Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Е.А. Борисов 2017 сылы «Ыччат сылынан» биллэрбитэ. Горнай улууһун эдэр дьоно норуот хаһаайыстыбатын араас салаатыгар ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Бүгүн мүөтүнэн дьарыктанар кэскиллээх предприниматель туһунан кэпсиибит.
Саха сирэ хаптаҕас, моонньоҕон, сугун, уулаах отон, дөлүһүөн курдук мүөттээх үүнээйинэн баай. Салгына ыраас, кураанах буолан, тигээйи иитэргэ олус табыгастааҕын исписэлиистэр бэрт өртөн бэлиэтииллэр.
Бу салаа барыстааҕын өйдөөннөр, өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторо, уурбаанньыттар дьарыкка ылсан эрэллэр.
Горнай улууһугар мүөтүнэн дьарыктанар дьон суоҕун тэҥэ. Эдэр, кэскиллээх уурбаанньыт Анатолий Пахомов мүөттээх тигээйи иитэргэ сананан, бу саас саҥа саҕалааччы фермердэргэ көмө диэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ыыппыт гранын күрэһэр кыттыбыта. Онно кыайбыта. Хайалаах Алтайтан тигээйи дьиэ кэргэнин атыылаһан аҕалан, уон уйаҕа иитэн саҕалаата. Билигин маҥнайгы мүөтүн оҥорон таһааран үөрүүтэ улахан.
Онон бу «минньигэс» дьарык туһунан Анатолийдыын кэпсэтэргэ сананным.
— Анатолий, дорообо! Бэйэҥ тускунан биһиги ааҕааччыларбытыгар билиһиннэр эрэ.
— Мин 2012 сыллаахха Бэрдьигэстээх орто оскуолатын бүтэрэн, ХИФУ техничэскэй институтутугар үөрэнэ киирбитим. Үөрэхпин ситиһиилээхтик бүтэрэн, төрөөбүт, улааппыт улууспар, Горнайга төҥнөн кэлэн мүөттээх тигээйини иитэргэ толкуйдаммытым.
— Бу дьарыкка ылсаргар туох санааттан быһаарыммыккыный?
— Дьонум интэриэһиргиир этилэр. Мин ону сэҥээрэммин, Горнай улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетыгар тиийэн, маҥнай хайдах тэринэрбин сүбэлэттэрэн, бу саас гран ыламмын үлэбин саҕалаатым. Маай учаастагын таһыгар, Маралаах алааһыгар тигээйилэрбин тутабын.
— Туох уустуктары көрсөҕүн?
— Элбэҕи билиэххэ, көрүөххэ наада. Элбэх кинигэ, сурунаал ааҕан саҕалаабытым. Интернет ситимигэр элбэх видео- матырыйаалы көрбүтүм. Уонна Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар «Мүөттээх тигээйини иитии» диэн икки ыйдаах кууруска үөрэммитим.
— Уон уйаттан төһө мүөтү ыллыҥ?
— Субсидиябын ыам ыйын ортото ылбытым. Тэринэн, оҥостон баран, бэс ыйыттан үлэбин саҕалаабытым. Биир уйаҕа уопсайа уон тыһыынча кэриҥэ тигээйи үлэлиир, онон атырдьах ыйын бүтүүтэ 40 киилэ мүөтү ыллым.
— Тугунан аһатаҕын?
— Аһылыктара саахардаах сироп. Күн-дьыл туругуттан көрөн, кыра-кыратык эбии аһатабын. Онтон сайынын сибэккилэр тылыннылар да, бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэллэр. Бу ый бүтүүтэ кыстыктарыгар киллэрэбин. Кыстыгар уйата үчүгэй буолуон наада, нуул температураҕа тутуохтаахпыт. Уйаларын, мүөт хаһаанар соткаларын бэйэм уһанан оҥордум.
— Мүөтү бэйэҥ арааран ыларгар тигээйилэр тикпэттэр дуо?
— Мүөтү бэйэм араарабын. Хаста да тиктэрэ сылдьыбытым. Анал таҥас атыыласпытым. Дьон эмискэ хамсанарын, куотарын, атын сыты-сымары сөбүлээбэттэр, анал буруо таһаарар тэриллээх киирэбин.
— Тоҕо мүөккүн «Алаас мүөтэ» диэн ааттаатыҥ?
— Алааспар үүнэр сибэккилэртэн аһыыллар. Бэйэбит дойдубут алааһа буоларын иһин, «Алаас мүөтэ» диэн толкуйдаан ааттаатым.
— Инникитин туох былааннааххыный?
— Сыл аайы элбэтэн иһэр былааннаахпын. Эһиил бу сирбин хоруттаран, фацелия диэн мүөттээх сибэкки олордуохтаахпын. Бастатан туран, мүөппүн улууһум иһигэр аатыылыам. Онтон кэлин, табылыннаҕына, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар таһаарыам диэн санаалаахпын.
Экологическай өттүнэн ыраас, үрдүк хаачыстыбалаах бэйэбит улууспут мүөтэ мантан ыла олохтоохтор үөрүүлэригэр атыыга тахсара күүтүллэр. Биллэн турар, мүөт киһи доруобуйата тупсарыгар көмөтө улахан, амтана да минньигэс буолар.