Саха чулуу уола, судаарыстыбаннай, политическэй деятель Исидор Бараахап төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах уопсастыбаннас мунньаҕа Үөһээ Бүлүүтээҕи култуура дьиэтигэр буолла.
Тэрээһин саҕаланыытыгар үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ Бараахап олоҕор, үлэтигэр анаан айыллыбыт хоһооннору, дьүһүйүүлэри сахалыы матыыпка доҕуһуоллатан аахпыттара ылыннарыылаах уонна ураты буолла.
СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляев: «Саха уһулуччулаах уола Исидор Бараахап төрөөбүтэ 120 сылыгар үбүлүөйдээх тэрээһининэн барыгытын эҕэрдэлиибин! Былырыын сэтинньигэ Ил Дархан дьаһалынан Бараахап төрөөбүтэ 120 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтииргэ аналлаах хамыыһыйа тэриллибитэ. Онно Бараахап үбүлүөйдээх тэрээһинэ быйыл төрөөбүт дойдутуттан Харбалаахтан саҕаланыахтааҕын туһунан быһаарбыппыт, толкуйдаабыппыт. Исидор Бараахап саха тылын сайыннарыыга, үөрэтиигэ ис сүрэҕиттэн ылсан үлэлээбитэ, промышленноһы уонна Өлүөнэ өрүскэ пароходствоны тэрийиини күүскэ туруорсубута. Бүгүн Харбалаахха судаарыстыбаннас мусуойугар үөрэнээччилэр Бараахап туһунан ис сүрэхтэриттэн ылыннарыылаахтык кэпсээбиттэрин сэргии көрдүбүт. Бу мусуой инники өттүгэр Бараахап туһунан үйэлэргэ кэпсиэҕэ, үөрэтиэҕэ», — диэн туран, Ил Дархан Егор Борисов эҕэрдэ суругун улуус баһылыга Владимир Поскачиҥҥа туттарда.
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин: «Барыгытын чулуу киһибит Исидор Бараахап төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһининэн эҕэрдэлиибин. Бу тэрээһиҥҥэ Тааттаттан, Намтан, Бүлүүттэн, Ньурбаттан дэлэгээссийэлэр кэлэн кыттыбыттара махталлаах дьыала, элбэҕи туоһулуур.
Исидор Бараахабы олус көнө сүрүннээх, сахалыы иитиилээх, үрдүк култууралаах киһи быһыытынан өрүү ахталлар. Кини кылаата, өҥөтө сөҕүмэр. Ол курдук, 1922 сыллаахха автономияны ситиһиигэ улахан оруоллааҕа, көдьүүстээҕэ. Аммосов, Ойуунускай, Аржаков, Васильев, Бараахап — бары биир хамаанда буолан, биир санаанан үлэлээбиттэрэ. Бу дьон оҥорбут ситиһиилэрин билиҥҥи саха дьоно салгыахтаахпыт. Ол эбэтэр үөрэҕи, чөл олоҕу, спорду, промышленноһы сайыннарыыга бары кыһаллыахтаахпыт. Маны ситистэхпитинэ, чулуу уолаттарбыт ыра, баҕа санааларын олоххо киллэриэ этибит. Улуу киһибит Бараахаппыт дьыалата өрүү тыыннаах, ол эбэтэр кини эппитэ барыта туолан олоххо киирэн иһэр», — диэн кэлбит дьону эҕэрдэлээтэ.
Салгыы Дмитрий Наумов «Бүгүн эбэтэр хаһан даҕаны» айымньытыттан быһа тардыылары саха судаарыстыбаннай тыйаатырын артыыстара туруорууларын кэлбит дьон биир тыынынан көрдүлэр.
Онно Аммосов, Бараахап, Ойуунускай автономияны тэриийиилэрин туһунан көрдөрүллэр.
Аммосов аатынан ХИФУ бэрэпиэссэрэ, философия наукатын дуоктара Виктор Михайлов дириҥ ис хоһооннооктук эттэ:— Ураты ис хоһооннох тэрээһин буола турар. Бараахаптаах ыыппыт үлэлэрин, дьыалаларын ахтан-санаан ааһарбыт олус наадалаах. Манна биири өйдүүрбүт уолдьаста. Төһөнөн элбэх күн-дьыл ааһан иһэр даҕаны, соччонон Ойуунускай, Аржаков, Бараахап, Васильев үтүөлэрэ өссө суолталанан иһэр. Бу дьон төһө саастаах этилэрий? Туох санааттан ити үлэни, дьыаланы ыыппыттарый? Итини өссө үөрэтэн, ыччаппытыгар сөптөөх хоруйу биэриэхпитин наада.
Англия биллиилээх учуонайа Арнольд Тоенби үлэтигэр «Киһи аймах туохха олоҕуран сайдарый?» диэн ыйытар уонна онно маннык эппиэти биэрэр: «Кэм кэрдии туруорар ирдэбилигэр сөптөөхтүк дьаһанан-хомунан, ол ону сөптөөхтүк туһанан биэрэн сайдар эбит». Ол аата кэми-кэрдиини баһылыыр кыахпыт суох, хайдах да дьаһан, ытаа да ыллаа, кэм-кэрдии бэйэтин дьаалытынан уста турар. Кэм-кэрдии история түһүмэхтэригэр сөптөөх ыйытыктары, сөптөөх соруктары, сөптөөх сыалы-
соругу туруорар. Дьэ, манна сөптөөхтүк дьаһаммыт омуктар сайдаллар, чэчирииллэр, элбииллэр. Маны норуоппутугар кэмигэр быһааран биэрбэтэхпитинэ, балаһыанньа уустугурар. Кэм-кэрдии тугу да күүппэт аналлаах. Онон олорон биэрбэккэ иннибит диэки киимиилээхтик үлэлиэҕиҥ, сайдыыны уһансыаҕыҥ.
Мунньахха улуустартан кэлбит дэлэгээссийэлэр күргүөмүнэн тахсан эҕэрдэлэрин, санааларын аһаҕастык сайа эттилэр.
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөдүгэй нэһилиэгин, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Анна Иванова-Дмитриева Бараахап туһунан ырыаны ураты куолаһынан ылыннарыылаахтык толоруутунан түмүктэннэ.