Горнай улууһугар Уһук Илиҥҥи гектаары ылыыга барыта 285 сайабылыанньа киирбититтэн, күн бэҕэһээҥи туругунан 160 киһини кытта дуогабар түһэрсилиннэ. Онон итиччэ киһи ханна, туох сыаллаах-соруктаах сири ылалларын чуолкайдаан, билигин үлэлэһэн эрэллэр.
Россия Сирин кодексатыгар олоҕуран, 947 сайабылыанньа киирбититтэн, 331 киһи барыта докумуоннара табыллан, сирдэрин ыллылар. Элбэх оҕолоох ийэлэргэ 428 сир учаастага түҥэтиллибититтэн, быйылгы сылга 45 ыал сирдэннэ.
Маны таһынан «Саха сирин гектаара» диэн аатынан, эмиэ сири босхо ылыыга элбэх үлэ барда. Ол курдук билиҥҥи туругунан, 37 киһи сирдэрин учаастагын тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга анаан, ылан сылдьаллар. Сүрүн ылар аналлара: сылгы, ынах сүөһү ииттээри, оттоору, мэччирэҥ оҥостоору, көмө хаһаайыстыба тэринээри. Специалистар олохсуйаары, дьиэ-уот туттаары эмиэ ылбыттар. Быһата —үлэлээри-хамнаары, сир быйаҥыттан бэриһиннэрээри.
Сири ылбыттар бары ИП-лар, бааһынай хаһаайыстыбалар уонна Сир кодексатыгар сөп түбэһиннэрэн, олохтоох салайыныы уоргана оҥорон бигэргэтэр судаарыстыба көмөтүн ылааччылар испииһэктэригэр киирбиттэр, специалистар о.д.а. буолаллар.
Горнайга туохха анаан сири ылалларын маннык быһаараллар: сылгы, ынах сүөһү ииттии, олохтоох аһы-үөлү астааһын, инновационнай оҥорон таһаарыы, социальнай урбаан, туризмы, доруобуйаны чөлүгэр түһэрэри кытта ситимнээх дьарык о.д.а.