Эбээн Бытантайга политическай деятель Роман Шадрин төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт сыл арылынна

184

2018 сыл улууска политическай деятель, эбээн норуотун киэн туттар киһитэ Роман Иванович Шадрин төрөөбүтэ 125 сылыгар ананар. «Гарпан» этно-култуурунай кииҥҥэ бэлиэ сылы арыйыы тэрээһинэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолан ааста.


Эбээн норуота киэн туттар киһитэ Роман Шадрин сылыгар анаммыт тэрээһиҥҥэ үс нэһилиэк кыттыыны ылла. Олохторун-дьаһахтарын, устуоруйатын, үлэни-хамнаһы сырдатар, билиһиннэрэр хаартысканан быыстапка үгүс дьон болҕомтотун тарта. Маны таһынан хас биирдии нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатыттан оҥоһуллубут ас-үөл, күндү түүлээх атыы-эргиэн дьаарбаҥката болҕомто киинигэр буолла. Улуус киинин «Хаарчаана» уһуйаана үлэһиттэрин күүһүнэн тэриллибит араас эгэлгэ астаах атыы эмиэ үгүс сэҥээриини ылла, дьон-сэргэ хото атыыластылар.

Өрөгөйдөөх чаас ыраастаныы — арчыланыы сиэринэн-туомунан аһылынна. «Генулчал», «Үпэндьэл» ансаамбыл кыттыылаахтара мустубут дьону, ыалдьыттары эбээн норуотун үгэһинэн буруолатан, чох харатынан мэҥнээн, сахалыы салама баайтаран көрүстүлэр.

Бэлиэ сыл үөрүүлээх арыллыытын улуус баһылыгын солбуйааччыта Раиса Старостина оҥордо. Кини Роман Иванович Шадрин олоҕуттан кылгастык сырдатта, эҕэрдэлээтэ. Аллараа Бытантай нэһилиэгин баһылыга Константин Старостин, Түгэһиир нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Константин Слепцов, Үөһээ Бытантай нэһилиэгин бэрэстэбиитэлэ Михаил Рожин мустубут дьону, ыалдьыттары эҕэрдэлээн туран, бэлиэ сылга анаммыт тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ыларга бэлэмнэрин эттилэр. Улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ Дьааҥы улууһуттан Роман Иванович сиэннэрэ, хос сиэннэрэ кэлэн кыттыыны ыллылар. Кинилэр ааттарыттан Роман Иванович хос-хос сиэнэ Степанида Прудецкая бэйэтин, урууларын билиһиннэртээтэ.

Маны сэргэ, 2017 сыл Арассыыйаҕа Экология уонна ураты харыстанар сирдэр сылыгар анаан «Бытантай уоттара» хаһыат оҕолор ортолоругар ыыппыт «Киһи уонна айылҕа» хаартыска уонна кылгас суруйуу куонкурус түмүгүн кыайыылаахтарын кылаабынай редактор э.т. Яна Рожина билиһиннэрдэ. Көхтөөх кыттыыларын иһин махтанна уонна бэлэхтэри туттарда. Маны сэргэ улуустааҕы айылҕа харыстабылын инспекциятын старшай инспектора В.В.Стручков аатыттан Экология сылыгар ыытыллыбыт куонкуруска көхтөөх кыттыыларын иһин сертификат уонна айылҕа туһунан кинигэлэри бэлэх туттартаата.

«Олоҕум кэрчик кэмнэрэ» диэн Р.И.Шадрин олоҕун кэрэһэлиир, кэпсиир театрализованнай туруоруу көрөөччү биһирэбилин ылла. Манна Роман Иванович ийэтин оруолун Мария Николаева, аҕатын Владислав Колесов, оҕо сааһын Андрей Сыроватскай бэрт итэҕэтиилээхтик толорбуттарын мустубут дьон хайгыы-махтайа көрдүлэр. Театрализованнай туруорууну «Тугусил»,»Аянесса», «Миргилан», «Генулчал», «Үпэндьэл» ансаамбыллар киэргэттилэр. Туруорааччы режиссер Полина Ефимова, үҥкүүлэри туруорда Василий Старостин.

Бэлиэ сыл үөрүүлээх арыллыытын түмүктүүр чааһыгар үс нэһилиэк кыттыылаахтарын эҕэрдэ кэнсиэрэ буолла.