Үөһээ Бүлүү кырдьаҕаһа: “Дьоллоох үйэҕэ олоробут”

575

Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр 97 саастаах ытык кырдьаҕас Маарыйа Дьөгүөрэбинэ Мыкычанова кыыһын Наталья Александрованы кытта ньир-бааччы олорор. Сиэннэр, хос сиэннэр үөрүүлэринэн кынаттанар эбээ барахсан бүгүҥҥү олохтон олус дуоһуйарын кэпсиир. “Үйэттэн эрэ дьоллоох үйэҕэ олоробут”, — диир кини.


Маарыйа икки көрөрүттэн мэлийэн да сырыттар, тайаҕар тирэнэн биһиэхэ утары таҕыста. Кырдьаҕас билигин да хоп курдук. Кэпсэтэрэ олох сэргэх, кулгааҕынан үчүгэйдик истэр. Чиҥ-чиҥник саҥарар-иҥэрэр.

Маарыйа эдэригэр хонуу үлэтигэр күүскэ үлэлээбит. Арыыга оттуур кэмигэр икки аты сиэтэ сылдьыбыт. Илии мунньуута, күрүө тутуута оччотооҕу эдэр кыыска ыарахан үлэ буоллаҕа. Оттоон бүтэн, оҕустаах сыарҕанан кырпай хаар түһэн эрдэҕинэ төннөллөрө. Бу сиик-силбик, тымныы төһөлөөх доруобуйаларын сиэбитэ буолуой?! Ити хонуу үлэтигэр үлэлээбит сыралаах үлэтин иһин тыыл бэтэрээнэ, бэйэтэ этэринии, “Сталин киниискэлээх”.

Ол эрээри от үлэтэ диэн үлэттэн саамай ыраас үлэ. Кэнники ыал буолан баран, сүөһүлээх-астаах олордоҕум дии. Уоллаах кыыһы төрөппүтүм. Кыыһым куоракка баар. Уолбун атом тохтубутун ыраастатан сиэбиттэрэ. Онон эдьиийим кыыһын Натааһаны иитэн, хата, бу кырдьар сааспар киниэхэ хараллан олоробун. Үйэм тоҕо уһаабыта буолуой? Арыгыны олох испэтэҕим. От үлэтигэр сибиэһэй салгыҥҥа сылдьаҕын. Уу ылбыт сирэ сибиэһэй да салгыннаах буолара. Кэлин олоҕум үчүгэй этэ, сынньалаҥнык олорбутум таайдаҕа даҕаны. Кэргэннэнэн баран интернакка 12 сыл түүҥҥү харабылынан үлэлээбитим. Хотоҥҥо үлэлээбэтэх буолан, арааһа, үйэм уһаатаҕа буолуо дии саныыбын. Мин саастыылаахтарбыттан хотоҥҥо үлэлээбиттэртэн, ыанньыксыттаабыттартан ким даҕаны хаалбата. Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар ыарахан үлэ буоллаҕа дии. Атах таҥаһа эҥин дэлэйэ илигинэ төһөлөөх тоҥмуттара-хаппыттара буолуой?! Этэргэ дылы, арыгылаабатаҕым, дайааркалаабатаҕым абыраата.

— Аһылык уһун үйэлэниигэ улахан суолталаах буолуохтаах. Маарыйа, туох аһы аһыыгыный?
Былыр оруос лэппиэскэтин сиирбит. Арыыны абаансанан биэрэр этилэр. Иһим, куртаҕым үчүгэй. Үҥсэргээбэппин. Эмиспин-топпун. Үрүҥ аһы, эт аһы барытын сиибин. Тииһим да суох буоллар, миилэбинэн ыстаан сиирбин сөбүлүүбүн. Хата, харахпынан мэлийбитим биэс сыл буолла. Глаукома диэбиттэрэ. Бастаан кэтэхпинэн ыалдьыбыта ээ. Харахпынан көрөр эрдэхпинэ, иистэнэр этим. Урут түүлээх таҥаһы тигэрбин сөбүлүүрүм. Араас түүлээх бэргэһэлэри, андаатар сону тикпит эмээхсиммин.

— Тэлэбиисэри, араадьыйаны истэҕин дуу?
— Истэн бөҕө. Көрбөтөрбүн даҕаны тэлэбиисэрим таһыгар олорон сахалыы кэпсииллэрин истэбин. Анегинабын таптыыбын. Марыына Попова, Наталья Трапезникова ыллыылларын сөбүлээн истэр этим. Бэйэм ырыаһыта суохпун. Тоҕо эбитэ буолла, аныгы ырыалары соччо сэҥээрбэппин. Оҕонньорум тыыннааҕар кинигэни дьыбааҥҥа аттыбар олорон эрэ ааҕан биэрээччи. “Сааскы кэми” ааҕан биэрбитин бу баардыы өйдүүбүн.

— Аныгы олоҕу хайдах диэн сыаналыыгын?
Киһи сирэр олоҕо дуо? Үйэттэн эрэ дьоллоох үйэҕэ олоробут. Гааһынан сылытынабыт. Сынньалаҥа олус. Дьиэҥ тымныйаары гыннаҕына, уоккун күүһүрдэн биэрэҕин. Мантан үчүгэй олоҕу хантан булуохпунуй? Талбыт аһыҥ, таҥаһыҥ. Отут тыһыынча биэнсийэлээхпин. Үлэлээбэккэ олорон ылар харчым (күлэр – ред). Үөһээ Бүлүүгэ ордук кэнники сылларга олох-дьаһах тубуста дии саныыбын.

— Биллэр салайааччылартан кими чугастан көрбүккүнүй?
— Оҕонньорум үйэлээх сааһыгар 30 сыл биригэдьиирдээбитэ. Онон тойоттор-хотуттар таарыйар этилэр. Бастакы президеммитин Михаил Николаевы, дьэ, чугастан көрбүт дьоллоохпун. Биһиэхэ таарыйан иккитэ чэйдээн ааспыттааҕа.

— Ханнык бырааһынньыгы сөбүлүүгүн?
— Бырааһынньык барыта да үчүгэй. Былыр, эдэр эрдэхпинэ, 1 Маайы сөбүлүүр этим. Ыһыахпыт да үчүгэй.

— Эдэр ыччаттарга тугу баҕарыаҥ этэй?
— Мин сэрии кэминээҕи аас-туор олоҕу көрбүт буоламмын, ыччаттарга сэриитэ суох, өҥ-тот олоҕу баҕарыам этэ. Сэрии суох буоллаҕына, олох үчүгэй буолуоҕа. Үлэлиэххэ эрэ наада.

Маарыйа Мыкычанова күнү-дьылы кэтээн көрүүтэ
Маарыйа сэрии буолбутун кэннэ бу тохсунньу тымныытыгар ыскылааты манаан хонорун туһунан кэпсээтэ. Тымныы түүн уһуна сүрдээх буоллаҕа. Онон күнү-дьылы кэтээн көрөр идэлэммит.
— Үргэл кэрии саҕатынан, тыа үрдүнэн эргийдэҕинэ – ол сайын ардахтаах, өҥ дьыл буолар.
— Үөһэнэн, халлаан оройунан эргийэр буоллаҕына, кураан дьыл буолар.
— Саас буоллаҕына, дьэргэлгэн түһэр. Былыр халлаан умайар дииллэрэ. Дьэргэлгэн түспэтэҕинэ, хаһыҥа суох, ичигэс буолар.