Эбээн-Бытантай улууһугар дойдуларынан киэн туттар дьон олорор

618

Бүгүн кэпсиир киһибит оҕо сааһа халлааҥҥа харбаһар туруук таас хайалар быыстарыгар бүгэн сытар олус кэрэ айылҕалаах Кустуурга ааспыта. Билигин Наталья Романовна Попова — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээтин туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, «Бытантай уоттара» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ. Төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх Далбар Хотун бүгүн 55 сааһын туолла.


Ханна да тиий баар буолаллар ис-истэриттэн сырдыгы-кэрэни, үйэлээҕи сыдьаайа сылдьар мааны бэйэлээхтэр. Туппуттара тупса турар, оҥорбуттара силистэнэн иһэр, эппиттэрэ үйэҕэ хаалар. Биир оннук киһинэн Эбээн-Бытантай улууһугар Наталья Попованы ааттыахха сөп. Бүгүн кини олоххо көрүүлэрин, түбүктээх үлэтин туһунан киэҥ араҥаҕа таһаарабыт.

Идэтэ – олоҕун суолдьут сулуһа

Кыра сылдьан аҕам, убайым «Голос Америки» биэриини радиоприемнигынан истэллэрин, антенната бэрт эрэйинэн хабарын өйдүүбүн. Туох эрэ кистэлэҥи кэпсииллэр быһыылаах диэн, улаханнык тугу да өйдөөбөтөрбүн да, тэбис-тэҥҥэ истэр этим. Билигин санаатахха, информация оччолорго биир идеологиялаах буолан, атын санаа олус сонун буолара чахчы. Сахаров туһунан элбэхтик кэпсэтэллэрэ. Аҕам политиканы ырытарын сөбүлүүрэ, биир сыттыкка сытан «Человек и закон» сурунаалы ааҕар этибит. Онон киниэхэ кулгаах хаата буоларым.

Идэбин таларбар уонна киһи буолан тахсыыбар олук уурбут киһибинэн учууталбын Роза Ивановна Ефимованы ааттыыбын. Оччолорго кини Верхоянскай оройуонун Кустууругар Ленинград куораттан ананан кэлбитэ. Манна олоҕун 20-чэ сылын анаабыта. Блокада ыар тыынын этинэн-хаанынан билбит буолан эбитэ дуу, кыра-хатыҥыр уҥуохтааҕа. Куруук халыҥ саал былаатын санныгар бүрүнэн, муус маҥан хаатыҥкатын кэтэн, куруук тоҥо сылдьар курдук буолааччы. Ол кыра бэйэтэ Пушкин, Лермонтов, Есенин айымньыларын кэпсээн-ипсээн бардаҕына, биһиги харахпытыгар улаатан, улуутуйан көстөрө. «Евгений Онегинтан» быһа тардыыны биэрдэҕинэ, поэманы бүтүннүүтүн нойосуус үөрэтэн кэпсээн-ипсээн биэрэрбит. Оннук оҕону умсугутар уруоктардаах буолааччы. Кэнсиэрдэргэ байыаннай ырыалары нууччалыы ыллаан ньиргитэр этибит. Оччолорго бобуулаах Солженицын, Булгаков айымньыларыттан кытта сибигинэйэн кэриэтэ кэпсээн аһардара. Инчэҕэй маһынан тимир оһоҕун сатаан оттубакка тоҥ хаһаа дьиэтигэр букунайа сылдьара харахпар билигин да көстөр. Төрөппүттэрбит куобах, балык бэристэхтэринэ наһаа үөрэрэ.
Кини биһигини «Хайаан да үөрэхтээх дьон буолуоххут!» диэн олох эрдэттэн компьютер курдук программалаан кэбиспитэ, бэйэбитигэр эрэли үөскэппитэ. Урукку кэм учууталлара предметтэригэр эрэ буолбакка, үөрэнээччи киһи быһыытынан сиэрдээх буолуутугар, оҕо ис туругун байытыыга, гуманизм тыыныгар иитиигэ ордук болҕомтолорун уураллара хайдах эрэ билигин аҕыйаабыт курдук. Туйгуннук үөрэнэр, ол гынан баран ис туруга иччитэх, хаҕыс, бэйэтин иннин эрэ көрүнэр киһи уопсастыбаҕа туһата аҕыйах буолар. Онон учууталым суолун батыһан нуучча тылын уонна литературатын учууталын, филолог идэтин талбытым, кэлин юридическайы бүтэрбитим. Биһиги куурустар сүрүннээн хаһыакка үлэлии барбыттара. Үлэһит быһыытынан Верхоянскай оройуонун хаһыатыгар подчитчиктан саҕалаан хаһыат үлэтин бары үктэлин дабайбытым. Х.И.Рожина, В.М.Филатов курдук күүстээх редакторга үлэлээн айар үлэ умсулҕаныгар ылларбытым. Нэдиэлэҕэ үстэ нууччалыы, үстэ сахалыы тахсар хаһыакка икки тылынан суруйан, тылбаастаан үчүгэй оскуоланы ааспытым.

Киһи бириэмэни талбат

80-90-с сылларга олох оҥкула уларыйар, «сабыылаах» темалар арыллар кэмнэригэр суруналыыстыкаҕа интэриэһинэй этэ. Саҥалыы сүүрээн сайа охсор салгына дууһабытын үөрдэрэ. Эһэ-Хайа ГУЛАГ-ын, оччотооҕу лааҕыр олоҕун, политическай уонна холуобунай хаайыылаахтар утарыта турууларын туһунан докумуоннары ытыы-ытыы ааҕарбыт. Олох сыыһа, албын идеологияны биһиэхэ соҥнууллар эбит диэн мунуу-тэнии да баара. Сэрии кэнниттэн (билигин эмиэ күөрэйэн кэлбит) бандеровецтар сыылкаҕа кэлэн баран, Баатаҕайга, Эһэ-Хайаҕа олохсуйан хаалбыт дьон баара. Олохтоох нууччалар тоҕо кинилэри абааһы көрөллөрүн оччолорго сөҕө саныыр этим. Кэлин кинилэр тыл тылларыгар киирсибэт буолуулара олох дириҥ силистээҕин-мутуктааҕын өйдөөбүтүм. Күчүскэ быраҕыллыбыт бараахтар, хайаны хаһан хорҕолдьуну, таас чоҕу тиэйбит шахталара, хаайыылаахтар туппут суоллара билигин да тымныынан хаарыйарга, кыһалаҥ үлэ хандалытын тыаһа иһиллэргэ дылылар. Дьон ахтыыларынан, хатыылаах боробулуоха кэннигэр баар муус маҥан рояльга үрүҥ эпиһиэрэ оонньуура диэн кэпсииллэрэ. Таас хайалар быыстарыгар хантан хайдах кэлбит рояль эбитэй диэн билигин да сөҕөбүн. Дьааҥы сирэ дириҥ историялаах, араас политическай түгэннэринэн баай кыраай буолан үөрэтэргэ, суруйарга матырыйаал элбэх.

Хайа промышленноһын сайдыыта Эндыбалтан саҕаламмыта. Дьааҥылыыр суолунан ыраахтааҕы кэмиттэн саҕалаан сыылынайдар айаннаабыттара, гражданскай сэрии саҕана Пепеляев, Кулаковскай, кэлин Сталин ГУЛАГын лааҕырыгар политсыылынайдар, хаайыылаахтар тохтоло суох субуллубут суоллара буолар. Бу барыта олохпут хатыламмат историята буолан өйбөр-санаабар, суруналыыс буола уһаарыллан тахсарбар олук уурбута.

Сурук отделыгар үлэлии олордохпуна ыраах Алыһардаах диэн учаастактан кырдьаҕас Өкүлүүс эмээхсин «Телевизорым алдьанна, маастарда ыыттарыҥ» диэн сурук бөҕөтүн суруйаахтыыра. Биир да маастар быраҕыллыбыт ыраах учаастакка барыан баҕарбат этэ. Өкүлүүс наһаа сырдык, истиҥ хоһооннору ыытан хаһыакка таһаартарара. Кинини аһынан, хамнаспын ылаат, Верхоянскай райпотуттан С.И.Юмшановтан нэрээт суруттаран (оччолорго атыыга суох этэ) телевизор атыылаһан, көлөөскөлөөх мотоциклга олорсон айаннаатым. Массыына сырыыта суох. Уларыта тутуу сылларыгар быраҕыллыбыт учаастакка соҕотох кэриэтэ хаалбыт Өкүлүүс эмээхсин барахсан ол телевизорга үөрбүт харахтарын билигин да умнубаппын. Үс уолун үһүөннэрин оһолго сүтэрэн суос соҕотох туран хаалаахтаабыт дьылҕалаах. Ыаллара бука бары киин нэһилиэккэ көһөннөр, хам сааллан турар дьиэлэр иччитэх түннүктэрэ эрэ оҥойоллор. Кини эрэ дьиэтэ самнайан тыын баарын биллэрэр курдуга. Ол онно өйдөөбүтүм: дойдутугар суос соҕотох туран хаалбыт саастаах киһиэхэ телевизор хайдах курдук суолталааҕын, барытын солбуйарын… Өкүлүүс сүөгэй үүттээх чэйин иһэ-иһэ уһуннук кэпсэттибит. Аҕата 1940 сыллаахха Чэҥкэлээх үрэҕин баһыгар Бертин экспедициятыгар сирдьит быһыытынан сылдьыбыт. Онон аан бастаан Адыаччы көмүһүн булалларыгар көмөлөспүтэ диэн кэпсээбитэ. Төннөрбөр дьиэтин таһыгар тахсан өргө дылы далбаатыы хаалаахтаабыта.

Өкүлүүс аҕата сирдээбит сиригэр көмүс хостоооччулар олороллоругар анаан толору хааччыллыылаах Лазо диэн бөһүөлэк бэрт кылгас кэм иһигэр тутуллубута. Оттон Өкүлүүс төрөөбүт түөлбэтэ сабыллан, быраҕыллан, сирэ-уота, уута-хаара киртийэн суос-соҕотох туран хаалаахтаабыта миигин олус харааһыннарбыта. Норуотум дьылҕата… Өкүлүүс аҕата кэриэһин этэригэр: «Кыысчааныам, өбүгэлэрим «Алмаас киһи хараҕын уута, көмүс киһи хаана» диэн сэрэппиттэрин толорботохпун» диэбит. Төрөөбүт түөлбэтигэр айылҕа айгырааһынын аҕалбытыттан кэмсинэрин биллэрдэҕэ. Адыаччы үрэҕин таҥнары олорор нэһилиэктэргэ кэлин кырдьык дьон доруобуйата улаханнык аһыаҕыра сылдьыбыта. Биолог, кырдьаҕас учуутал Н.Г. Божедонов диэн Адыаччы үрэҕин кыйа олорор нэһилиэктэр доруобуйаларын туругун ырытан, таблица оҥорон ыыппытын хаһыакка таһаарбыппыт.

Билигин промышленность улаханнык өтөн киирэн эрэр глобализация үйэтигэр төрүт сир, олохтоох норуот правовой, социальнай, экономическай өттүнэн көмүскэллээх буолуута тулхадыйбат ирдэбил буолла. Киһи быраабыгар боломуочунайдыы сылдьан 2008 сыллаахха «Найдут ли консенсус оленевод и геолог?» диэн ыстатыйаҕа олохтоох норуот «промышленнай экспансия» тоҕо анньан киириитигэр көмүскэлэ суоҕун таарыйан суруйбутум «Ил Түмэн» хаһыакка тахсыбыта. Бу ыстатыйаҕынан кэлэн дакылаатта аах диэн Санкт-Петербурга буолбут «Цели развития тысячелетия и принципы устойчивого развития Арктических регионов России» Конгресска ыҥырбыттар этэ да, суруктара хойутаан кэлэн кыттыбатаҕым. Конгресс сборнигар ыстатыйабын киллэрбиттэр этэ, ол аата ыраах олорор дьон куоласпыт эмиэ иһилиннэҕэ.
Хоту дойду дьоно айылҕа оҕолоро буолабыт. Уйулҕабыт олус чараас, айылҕабыт уйан. Сиэппэр Өксөкүлээх «Ойуун түүлэ» кыракый кинигэтин укта сылдьабын уонна кини үйэлэри уҥуордаан өтө көрүүтүн сөҕө-махтайа саныыбын. Отучча сыл хаһыакка үлэлээн олох араас түгэннэрин көрөн, дьону кытта кэпсэтэн, ырытан көрүүбэр, хайдах эрэ күндү тааһы булан да баран дьолломмотох Чурумчукуттан соччо ырааппатах курдукпут. Маннык баай дойдуга олорор буолан баран, тоҕо наһаа дьадаҥыбытый диэн санаа үүйэ-хаайа тутар. Бырааппыт чуолкайдык суруллан сокуонунан араҥаччыланыахтаах дии саныыбын. Сахалыы да толкуйдаан көрдөххө, бэйэҥ сиргэр бэйэҥ хаһаайын буолуохтааххын. Табаһыт уонна сир баайын хостооччу утарыта көрсөн олорон дуогабарга тэҥ бырааптаах партнер быһыытынан илии баттаһан хардарыта өйөбүл, өйдөһүү суолугар киириэхтээхтэр. Республика салалтата «Гектар сокуонугар» элбэх уларытыылары киллэртэрэн, төрүт харыстанар сирдэри уонна олохтоох омуктар түөлбэлээн олорор сирдэрин атыыга барбат гына дьаһаммыта саамай сөптөөх хардыы. Босхо бэриллэр сири бэйэбит төһө кыалларынан көхтөөхтүк ыла сатыахпытын наада диэн политика билигин бара турар, ону дьон ситэ өйдөөбөт. Геополитика олус сытыырхайан, онтон сылтаан сэриилэр бара турар кэмнэригэр аһары түһэр кыахпыт суох, ону эмиэ өйдүүрбүт наада.

90-с сылларга бастакы Президент М.Е.Николаев национальнай концепцияны олоххо киллэриитин саҕалаабыта. Хайдах эрэ өрө көтөҕүллүү, олоҕу саҥалыы көрүү, тобуктаан олорбут норуот сүһүөҕэр туруутун санатар, омук быһыытынан уратыгын өрө тутуу сырдык кэмнэрэ сүрэхпитин өрүкүтэрэ. Суруйааччы Владимир Солоухин Өксөкүлээх «Ойуун түүлэ» поэматын нууччалыы тылбаастаабытын кэлии дьоннор аахтыннар диэн «Вести Верхоянья» хаһыакка таһаарбытым. Ону ааҕан баран сахалар бэйэҕит улуу Нострадамустаах эбиккит диэн улаханнык соһуйаллар этэ.

Ол гынан баран олох оҥкула тосту уларыйыыта 70-80-с сыллардааҕы көлүөнэ дьоҥҥо охсуута эмиэ улахан этэ. Комсомол-коллективизм идеологиятыгар иитиллибит буоламмыт, саҥалыы өйү-санааны, уопсастыба баай-дьадаҥы араҥаҕа арахсыытын, сатаан ылымматахпыт. Онон улугуруу кэмиттэн сылайбыт, туох эрэ саҥаны кэтэспит дьон икки кытыл ыккардыгар ыйанан хаалбыт курдук буолбуппут. Ол содула үгүс чаҕылхай ыччаппытын хараҥа оборчоҕо тимирдибитэ хомолтолоох.

«Биһиги баарбыт!»

Баатаҕайга 10-ча сыл үлэлээбитим. Сахалар аҕыйах буоламмыт, олус түмсүүлээх этибит. Урукку кэм ыччата романтиктар буоламмыт, «Оттепель» 60-с сыллардааҕы эдэр дьонуттан ырааппатахпыт. Костер аттыгар гитаранан ыллааһын, походтар, туох эрэ сырдыгы ыралааһын… Экстремальнай туризм Дьааҥы сиригэр өссө 1945 сыллаахха саҕаламмыта. Сэриигэ хоту оройуоннартан, нэһилиэнньэтэ аҕыйах буолан, дьону ылбатахтара. Үлэ фронугар анаммыттара. Улуу Кыайыыны уруйдаан, 1945 сыллаахха хайыһардьыт 7 хорсун-хоодуот саха уола, комсомуол 1 сэкирэтээрэ Н.Неустроев салалтатынан Верхоянскай- Дьокуускай-Верхоянскай суолунан 2254 км хаампыттара. Олунньу томороон тымныытыгар 16 күн харса суох сүүрэн, очуос таас хайалары, тоҥмот таас үрэхтэри уҥуордаан, Дьокуускайга үктэммиттэрэ. Икки нэдиэлэ буолан баран, эмиэ 16 күн айаннаан, Верхоянскайга төттөрү кэлбиттэр. Үгүстэр бу харса суох сырыыларыттан тымныйан кылгас үйэлэммиттэрэ эрээри, Кыайыыга кылааттарын киллэрбиттэрэ.

1983 сыллаахха муус устарга биир дойдулаахтарын дьоруойдуу сырыытын хатылыыр сыалтан, Сергей Булатов салайааччылаах геолог уолаттар Дьокуускай-Верхоянскай суолунан велосипедынан айаннаабыттара. 14 хонук айаннаан, 1200 км олус уустук айаны тулуйан, Верхоянскайга этэҥҥэ эргиллибиттэрэ. Кинилэр бу сырыылара барыта Виталий Миронов айанын дневнига буолан оройуон хаһыатыгар тахсыбыта.

1990 сыллаахха уларыта тутуу сайа охсор сөрүүн тыала, романтика эмиэ уолаттарбытын ыраах айаҥҥа угуйар. Бу сырыыга ааспыт пробег кыттыылааҕа, Баатаҕайга Янгелогияҕа үлэлиир Виталий Мироновтаах аны Баатаҕай-Аляска маршрутунан велосипедынан айанныырга быһаарыналлар. Кырдьыгынан эттэххэ, 4100 км урут биллибэтэх суолунан айанныахтаахтарын истэн салла санаабыппыт. Геолог уонна авиатор идэлээх бары саха уолаттара этилэр. Баатаҕай бөһүөлэгин болуоссатыгар мустаммыт кымыһынан айах тутан атаарбыппыт. Кулун тутар, муус устар ыйдарга уолаттар Берингов проливка тиийэн баран, визалара сатаммакка, айаннарын төттөрү тутан этэҥҥэ кэлбиттэрэ. Билигин санаатахха, экстремальнай туризмҥа биир бастакынан суолу арыйбыт хорсун, хоодуот уолаттар эбит! Бу сырыы Саха сирин рекордун Кинигэтигэр киирбитэ. Итинник дьону кытта алтыспыппыттан олус дьоллоохпун уонна «сүппүт көлүөнэ» диэн ааттыылларын ылыммаппын.

Төрүт дьарык туһугар туруулаһыы

Эбээн-Бытантай улууһа дириҥ историята миигин олус интэриэһиргэтэр. Хотугу Бытантайга биһиги төрүттэрбит саха саадьаҕай ынаҕын, ураты тулуурдаах сылгытын илдьэ кэлбит үтүөлээхтэр. Эһэм хотуурун, эбэм кыраабылын сүгэн, сааһыран үлэни кыайбат буолуохтарыгар диэри, ходуһаларыгар бара турааччылар. Дулҕалаах, уулаах сир буолан техника улаханнык туттуллубат, сотолорун ортотунан ууну кэһэ сылдьан оттууллар. Хоту сиргэ сүөһү, сылгы тутуута олус уустук да буоллар, фермердары чопчу өйүүр хамсааһыннар бырабыыталыстыба таһымыгар ылыллан, эдэрдэр бу салааҕа ылсан, база тэринэн үлэлээн эрэллэрэ үөрдэр.

Миигин сэрии саҕанааҕы сыыппаралар сөхтөрөллөр. 1939 сыллаахха колхуостарга 9228 таба, 1132 сылгы, 582 ынах сүөһү иитиллэн турбут эбит буоллаҕына, 1942 с. оройуон колхозтарыгар 841 ынах, 1261 сылгы, 10847 таба, 1945 с. ынах — 1131, сылгы — 1368, таба — 14814 төбө баар буола сылдьыбыта биллэр. Эти, үүтү туттарыыга былаан икки бүк туолбут. 1941 сыллаахха 199400 солк. түүлээх хомуллубут.

Сыыппаралартан көрдөххө, ити барыта биһиги эһэлэрбит, эбэлэрбит уһулуччу дьулуурдаах, «Барыта фронт туһугар!» диэн бэйэни харыстаммат күүрээннээх үлэлэрин түмүгэ. 1939 с. биэрэпис түмүгүнэн оройуоҥҥа 2258 киһи олорбут эбит буоллаҕына, 1945 сыл тохсунньу 1 күнүгэр 1884 киһи хаалбыта. Сэрии сут дьыллара, ыар нолуога, хаҕыс тыына уһук хоту да сиргэ дьону харыстаабатаҕа.

Хас биирдии сыыппара кэннигэр — дьон дьылҕата… Кырдьаҕастар ахтыыларын аахтахха, хотон чэҥ мууһугар хам сыстыар диэри тоҥо-хата үлэлиир кыракый кыысчаан, бүтэһик нуорма үүтүн тоҕо түһэрэн буору хаһыйа-хаһыйа ытыыр аччык оҕо, сэрии тыйыс нолуогун уйбакка сутаан өлбүт кырдьаҕас, Эһэ-Хайаҕа үүрүллэн суорума суолламмыт эр дьон, таас хайаларынан, тоҥмот тарыҥынан дьүккүөрдээхтик таһаҕас тиэйэр табаһыт, хам аччык сылдьан бүтэһик түүлээҕин фронт туһугар туттарар сорсуннаах булчут… Бу барыта сэрии кэмин тыйыс чахчылара.

Дьиэ кэргэнэ

Кэргэним С.А. Захаров Хаҥалас Покровскайыттан төрүттээх, «Сахателеком» ЛТЦ салайааччыта. Устудьуоннуу сылдьан билсибиппит. Көнө, судургу, албыны-көлдьүнү олох сөбүлээбэт майгытын аҕабар майгыннатан сөбүлээбитим. Аҕам Р.С. Попов Нам Хатырыгыттан сыдьааннаах. 60-с сылларга ийэм дойдутугар Кустуурга Намтан көһөн кэлбиттэр. Иккиэн кооперативнай техникумҥа үөрэнэ сылдьан билсибиттэр. Хоту дойдуну сөбүлээн иккис дойду оҥостон манна көмүллүбүтэ. Эбэбинэн баай төрүттээх буолан уонна «норуот өстөөҕүн» аймахтара аатыран, Булуҥҥа бараннар Быков Мыска литовецтары кытта олорон эрэй бөҕөтүн көрөн эргиллибиттэр. Дьон тымныыттан, аччыктаан сылбах курдук өлөрүн саһааннаан иһэр этилэр диэн кэпсиирэ. Эһэбит Испирдиэн оҕоннньор ойуурга сылбах маска саһан олорон Максим Аммосов суругун уйадыйа ааҕарын кистээн көрөр этибит диэн аҕабыт кэпсиирэ. Эһэбит сураҕа суох сүппүтүн булбатахтар. Аҕабыт бу туһунан тугу эмит кэпсээри гыннаҕына, эбэм тоҕо эрэ тохтотон кэбиһэрэ. Сойуолаһыы содула буолуо диэн сэрэйэбин. Кэлин Дьокуускайга М.А.Охлопкованы кытта билсэн Хатырыкка бара сылдьыбыппыт. Уруу-аймах дьоннорбут сойуолаһыыттан күрэнэн хотунан-соҕуруунан түспүттэрэ диэн кэпсиир этэ. Кинигэ таһаарар былааннаах этэ да урукку дьарҕата көбөн олохтон барбыта.
Биһиги икки уоллаахпыт, икки сиэннээхпит. Уолаттар аҕаларын суолун батыһан иккиэн техническай идэни талбыттара: улахан уол сибээс инженера, кыра уол ИТФ архитектурнайын бүтэрээри сылдьар.

Салайар тэрилтэтэ

2013 сыллаахха бэйэбит бырайыактаан, акылаатын түһэртэрэн саҕалаан, онтон Бэчээт, «Үтүө дьыала» департаменнара, улуус баһылыга өйөөннөр Айар дьиэ туттарбыппыт. Ураһа курдук тутуулаах фойелаах. Бу дьиэбитигэр көннөрү редакция эрэ буолбакка, улуус духуобунай Айар киинэ буоллун диэн концепция оҥорон олоххо киллэрэбит. Манна араас презентациялар, быыстапкалар, айар түмсүүлэр, общественнниктар мусталлар. Кулун тутар 5 күнүгэр фойебытыгар виртуальнай музей арыллан үлэлиэхтээх. Онон туруорбут сыалбытын толорон иһэбит.

Хаһыат бастатан туран дьону түмүөхтээх, үлэҕэ-хамнаска угуйуохтаах, ону кытта духуобунаһы, сиэри-туому, төрүт култуураны тэҥҥэ тутан пропагандалыахтаах дии саныыбын. Интернет, соцситимнэр олус элбэх информацияны биэрэр буоланнар, оҕо ситэ илик өйүгэр-санаатыгар куһаҕан өттүнэн дьайыылара эмиэ улахан. Оҕо үтүөнү-мөкүнү сатаан сиидэлээбэт. Ол иһин биһиги оҕолорго, ыччаттарга анаан кинилэри түмэр «Сыккыс» уонна «Сырдык сүүрээн» диэн анал хаһыат, балаһа таһаарар буолбуппут ыраатта. Билигин ааҕар-суруйар оҕолорбут олус элбээтилэр, сыллата кэриэтэ биирдии оҕо ХИФУ суруналыыстыка салаатыгар киирэригэр көмөлөһөбүт. Икки кыыспыт үрдүк үөрэхтэрин бүтэрэн кэлэн, бэйэбитигэр үлэлии сылдьаллар. Сорохтор куоракка хаалаллар. Билигин 2 устудьуоннаахпыт. Онон кадр боппуруоһа биһиэхэ турбат.

Ааспыт күһүн олохтоох суруйааччылар айымньыларыгар «Бытантай ааҕыыларын» ыыппыппыт, онно 160 оҕо дакылаат суруйан, хоһоон ааҕан, быыстапкаҕа кыттан Айар дьиэбит оргуйан олорбута. Оскуолалары, Оҕо киинин кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибит. Маны таһынан «Очуос» диэн чөл олоххо, спортка аналлаах, «Киһи уонна сокуон» диэн правовой сырдатыыга, «Гулун» олохтоох эбээннэр тылларыгар, сиэрдэригэр-туомнарыгар аналлаах, «Тускул», «Холумтан» диэн дьиэ кэргэҥҥэ, оҕо иитиитигэр аналлаах анал балаһалары таһаарабыт. Онон нэһилиэнньэ бары араҥатын хабан хаһыакка сурутуубут үрдүк, дьон ааҕар буоллаҕына, ол аата үлэбит хайысхата сөптөөх дии саныыбын.

Граннарга кыайбыт үппүтүнэн германскай кинигэ бэчээттиир тэрил ылбыппыт, онон улууска кинигэ бэчээттиир буолбуппут иккис сылыгар барда. Быйыл суруналыыстар куонкурустарыгар кыттан «Издатель года-2016» ааты сүгэммит наһаа үөрдүбүт. Бу сылтан саҕалаан «Очуос» диэн өҥнөөх сурунаал таһаарыытын саҕалаатыбыт.

Уопсастыбанньык

Киһи быраабыгар боломуочунайдаабытым, элбэхтик улуус, нэһилиэк депутатынан талылла сылдьыбытым, билигин улуустааҕы Дьахтар комитетын бэрэссэдээтэлинэн үлэлиибин. Бу үлэ элбэх бириэмэни ирдиир уонна олус эппиэтинэстээх. Улуус барытын Ийэтэ буолбут курдук сананан кыһалҕалаах ыалларынан сылдьан, оҕолорго көмөлөһөн, ыал олоҕо нус-хас буолуутугар үлэлэһэ сатыыбыт. Туох баар кыһалҕа, өлүү-сүтүү, ыал ыалынан ыһыллыыта, ийэ-оҕо айманыыта барыта арыгыны кытта сибээстээх. «Дьылҕаҥ – бэйэҥ илиигэр» диэн кинигэ оҥорон таһаарбыппыт. Манна Мандар Уус арыгылааһыны саха итэҕэлин кытта тэҥҥэ тутан сэрэтэр суруйууларын, араас соцситимнэргэ тахсыбыт улаханнык бүдүрүйэн баран өрүттүбүт дьон дьиҥ олохтон ылыллыбыт суруйууларын, иһэр-аһыыр төрөппүттэрдээх оҕолор айманыыларын киллэрбиппит. Уонна улуус нэһилиэктэринэн босхо тарҕаттыбыт. Бу кинигэ ыраах сиргэ психолог оруолун толорон дьон өйүгэр-санаатыгар дьайар дии саныыбын. Сотору иккис чааһын таһаарыахпыт. Мандар Уус этэринии «Бүгүн өйдөммүт, сарсын көнөр, өйүүн чэчириир». Кини кинигэлэрэ мин остуолбар сыталлар. Мин кинини саха Конфуцийын курдук ылынабын. Судургу буолан баран дириҥ көрүүлэрэ олус көмөлөһөллөр.

Улуус нэһилиэктэрэ 100% арыгы атыытыттан акаастанарга диэн быһаарыныы ылыннылар. Билигин кыһыҥҥы суолунан арыгыны тиэйтэрбэт курдук гына үлэлиэхпит диэн сүбэлэстибит. Бу кыһалҕа омук быһыытынан тыыннаах, чөл туруктаах хаалыыбытын кытта ыкса сибээстээх буолан, республикаҕа государственнай политика быһыытынан бара турара саамай сөп. Эдэр көлүөнэ дьон билигин урукку курдук арыгыны эккирэтэ сылдьан испэт буолла. Ол аата өйдөөх саҥа көлүөнэ дьон кэлэн эрэллэр диэн олус үөрэбин.

Наталья Романовна айар куттаах. Суруйар хоһоонноро киһини толкуйдатар уратылаахтар. Онон умсугутуулаахтар.

Көҥүл санаа
Албыны ылыммат суобаһым,
Үрүҥү мин хара диэбэппин,
Сүүрүгү утары устабын
Уустугун биллэрбин даҕаны.
Хаарчахха дууһабын хаайымаҥ,
Санаабын самнара сатаамаҥ,
Өбүгэм көҥүлгэ дьулуура
Өһөстүк мин хааммар иҥтэҕэ.
Тобуктата сатаан эрэйдэнимэҥ,
Суобаспын атыылыам кэриэтэ
Мин эбэм дьылҕатын хатылаан
Тулуйуом бу олох хаһыҥын.
Тулалыыр таас хайаларым —
Саҥата суох мин харабылым,
Бар дьонум, дойдум таптала –
Мин ыстаал кытаанах куйаҕым!