Хара нэһилиэгэр тутуллубут «Чыпчаал» спорт чыпчаалыгар олохтоохтору угуйа турдун

157

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгэр «Үтүө дьыала» бырагырааманан тутуллубут саҥа спорт саалатын үөрүүлээхтик арыйыы сиэрэ-туома ыытылынна. «Чыпчаал» диэн ааттаммыт уораҕайга харалар биир дойдулаахтара, спорка үрдүк көрдөрүүлэри ситиспит, боксаҕа Арассыыйа үтүөлээх маастара, аан дойду үрүҥ көмүс призера, Европа иккис төгүллээх, Арассыыйа үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, РиодеЖанейротааҕы Олимпийскай оонньуулар кыттыылаахтара Василий Михайлович Егоров аата иҥэрилиннэ.


Саҥа саала символическай күлүүһүн «Тут Уус» ХЭТ дириэктэрэ Эдуард КалачиковХара нэһилиэгин баһылыгар Дария Назароваҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Киирэр аан аалай лиэнтэтин СӨ Ил Түмэнин дьокутаата Юрий Баишев, СӨ спорка миниистирэ Георгий Балакшин, оройуон баһылыга Николай Старостин, нэһилиэк баһылыга Дария Назарова, СӨ үтүөлээх тириэньэрэ, аан дойдутааҕы категориялаах судьуйа Аркадий Тастыгин, РФ спорка үтүөлээх маастара, боксаҕа Россия сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ Василий Егоров, тутуу тэрилтэтин салайааччы Эдуард Калачиков быстылар.

Бу күн ыҥырыылаах ыалдьыттар, Василий Егоров дьиэ кэргэнэ, спорт бэтэрээннэрэ, оскуола үөрэнээччилэрэ, нэһилиэк олохтоохторугар эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Дария Назарова нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын киллэрсибиттэргэ бэлиэ наҕараадалары итиэннэ Василий Егоровка кини аата саалаҕа иҥэриллибитин туоһулуур суругу туттартаата.

Оройуон салалтатын аатыттан Николай Старостин нэһилиэк салгыы сайдыы үктэллэрин дабайан иһэригэр, ыччат дьон саҥа саалаҕа дьарыктанан ситиһиилэнэ туралларыгар баҕа санаатын эттэ. Бастыҥтан бастыҥнар улуус наҕараадаларынан бэлиэтэннилэр.

Ил Түмэн дьокутаата Юрий Баишев Хара сириттэн-уотуттан тахсыбыт өрөспүүбүлүкэҕэ спорду салайбыт, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлинэн, уһун сылларга Москваҕа СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбит Иннокентий Игнатьевтан саҕалаан спорт бары эйгэтигэр ситиһиилээх, инники күөҥҥэ сылдьар спортсменнар элбэхтэрин, маннык үчүгэй саала дьон-сэргэ чөл олохтоох буоларыгар, доруобуйаларын тупсарыналларыгар көмөлөөх буолуоҕун бэлиэтээтэ.

СӨ спорка миниистирэ Георгий Балакшин оройуон, нэһилиэк салалталарыгар махталын биллэрэн туран, сылаас, сырдык саалаҕа чөмпүйүөннэр үүнэ-сайда туралларыгар баҕа санаатын тиэртэ, спорт тэрилин ыларга сэртипикээти туттарда.

Бүтүн Арассыыйаны ааттата сылдьар кэскиллээх спортсмен Василий Егоров нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, биир дойдулаахтара үрдүктүк чиэстээбиттэригэр, үрдүк эппиэтинэс сүктэриллибитигэр махтанан туран: «Олус үчүгэй саала тутулунна. Күүс-көмө буолбут бары дьоммор-сэргэбэр махтанабын. Салгыы боксаҕа анаан эбии тутуу тутулларыгар баҕалаахпын», ‒ диэтэ.