Үөһээ Бүлүүгэ 3500 киһи барыллаан куоластааһыҥҥа кытынна

172

СӨ государственнай мунньаҕын Ил Түмэн депутатыгар кандидаты талыыга баһыйар элбэх куолаһы ылан, Феодосия Габышева кыайан таҕыста. 


«Барыллаан куоластааһыҥҥа ордук тыа сирин олохтоохторо көхтөрүн көрдөрдүлэр, бары кэриэтэ 100%-н куоластаатылар», — диэн тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Спирдон Борбуев бэлиэтээтэ.

Барыллаан куоластааһыҥҥа эдэриттэн эмэнигэр тиийэ, бэл доруобуйаларынан хааччахтаах дьон салгын сии таарыйа кэлээскэнэн кэлэн куоластарын биэрдилэр диэн хамыыһыйа үлэһиттэрэ бэлиэтээтилэр.

Бу манан, биһиги үөһээ бүлүүлэр бэйэбит киһибитин, чахчы норуот туһугар сыратын-сылбатын харыстаабакка үлэлиир кыахтаах уонна баҕалаах Феодосия Васильевнаны бары биир киһи кэриэтэ өйүүрбүтүн бигэргэттибит.