Горнайдар “Робофест-2018” бэстибээлгэ оҕолуун, педагогтуун бары бастаатылар

174

Идэ таһымын үрдэтэр уонна үөрэҕи сайыннарар институкка түөрт бастыҥ көрдөрүүлээх улуустааҕы технопааркалар бэрэстэбиитэллэрэ суруналыыстары кытта көрүстүлэр. Амматааҕы лиссиэй, Чурапчытааҕы гимназия, Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр киин уонна Бэрдьигэстээх (Горнай) робототехникаҕа оскуолата буолаллар.


Кэпсэтии саҕаланыыта, Идэ таһымын үрдэтэр уонна үөрэҕи сайыннарар институт дириэктэрин солбуйааччы Юрий Семеновөрөспүүбүлүкэҕэ оҕолорго аналлаах маҥнайгы технопааркалар хайдах арыллыбыттарын билиһиннэрдэ. Ол курдук, Арассыыйаҕа “Кванториум” диэн ааттанан икки сылтан бэттэх эрэ үөдүйэн эрэр эбит буоллахтарына, Саха сиригэр аан маҥнайгы технопаарка өссө 2008 сыллаахха арыллыбыт эбит. Итиниэхэ маҥнайгы хараҥаччынан Амматааҕы лиссиэй буолбут. Иккиһинэн Чурапчы гимназиятыгар, үсүһүнэн Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр кииҥҥэ, төрдүһүнэн Семен Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар тэриллибиттэр.

Суруналыыстары кытта көрсүһүү кыттыылаахтара

Түөрт бастакы хараҥаччылартан ойуччу тутан,  Бэрдьигэстээхтээҕи “Робототехника оскуолатын” билиһиннэриэхпит. Тоҕо? Аныгы кэмҥэ үгүстэр судаарыстыбаттан көмө көрүллэрин кэтэһэн олорор үгэстээхтэр, эбэтэр анаан-минээн үп тыырыллар. Оттон Семен Данилов аатынан орто оскуола кэлэктиибэ букатын бэйэтин кыаҕынан 3 лабораториялаах робототехника оскуолатын арыйбыт.

Оскуола дириэктэрин ИТ солбуйааччыта Марианна Николаевакэпсииринэн, 2015 сыллаахха “Робототехника оскуолата” диэн бырайыагы толкуйдаабыттар. Икки мэндиэмэннээх, лего курдук дьүһүннээх буолуо диэн былааннаабыттар. Бу бырайыактарынан 2015 сыллаахха “Тыа сирин оскуолата” (“Сельская школа”) педагогическай дьаарбаҥка виртуальнай түһүмэҕэр муҥутуур кыайыылаах аатын ылбыттар. Эһиилигэр тустаах бырайыактарын туппутунан социальнай граннар федеральнай куонкурустарыгар кыттан бастаан, 500 тыһ. солк. сүүйбүттэр. Итинтэн тирэх ылан, “Робототехника оскуолатын” арыйбыттар. Оскуола, улуус дьаһалталара өйөөн, оскуола мастарыскыайын туран биэрбиттэр. Кэлэктиип бэйэтин күүһүнэн биир сайын иһигэр хара илиитинэн өрөмүөн ыыппыт, дизайнын толкуйдаабыт. Ол түмүгэр, 2016 сылтан 3 лабораториялаах (легоконструирование, 3D лаборатория, научнай-техническэй айымньы) робототехника оскуолата үлэтин саҕалаабыт. Барытын баҕа, дьаныар уонна эрэл күүһүнэн олоххо киллэрбиттэр.

Робототехника оскуолата тэриллибитэ сылтан ордук эрэ кэм ааспыт эрээри, номнуо ситиһиилэрин ааҕан ситиллибэт. Көрсүһүү кэмигэр сүрүн кырааматаларын, дипломнарын аҕалан кэчигирэччи уурбуттара ону дьэҥкэтик туоһулуур. Улуус иһинээҕи күрэхтэһиилэртэн саҕалаан, дойду таһымнаах бэстибээллэргэ тиийэ барытыгар кытталлар эбит. Ол курдук, бүтэһик улахан тэрээһиннэринэн кулун тутар 7-10 күннэригэр Москваҕа буолбут Бүтүн Арассыыйатааҕы “Робофест-2018” бэстибээлгэ кыра саастаах оҕолорго Саха сирин аатын Бэрдьигэстээх робототехникаҕа уонна Саха гимназиятын оҕолоро көмүскээбиттэр. “Мир” хамаанда “Пытливые умы” номинацияҕа дойду араас муннуктарыттан сүүмэрдэммит 84 хамаандаттан кыайыылаах аатын сүкпүт. Инньэ гынан, ЛЕГО хампаанньаттан бэртээхэй бэлэҕи туппуттар. Баара-суоҕа 1 кылаас оҕолоро! Инньэ гынан, өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар үгүс баалы эппиттэр. Оттон педагогтар күрэхтэһиилэригэр Арсен АлексеевСемен Борисов түөрт номинацияҕа төрдүөннэригэр бастаабыттар.

Арассыыйаҕа  маҥнайгы миэстэни ылбыт Бэрдьигэстээхтээҕи хамаанданы Робототехника оскуолатын тренер-преподавателэ Ангелина Бережнова бэлэмнээбит. “Уһуйааҥҥа оҕолор 5 саастарыттан робототехниканан  дьарыктаналлар. Онон биһиэхэ бэлэм оҕолор кэлэллэр. Кинилэри салгыы сайыннаран үрдүк ситиһиилэри ситиһэбит”, — диэн санаатын үллэстэр. Манна даҕатан эттэххэ, Ангелина Петровна Бүтүн Арассыыйатааҕы “Робофест” бэстибээл дьүүллүүр сүбэтин састаабыгар киирэр. Саха сириттэн үрдүк таһымнаах дьүүлүүр сүбэҕэ быһа-холоон биэс педагог баар дэһэллэр.

Кырчааннары суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ аҕалбатахтар. Уһун айантан сылайдахтара даҕаны. Сорохтор номнуо атын күрэхтэһиилэргэ бэлэмнэнэллэр үһү. Ол оннугар информатика учуутала, 3 D лаборатория салайааччыта Иван Ефремовиитиллээччилэрин, күн күүһүнэн төлөпүөн иитэри уонна этно-робомуусука оҥорбут, 3D принтер көмөтүнэн сахалыы киэргэллэри айан таһаарбыт оҕолору кытта көрүһүннэрдилэр.