн, Сунтаар күннэрэ Дьокуускайга саҕаланнылар.


 

«Сунтаар миигин ыҥырар» Сунтаар улууһун күннэрэ бүгүн сарсыарда быыстапка-дьаарбаҥканан аһылыннылар.

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр атыы-тутуу таһырдьаттан саҕаланна. Дойдуларыттан аҕалыллыбыт ынах, убаһа этин ылаары куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара таһырдьаттан уочаракка турдулар.

Иһирдьэ иккис этээһи тилэри улуустан кэлбит 13 хаһаайыстыба бэйэтэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын туруорда. Удамыр сыанаҕа сип-сибиэһэй сүөгэйи, тоҥмут үүтү, перепелка, куруусса сымыытын, индейка этин уо.д.а. атыыластылар. «Тирэх» тыа хаһаайыстыбатын кооперативын уонна 2015 с. «Хаачыстыба үрдүк стандарта» Бүтүн Арассыыйатааҕы дипломунан, 2017 с. «Хаачыстыба Евразиятааҕы маарката» бочуотунай дипломунан наҕараадаламмыт «Хочо» МУП бородууксуйатын хамаҕатык ыллылар.

Ону сэргэ Бэйэ оҥорон таһаарыы сыла биллэриллибит буолан, уран тарбахтаахтарга, иистэнньэҥнэргэ улахан болҕомто ууруллубута көстөр. Бүгүн даҕаны иистэнньэҥнэр бэйэлэрин үлэлэрин дьон-сэргэ сэҥээрэ көрдө.

Кэмпэндээйигэ хостонор цеолиттан, туустан, Менделеев таблицатыгар баар күндү таастартан оҥоһуллубут бородууксуйалар болҕомтону тартылар. Кэмпэндээйи тууһун туһатын: күөмэйи эмтэнэргэ, вааннаҕа туттарга, хааннарын баттааһыннара уларыйар, тирии ыарыылаах дьоҥҥо туһатын уо.д.а. кыргыттар хас биирдии интэриэһиргээбит атыылаһааччыга билиһиннэрдилэр.

Быыстапка-дьаарбаҥкаҕа кэлбит дьон атыылаһа эрэ буолбакка, биир дойдулаахтарын көрсөн үөрэн-көтөн, аргыый наллаан олорон кымыс, суорат истилэр, минньигэс тортары, сыыр арааһын амсайдылар.