Саҥа үөрэх дьылын И.Н.Слепцов аатынан Кустуурдааҕы агрооскуола тэтимнээхтик саҕалаата. 2017 сыл бүтүүтэ — ахсынньыга бу үөрэх тэрилтэтэ арыллыбыта 85 сылын уонна Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна И.Н.Слепцов төрөөбүтэ 100 сылын туолар үөрүүлээх түгэнин бэлиэтиэхтэрэ.
Ил Дархан оҕо уонна ыччат хамсааһыныгар ураты болҕомтону ууран, кэлэр 10 сылга бары өттунэн сайдыылаах, билиҥҥи кэм балысхан тэтимин кытта тэҥҥэ хардыылаан иһэр кыахтаах саҥа көлүөнэ дьону иитэн таһаарыыга сорук туруорбута. Маны тэҥэ кини таһаарбыт ыйааҕар олоҕуран республикаҕа 2030 сылга диэри оскуола паартатыттан саҕалаан тохтоло суох аграрнай үөрэхтээһин ситимэ олохтонуохтаах. Ол эбэтэр тыа сиригэр оҕо төрөөбүт түөлбэтин, өбүгэлэрин төрүт дьарыгын кытта ситимин сүтэрбэккэ, салгыы үөрэнэн саҥалыы көрүүлээх, аныгылыы хайысханан тыа сирин сайыннарар кыахтаах дьон буола улаатан тахсыыларын тускула ууруллуохтаах.
Норуот үүнэр-сайдар тосхоло, духуобунаһа тыа сирин уонна төрүт дьарык сайдыытын кытта ыкса ситимнээх. Өбүгэлэрин сиэрдэрин-туомнарын тутуһар, төрүт дьарыгыттан тэйбэтэх, үлэни кыратыттан үлэлии үөрэммит оҕо бигэ тирэхтээх, чөл куттаах, сиэрдээх киһи буола улаатар.
Кустуур орто оскуолатын директора Анна Егоровна Никитина уонна бу оскуола учууталлара билиини кытта тэҥҥэ тыа сирин үлэтин-хамнаһын, төрүт дьарыгын тэҥҥэ тутан дойдуларыгар бэриниилээх дьон буолан тахсалларыгар хайысхалаан үөрэх тиһигин сүрүннээн ыыталлар.
Биһиги Эбээн-Бытантай улууһугар Кустуур оскуолатыгар дириэктэри солбуйааччыта Р.Н. Макаровалыын агрооскуола үлэтин туһунан кэпсэттибит:
— Биһиги оскуолабыт 2015 сылтан бастаан Е.А.Попова көҕүлээһининэн агро-оскуола статустаммыта. Кэлин бу үлэни уопуттаах салайааччы А.Е.Никитина олус эрчимнээхтик ылсан үлэлэтэр. Оҕону тыйыс усулуобуйалаах хоту сиргэ өбүгэлэрбит төрүт дьарыктарыгар сыһыаран, тыа сирин үлэтигэр-хамнаһыгар, өй-санаа, эт-хаан өттүнэн сайыннаран, толлугаһа суох, чөл өйдөөх, бэйэтин сыалын ситиһэр, дойдутун туһугар туруулаһар, бэриниилээх, туһалаах киһини иитэн таһаарыы — сүрүн сыалбыт буолар.
Биһиги билиҥҥи ирдэбилгэ сөп түбэһэр үлэни кыттыһан бары ыыттахпытына эрэ үтүө түмүктээх буоларын өйдөөн үлэни сүрүннүүбүт. Макаренко этэн турар: «Учуутал үлэтэ ситиһиилээх буоларын туһугар төрөппүтү бэйэтигэр «союзник» оҥоруута — ситиһии төрдө», — диэн. Быйылгы үөрэх дьыла саҕаланаатын күргүөмнээх үлэ күөстүү оргуйда: оҕолуун-уруулуун, төрөппүттэрдиин, учууталлыын бука бары биир санаанан тахсан күһүҥҥү үлэлэргэ туруннубут. Оскуолабыт үбүлүөйүн көрсө оскуолабыт иннигэр фонтан оҥорон киллэрэн оҕо-аймах үөрүүтэ улахан. Бу фонтаны оскуола үлэһиттэрэ В.А.Захаров, И.Т.Петров, М.И.Слепцов оҥордулар.
Ханнык да үлэни ыарырҕаппакка ылсар киһиттэн кэскиллээх ыччат үүнэн-сайдан тахсар. Агро хайысхалаах оскуола да буоларбытынан, тыа хаһаайыстыбатын үлэлэригэр үс нэдиэлэ устата буһа-хата, үөрэ-көтө кыттыстыбыт. Билиҥҥи үйэ сайдыытын тэтимин баттаһа тэҥҥэ үүнэбит-сайдабыт эрээри, оҕо аймах тыа сирин үлэтигэр кэлин улаханнык сыстыбат буолбута баар суол. Маннык көстүү кэтэх сүөһүтэ суох ыалларга ордук көстөр. Иккиһинэн, компьютер, интернет курдук олус наадалаах ситим үөдүйэн, биир өттүнэн ыччакка кэхтиини аҕалла. Оҕо кыра сааһыттан олоорчох буолла. Оонньуура эрэ телефон, планшет. Бу оҕо доруобуйатыгар, эт-хаан өттүнэн сайдыытыгар улахан охсуулааҕа биллэр. Интернеттан кутуллар информация да араастаах буолар, агрессивнай киинэлэр, оонньуулар оҕоҕо охсуулара эмиэ улахан. Оҕо ситэ илик өйө-санаата ону сатаан сиидэлээбэт. Оттон урукку кэм оҕолоро ыраас салгыҥҥа сүүрэн-көтөн, үрүҥ-хара үлэни кыраларыттан билэн, үлэлээн-хамсаан, оттоон-мастаан олоххо быдан бэлэмнээх, чэгиэн дьон буолан тахсаллара.
Күһүҥҥү үлэ былаанын быһыытынан оскуола тиэргэнигэр ырааһырдыы, көҕөрдүү уонна аны сааскы үүнүүгэ бэлэмнэнии үлэлэрэ ыытылыннылар. Оскуола орто cүһүөx кылаастарын оҕолоро оҕуруот аһын хостооһуҥҥа, улахан кылаастар буор, ноһуом тиэйиитигэр уонна көҕөрдүү үлэтигэр сырыттылар. Оҕуруот ыhap сирдэрин кэҥэтии үлэтэ билигин да бара турар, эбии дьааһыктары туталлар. Хоту дойду тыйыс усулуобуйатыгар оҕуруот аһын үүннэрии олус уустук да буоллар, оҕолор бэйэлэрин илиилэринэн үүннэрбит астарын олус астына көрөллөр.
Төрөппүт өттүттэн уонна тэрилтэлэртэн субуотунньукка көдьүүстээх көмө оҥоһулунна, тиэхиньикэнэн тиэйиигэ, харбыл биэрэн бэркэ өйөөтүлэр. Кыра да көмө улахан суолталаах.
Кэпсэтээччим этэринэн, былырыын эрдэ агросубуотунньуктар буолбуттар, төһө да тымныы сайын буоллар, үүнүүнү син ылбыттар. Манна производственнай маастардар Людмила Афанасьевна Осипова уонна Вера Герасимовна Стручкова күүскэ үлэлээбиттэрин бэлиэтиир. Аны эһиилги сылга сирдэрин кэҥэтэн ыһыыны элбэтэргэ былаанныыллар.
Быйылгы үөрэх дьылыгар оҕолор уонна учууталлар бары күргүөмүнэн отон хомуйуутугар биир күн анаан тахсан биирдии киһи З-түү киилэни туттарбыт. Онон кыһын устата доруобуйаҕа туһалаах муорус утаҕын иһиэхтэрэ.
Оҕо кэлэктиипкэ тэҥҥэ үлэлээн, бэйэтин илиитинэн тутан-хабан, ылсан үлэлээтэҕинэ үлэни сыаналыы үөрэнэр. Оҕолор учууталларын кытта күһүҥҥү практикаҕа бары биир тэҥник үлэлээтилэр. Үлэлэрин түмүгүнэн: 76 куул буору, 60 куул ноһуому, 40 куул кумах, 6 куул эпиилкэ, 31 титирик, 30 улахан таас, 50 харбыл, 50 хаптаһын хомуллубут.
Саха ынаҕын иитииннэн дьарыктанар ГБУ ГП «Бытантайы» кытта оскуола дуогабар түһэрсэн үлэлиир. Саас, күһүн 8-10 кылаас үөрэнээччилэрэ үөрэх ирдэбилинэн үлэ практикатын фермаҕа бараллар. Уопсайынан урут да, билигин да оскуола оҕолоро фермаҕа көмөлөһөн «Харыстыаҕыҥ, сахабыт ынаҕын!» акцияҕа ас тобоҕун хомуйан, илиинэн ньирэйдэргэ от үргээн туттараллар. Саас аайы хотон хаарын күрдьүүгэ тахсаллар. Быйыл оҕолор үксүн ырааһырдыы үлэтигэр хото сырыттылар. Кэлэр практикаҕа ньирэй көрүүтүгэр уонна ыанньыксыттарга көмө үлэлэригэр турунуохтаахтар.
Маны таһынан оскуолаларыгар табаһыт оҕо ахсаана сыллата элбээн иһэр. Кырдьаҕас табаһыттар табаҕа үлэлиир солбук көлүөнэ ыччат олус аҕыйаата диэн сөпкө айманаллар. Олох көрдөрөрүнэн кыраларыттан таба үлэтигэр сыстыбыт оҕолор эрэ бу уустук салааҕа сүрэхтэринэн ылларан үлэлии тахсаллар. Родовой община салайааччыта, олохтоох киһи, эдэр эрчимнээх Колесов Альберт Александрович уонна кини солбуйааччыта Колесов Альберт Владимирович ойор күннээх, дьоллоох оҕо саастара, кэрэ кэрчик кэмнэрэ, үрүлүйэ устар дохсун сүүрүктээх Бытантай эбэ кытылыгар, туруук таас хайалардаах Кустуур кэрэ бөһүөлэгэр ааспыта. Уолаттар бэйэлэрэ кыраларыттан табаһыт үлэтигэр эриллибит буоланнар, бу салааны дойдуларыгар сөргүтэр сырдык санаалаах ылсыбыттара.
«Альберт биһиги оскуолабытын бүтэрэн баран, Аҕа дойдутугар ытык иэһин төлөөн үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ, физкультура учуутала идэлээх. Бастаан куоракка олохсуйан баран дойдутугар кэлэн өбүгэлэрин үтүмэн үйэлэртэн илдьэ кэлбит кэриэстэбил үгэстэрин, үлэлэрин, сиэрдэрин-туомнарын тутуһан, олохторун салҕаан үөһэтттэн кэлэр көмөнү кэтэспэккэ бэйэ кыаҕар тирэҕирэн ыстаада тэриммитэ. 2016 сылга Альберт Колесов ыстаадатыгар фундаментальнай бырагыраамаҕа олоҕуран хас биирдии төрөппүттэри кытта сүбэлэһэн, 10 оҕону ыстаадаҕа сайылаппыта, ааспыт сайын 14 оҕо «Кочевник» уонна «Турукаан» ыстаадаларга үлэлээн, сынньанан , эт-хаан өттүнэн сайдан эргилиннилэр. Оҕолор айылҕалыын алтыһан, таба манаан, салгын сиэн, уучаҕынан күрэхтэһэн, балыктаан, сир астаан олус астынан кэлбиттэрэ. Өссө 20-лии тыһ. хамнастаах эргиллэн оҕолор үөрүүлэрэ үтүмэн, үөрэнэр малларын бэйэлэрэ ылыммыттара төрөппүттэригэр да улахан өйөбүл буолла. Инники өттүгэр үүнэр көлүөнэ ыччаттарбытын төрүт үгэстэн, дьарыктан тэйиппэт, өссө чугаһатар сыалтан көс оскуола тускулун киллэрэргэ былаанныыбыт. Манна бэйэбит депутаппыт Елена Христофоровна Голомареваны кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиэхпит», — диэн салгыы кэпсиир Розалия Николаевна.