Халбаакы котельнайын үлэлиир туругун көрдүлэр

523

Халбаакы нэһилиэгэр билигин үлэлии турар киин котельнай техническай туругун, төһө кыамталааҕын, ханнык тэриллэр баалларын, онтон да атын ирдэнэр хайысхалары чинчийэн көрүү ыытылынна.  


Тохсунньу 23 күнүгэр улуус баhылыгын промышленноска уонна инфраструктураҕа солбуйааччы А.А. Лобашев, промышленность, ОДьКХ управлениетын начальнига Н.В. Саввинов уонна СР ОДьКХ ГУТ кылаабынай инженерин солбуйааччыта А.В. Готовцев, бу тэрилтэ кылаабынай проектировщига Н.В.Николаев, ОДьКХ ГУТ Бүлүүтээҕи филиалын начальнига А.И.Архангельскай чинчийиини ыыттылар.

Котельнай таһынааҕы тутуутун, иһинээҕи тэриллэрин көрөн баран, кэлбит хамыыһыйа нэһилиэк дьаһалтатын дьиэтигэр бу сырыы түмүгүнэн кылгас иһитиннэрии оҥордо.

СР ОДьКХ ГУТ гендиректорын солбуйааччы Афанасий Готовцев киин котельнайтан ититиини биэриигэ икки вариант баарыгар тохтоото. Ол курдук бастакыта ЯТЭК убатыллыбыт гаһынан туһаныы, иккиһэ – ОДЬКХ бэйэтин күүһүнэн, ол эбэтэр икки өттүттэн үбүлээһин нөҥүө үлэни тэрийиини эттэ.

Улуус дьаһалтатын промышленноска, ОДьКХ-ҕа управлениета, Бүлүүтээҕи коммунальнай хаһаайыстыба уонна атын аналлаах техническэй сулууспалар хардарыта кэпсэтии, ырытыһыы, дьүүллэһии кэнниттэн сөптөөх көрүү оҥоһуллан, техническэй өттүнэн кыалларын быһыытынан уонна бырайыагар кыра уларытыылары киллэрдэххэ, киинтэн ититии боппуруоһун иккис варианынан быһаарарга диэн биир санааҕа кэллилэр.

Кылгас кэм иһигэр бу барыта оҥоһуллан бүтүөн сөп эбит диэн эттилэр. Онон күүстээх хочуоллары, носуос станциятын туруорууга уонна ититэр ситими тардыы үлэлэрин ыытарга сүбэлээтилэр.

Халбаакы нэһилиэгин баһылыга А.И.Васильев киин ититиигэ 130 ыал дьиэтэ холбонуохтааҕын, нэһилиэккэ 2016 сылтан саҕаламмыт 2019 сылга диэри хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү программатыгар киирсэллэринэн, элбэх квартиралаах хас да дьиэлэр тутуллуохтаахтарынан, киинтэн ититии боппуруоһун бигэргэммит схематын көрдөрөн туран быһааран кэпсээтэ уонна бу сайын хайаан да үлэ ыытылларын туруоруста.

Онон Дьокуускайтан кэлбит хамыыһыйа котельнай билиҥҥи дьиэтэ оннунан хаалыан сөбүн, реконструкцияны ыытыы үлэтигэр кыамтатын быһаарарга, объект тас өттүгэр эбии тутуу баар буолара тахсан кэлиэн сөбүн, хочуола, дизелэ, носуоһа төһө улаатарын, уопсайынан, реконструкцияҕа төһө үп ороскуоттанарын барытын ааҕан-суоттаан таһааралларыгар ыйыы-сүбэ оҥордо.

Онон сөптөөх үлэ ыытылларыгар анаан бу сырыы түмүгүнэн бигэргэтиллибит бырайыак оҥоһуллан, уонча хонук иһинэн анал сөбүлэһиини ааһыахтааҕын чопчулаан эттилэр. «Биһиги тэрилтэ бүтүн республика үрдүнэн араас ититэр системалары, котельнайдары тутан, оҥорон кэллибит. Онон уопут да, элбэх сөптөөх матырыйааллар да бааллар, ол эрээри биһиги тэрилтэ төлүүр иэспит олус элбэх, онон хардарыта үбүлээһиҥҥэ булгуччулаах, ол эбэтэр бастакы уочарат үбүлээһинэ чуолкайданнаҕына, эһиги этиигитинэн үлэни хаһан баҕарар ыытарга бэлэммит», — диэн түмүктээтилэр.

«Олох суола» хаһыат. 25.01.2016 с.