Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннааҕын 25 сыллаах үбүлүөйүн дьоро киэһэтэ буолан ааста

134

Саха тыйаатырыгар кулун тутар 16 күнүгэр Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕын концерыгар сылдьан сүргэм көтөҕүлүннэ.


Дьоро киэһэ бастакы чааһын «Балаҕаннаах бэтиэхэлэрэ» наруодунай тыйаатыр Наумов Дмитрий Федосеевич суруйуутугар көрдөөх кэпсээннэринэн сценканан арыйда. Иккис чааһыгар Балаҕаннаах аҕа баһылыга Степан Дмитриев эҕэрдэ тыл эттэ уонна икки Герой ийэлэргэ махтанан сибэкки туттардылар, бу тэрээһини тэрийсибит дьонноругар, Ил Түмэн депутаттарыгар махтал тылын этэн сурук туттардылар.

Эҕэрдэ концеры баар суох ытык киһилэрэ, биир дойдулаахтара Анастасия Кардашевская кылыһахтаах тойугунан алҕаан, арчылаан арыйда уонна Тумус Мэхээлэ айымньытынан дьүһүйүүнү уһуйуллааччы уолаттарынаан толорон, барыбыт уйулҕабытын хамсатта.

Далбар мааны хотуттар Балаҕаннаахтарын туһунан хоһоону иэйиилээхтик ааҕан, нэһилиэктэрин кэрэ-мааны айылҕатын хоһуйан, харахпытыгар ойуулаан көрдөрдүлэр.

Ыччат министертвота эдэр ыччат сылын бэлиэтин уонна былааҕын Балаҕаннаах эдэр ыччатын лидерыгар туттарда.

Балаҕаннаахтан төрүттээх «Эрчим» үҥкүү бөлөҕө, ырыаһыттар Мария Николаева, Константин Махначевскай, Андрей Андреев, Валерий Раминскай, Степан Кардашевскай уонна биһиги биир дойдулаахтарбыт, Хаҥалас улууһун оҕо искусствотын осуолатын иитиллээччитэ Данил Латышев, Валентина Алексеева кыттан концеры киэргэттилэр.

Балаҕаннаах нэһилиэнньэтэ 300 тахса киһилээх диэтэххэ народнай тыйаатырдаах буолан олус көхтөөх, сэргэх дэриэбинэ эбит. Баһылыктара Степан Иванович бэйэтэ да олус бэртээхэй ырыаһытын, култуураны өрө тутарын көрдөрдө. Онон хаҥаластары 20-с төгүлүн ыытыллар Манчаары оонньууларыгар бэрт сэргэх нэһилиэк көрсүүһү диэн астына сыаналаатым.