Эбээн-Бытантайга улуустааҕы 16-с спартакиада кыайыылаахтара билиннилэр

163

Эбээн Бытантай улууһугар хас сылын ахсын ыытыллар үлэ кэлэктииптэрин икки ардыларынааҕы спартакиада 16 төгүлүн ыытылынна. Саҥа сыл бастакы күрэҕэ өссө да ыытыллыахтаах тэрээһиннэргэ старт биэрдэ. 


Бастакы күҥҥэ кэрэ аҥардар волейболга күрэҕи саҕалаан, киэһэ хойукка диэри оонньоотулар. Иккис күн сарсыардаттан тыҥааһыннаах киирсиилэр салҕаммыттара.

Күн иккис аҥаарыгар 16-с спартакиада үөрүүлээх арыллыыта хамаандалар параадтарынан саҕаланна. Манна улуус баһылыгын солбуйааччыта Раиса Старостина мустубут дьону, кыттааччылары эҕэрдэлээн туран, былырыыҥҥы спартакиада күрэхтэрин түмүгүн иһитиннэрдэ. Ол курдук, 2017 сыл түмүгүнэн 14 үлэ кэлэктиибин икки ардыларыгар улуустааҕы спартакиаданы үчүгэй тэрээһиннэхтик ыыппыттарын иһин улуус баһылыгын грамотатынан Оҕо уонна ыччат спортивнай оскуолатын кэлэктиибэ наҕараадаланна.

— «Бастыҥ салайааччы» — Горохов Лев Вячеславович «Үөһээ Бытантай нэһилиэгэ» МТ баһылыга;

— «Бастыҥ спортсмен»- Виталий Петров, Дьарҕаалаах;

— «Бастыҥ спортсменка» — Екатерина Васильева, Түгэһиир нэһ.

15-с спартакиада оонньууларын түмүгүнэн:

— 1 миэстэ — Дьарҕаалаах;

— 2 миэстэ — Дьулурҕан;

— 3 миэстэ — Чэбдик.

Бу хамаандалар сыл устатыгар ыытыллыбыт күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттаннар бочуоттаах миэстэлэргэ тигистилэр. «За волю к победе» диэн номинацияны «Чолбон» хамаандата ылла.

Саҥа үүммүт сылга тэрилтэлэр бары биир тэҥ таҥас оҥотторон сылдьаллара көрөргө интэриэһинэй буолла. Ордук «Коммунальщик» хамаанда кэрэ аҥардара киһи хараҕар быраҕыллар үчүгэй форманы оҥотторбуттарын бары да бэлиэтии көрдүбүт. Таҥас эрэ өттүнэн буолбакка, хамаандалар бары күүстээхтик эрчиллэн, дьарыктанан миэстэлэһэрдии туруммуттара эрдэттэн көстөр, биллэр.

Быйылгы волейбол күрэҕэр чахчы уларыйыылар таҕыстылар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Сүрдээх интэриэһинэй, тыҥааһыннаах оонньуулар аастылар, урут миэстэлэһэн көрбөтөх тэрилтэлэр, быйыл кыахтарын түмэн, бары финалга киирэннэр, бочуоттаах миэстэлэргэ тигистилэр. Инньэ гынан, күүтүллүбүтүн курдук маҥнайгы миэстэни кэрэ аҥардарга «Коммунальщик»(ОДьКХ) хамаанда ылыаҕын ылла, онтон эр дьон ортотугар 1 бочуоттаах миэстэни «Көмүскэл» (Баһаарынай чаас) ситистилэр.