Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ: “Хаптаҕайга гаастан үгээрдээбит уол ыарахан туруктаах»

222

Киэһэ санрейсинэн Мэҥэ Хаҥалас оройуонуттан Дьокуускайга 1 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа аҕыс саастаах уолу аҕалбыттара. Эмчиттэр кинини олох ыарахан туруктаах диэн сыаналыыллар.


“Уол билигин олох ыарахан туруктаах өйө суох сытар, кини тыҥаны искусственнай вентиляциялыыр аппараакка холбоммута. Оҕо уһуннук үгээрдээн сыппыт, онон билигин ханнык эмэ сабаҕалааһыннары оҥорор уустук. Быраастар бары кыаллары барытын оҥороллор”, — СИА-ҕа Саха сирин доруобуйа харыстабылын миниистирэ Людмила Вербицкая кэпсээтэ.

Санатан эттэххэ, Хаптаҕай сэлиэнньэтигэр гаастан үгээрдээбит бэлиэлээх 10 саастаах уол уонна кини 14 саастаах эдьиийин өлүктэрин булбуттара. Суорума суолламмыт оҕолор ийэлэрэ уонна кинилэр бырааттара ыарахан туруктаах балыыһаҕа киллэриллибиттэрэ.

Силиэстийэлиир кэмитиэт чахчытынан, кулун тутар 3 күнүгэр ыал аҕата дьиэтигэр кэргэнин уонна үс оҕотун хаалларан, доҕорун кытта балыктыы барбыт. Хаһаайын доҕоро дьиэҕэ сыста турар гарааска бэйэтин “Тойота-Кроун” массыынатын туруорбут уонна салгын – 5 кыраадыска диэри тымныйдаҕЛюдмила ына, двигатель бэйэтэ үлэлээн кэлэрин курдук балаһыанньаҕа туруорбут. Сылыйдаҕына массыына двигателэ бэйэтэ арахсыахтаах этэ. Кулун тутар 4 күнүгэр төннөн кэлбит хаһаайын дьиэтигэр оҕолорун өлүктэрин булбута. Кини кэргэнэ уонна 8 саастаах уола гаастан үгээрдээн балыыһаҕа киирдилэр. Дьиэ аана иһиттэн хатыылааҕа. Үлэлии турар двигателлээх массыына гарааска турара.

Силиэстийэ салҕанар.