СӨ баайга-дуолга, сир сыһыаннаһыытыгар миниистирэ Евгения Григорьева Горнай улууһугар Бырабыыталыстыба отчуотугар кэлэ сылдьыбытын кэннэ, сири кытта үлэҕэ сыһыаннаах боппуруостарга бэйэтин санаатын атастаһарыгар көрдөспүппүт.
— Убаастабыллаах Евгения Васильевна, Бырабыыталыстыба отчуотун ыытыһа нэһилиэктэргэ сырыттыгыт. Күннэтэ анаан дьарыктана сылдьар миниистир быһыытынан сыаналаатаххына, сири кытта үлэҕэ, Уһук Илиҥҥи биир гектаарга балаһыанньабыт хайдаҕый?
— Мин үс нэґилиэккэ сырыттым: Маалтааныга, Маҥаныга уонна Кировскайга. Онно дьону кытта кэпсэтэн көрдөххө, кинилэр этиилэрин иһиттэххэ, балаһыанньа оннук улахан уустук буолбатах. Өскөтүн 2008, 2009, 2010 сс. отчуоттарга элбэх кэпсэтии сиргэ сыһыаннаан, докумуону толотторууга, арендаҕа, бас билиигэ ылыыга киирэр, тоҕо сири биэрэн испэттэрий диир эбит буоллахтарына, билигин дьон-сэргэ ордук Уһук Илиҥҥи гектаар боппуруостарын көтөҕөр. Ити гектарынан сибээстээн, нэһилиэнньэ межевание, докумуоннатыы боппуруостарын быһаарсан, публичнай кадастрабай каартаҕа киириигэ, биһиги учаастактарбыт көстүбэттэр, техническэй алҕастардаах диэн, анаан дьарыктана сылдьар дьон ыйытыыларын курдук биэрэллэрэ, дьон истэн-билэн олорорун, бэйэлэригэр чугастык ылыммыттарын, үчүгэйдик быһаарсар буолбуттарын көрдөрөр. Ити бастакыта.
Иккиһинэн, туох да диэбит иһин, Уһук Илиҥҥи гектаар олоххо киирэринэн, дьон долгуйуута баар. Үһүс этап олунньу 1 күнүттэн киирэринэн, биһиги сирбитин атын дьон ылыахтара диэн сэрэхэдийэллэр.
Үсүһүнэн, биһиги сирбитин барытын сабан кэбиспиккит диэччилэр эмиэ бааллар. Бүтэһик күннэргэ «Роснедр» тэрилтэтэ саппаастарыгар баар сирдэри, Федеральнай информационнай ситимҥэ киллэрбитэ. Онон буоллаҕына, урут биһиги 308 мөл. гектар сирбититтэн, 93 мөл. биэриэхпитин сөптөөх буоллаҕына, билигин 74 мөл диэри аҕыйаата. Уоннааҕыта барыта «серай», бэриллибэт курдук бэлиэтэнэн турар. Онон наһаа саппыккыт диэн сиэрдээх боппуруос үөскээтэ. Биллэн турар, ол сабыллыбыт учаастактар арыллаларын туһугар биһиги күүскэ үлэлэһиэхпит диэн өйдөтөн биэрдибит, эрэннэрдибит. Горнайга бэриллиэн сөптөөх сирин иэнин 70 бырыһыана сабыллыбыт, оттон Саха сирин үрдүнэн 76 бырыһыан. Онон «Роснедралары» кытта ыкса үлэлэһэн, хас биирдии учаастагы анаан ырытыһыахпыт, сөпкө саппыттар дуу сыыһа дуу диэн быһаарсыахпыт.
Салгыы дьону долгутар боппуруоһунан сир оҥоруута буолар эбит. Ити өйдөнөр. Горнай уопсай сирин 96 % ойуур. Кырдьык тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныыга, нэһилиэнньэлээх да пууннарга аналлаах сирдэр аҕыйахтар. Онон тыа хаһаайыстыбатынан анаан дьарыктанар дьоҥҥо, оттуур сирдэрэ аҕыйаҕа, хаачыстыбата мөлтөҕө, бу билигин ордук сылгы иитиитэ сайдар суолга үктэммитинэн, мэччирэҥ боппуруоһа үөскүүр. Саҥа сир кодексата үлэҕэ киирбитинэн, ойуур фондатыттан да ылыахпытын сөп. Ону сэргэ бэйэ сирэ-уота аҕыйах буоллаҕына, атын улуустартан да ылыыны көрүөххэ сөп. Урут сорох элбэх сирдээх, бэйэлэрэ ситэ туһаммат улуустар, олох кими да киллэрбэт курдук буолан олорбуттара. Билигин бэйэбит сирбитин көдьүүстээхтик туттар туһуттан, өрөспүүбүлүкэҕэ сири атын да улуустарга биэрии хамсааһына баар диэн этиэххэ наада.
— Араас биричиинэнэн Уһук Илиҥҥи сири баҕарар курдук, элбэх киһи ылбата. Онон дьон билигин салгыы хайдах гынар?
— Олунньу 1 күнүттэн да туох да уларыйыы суох. Ханна сир ылыахххын билэр, тугунан дьарыктанаргын быһаарыммыт буоллаххына, сайабылыанньа биэрэн ылаҕын. Сир сабыллан турар буоллаҕына, уопсай бэрээдэгинэн ылыллар. Оттон саха гектаара Уһук Илиҥҥи гектаарынан барбат. Ким ылыан баҕалаах, уопсай бэрээдэгинэн сайабылыанньатын биэриэн наада. Саха гектаарыгар ойуур фондатыттан ылыаххын баҕарар буоллаххына, сайабылыанньаҕын Ойуур хаһаайыстыбатын департаменыгар киллэрэҕин. Улуус быһа дьаһайбат. Федеральнай көһөртөрүү үлэтэ эҥин барбат. Мантан тыа хаһаайыстыбатыгар дьарыктаныыга туттуохха сөп, туһаныы көрүҥнэрэ барыта ойуур кодексатыгар сурулла сылдьар. Онно тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныы диэн туспа көрүҥ баар. Ити дуогабар быһыытынан түһэрсиллэн барар.
— Горнай улууһун нэһилиэктэрэ сир боппуруоһугар, хайдах үлэлииллэр эбит диэн сыаналаатыҥ?
— Биһиги сири кытта үлэлэһэр управлениебыт куһаҕана суохтук дьарыктанар. Барытын бириэмэтигэр дьаһайсан, тириэрдэн, оҥорон кэллэ. Уһук Илиҥҥи гектаарга сыһыаннаан Федеральнай системаҕа киллэрэргэ да, барытын сөптөөхтүк оҥорон кэллилэр. Горнай улууһун специалистара күүстээх специалистар уонна кинилэр саамай кылаабынайа, кыһаллан үлэлииллэр. Туох эмэ уустук боппуруос үөскээтэҕинэ биһиэхэ ыытаннар, тэҥҥэ үлэлэһэ олоробут. Холобура, улуустааҕы сири кытта сыһыаннаһыыга управление салайааччыта Маргарита Петровна Чемезова көтөхпүт — тохсунньу 1 күнүттэн сири кытта үлэлээһин боломуочуйата нэһилиэктэртэн улууска бэриллиитэ, нэһилиэк сирин специалистарын үбүлээһини Үп министиэристибэтэ хайдах ньыманан быһаарарын, кадастрабай сыаналааһыҥҥа, информационнай ситимҥэ үлэлииргэ, быһата, барытыгар сөптөөх боппуруостары көтөҕөр. Ол иһигэр сири кытта үлэлээччилэр хамнастарын боппуруоһун таарыйбыта эмиэ сөптөөх.
Миниистир Е.В.Григорьева Горнай улууһун дьонугар-сэргэтигэр сири кытта үлэни өссө күүһүрдэргэ, сиргэ дьиҥнээх хаһаайын буоларга, бэйэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарарга, сир быйаҥын сатабыллаахтык сомсо турарга баҕа санаатын тириэртэ.