Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Орто Халыма улууһун нэһилиэктэригэр «күөх рейс» тиэрдилиннэ

428

Ааспыт нэдиэлэҕэ «Якутоптторг» тэрилтэ салаатынан Орто Халыма улууһугар социальнай суолталаах ас уунан тиэрдилиннэ. Тэрилтэ улуустааҕы филиалын дириэктэрэ Татьяна Тайшина этэринэн, 386 тонна 400 киилэ бурдук аҕалыллан, ыскылааттарга сүөкэннэ.


Чэпчэки сыанаҕа аҕалыллыбыт бурдук ыраах сытар нэһилиэктэргэ суол аһылыннаҕына миэстэтигэр тиэрдиллиэхтээх. Ол туһунан филиал салайааччыта Татьяна Николаевна иһитиннэрдэ.

Кини этэринэн, балаҕан ыйыгар саахар, эт, үүт кэнсиэрбэтэ, куруппа арааһа уо.д.а. социальнай суолталаах ас эмиэ уу суолунан кэлиэхтээх.

Маны сэргэ Ил Дархан Егор Борисов  халааҥҥа эмсэҕэлээбиттэргэ, о.э. Арҕахтаахха, Сыбаатайга, Берёзовкаҕа сибиэһэй аһы ыытар туһунан сорудаҕар олоҕуран, Якутоптторг тэрилтэ бу нэһилиэктэр олохтоохторун чэпчэки сыаналаах аһынан хааччыйда.

Ол курдук, ааспыт нэдиэлэ өрөбүл күнүгэр Магадан — Сеймчан — Орто Халыма хайысхатынан анал рефрижераторынан улуус киинигэр тиэллэн кэлбит аһы тута нэһилиэктэргэ вертолетунан тастылар. Тириэрдиллибит иккилии тонна аһы нэһилиэнньэ хамаҕатык атыыласта. Манна луук, хортуоппуй, хаппыыста, сүбүөкүлэ, дьаабылыка, апельсин, мандарин баар. Итини тэҥэ халбаһы, бурдук, саахар, мас арыыта, хомпуот, кэнсиэрбэлэммит салаат, сымыыт кыралаан баар.

Маннык «күөх рейс» атын нэһилиэктэргэ алтынньыга аҕалыллара былааннанар.