Хочоҕо «Аҕа күрэҕин» өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһинэ ыытылынна

151

Муус устар 5 ‒ 6 күннэригэр 2-с Наахара нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа күрэҕэ» ыытылынна. Былырыын Таатта улууһугар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ тэрээһинигэр биһиги улууспутуттан Хочо олохтоохторо Вячеслав уонна Сокол Соколовтар эрэллээхтик кыайыыны ситиһэннэр, быйыл күрэхтэһии кэнники сылларга өтөрүнэн улахан тэрээһиннэр ыытылла илик нэһилиэктэригэр Хочоҕо үрдүк таһымҥа тэрилиннэ.


Константин Захаров салайааччылаах улуустааҕы ыччат бэлиитикэтигэр уонна дьиэ кэргэн дьыалатыгар управление үлэһиттэрэ быһаччы сүүрүүлэринэн-көтүүлэринэн, СӨ Ыччат бэлиитикэтигэр уонна дьиэ кэргэн дьыалаларыгар министиэристибэ, култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын, «Олоҥхо дьиэтин» исписэлиистэрэ, «2-с Наахара нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата, Хочо олохтоохторо тэрийиилэринэн бэртээхэй хапсыһыылаах күрэхтэһии, чөл олох, төрүт дьарык, успуорт бырааһыннььыга ыытыллан, 13 улуустан 14 аҕалаах уол кытынна. Кыттааччылар баҕанаҕа ыттыы, маһы суоруу, эрбээһин, хайытааһын уонна саһааннааһын, ойбону алларыы, булчут биатлона курдук түһүмэхтэргэ туох да эриирэ-мускуура суох кэлэн кыттар усулуобуйаларын ымпыгар-чымпыгар диэри бэлэмнээбиттэрин хайҕаатылар. Бу иннинээҕи күннэргэ, тибиилээх халыҥ хаар да түспүтүн үрдүнэн, суолу-ииһи астаран, олохтоохтор үлэ бөҕөтүн көрсүбүттэр, ону сэргэ ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары буор-босхо итии чэйинэн, алаадьынан, миининэн күндүлээбиттэрэ биир сонун көстүү буолла.

Муус устар 5 күнүгэр, маҥнайгы күн ыраах улуустартан айаннаан кэллилэр, соторутааҕыта саҥа аһыллыбыт култуура киинигэр Аҕа оруолун туһунан киэн далааһыннаах «төгүрүк остуол» ыытылынна. «Төгүрүк остуолга» кулун тутар бүтэһик күннэригэр СӨ Ыччат бэлиитикэтигэр уонна дьиэ кэргэн дьыалатыгар миниистир дуоһунаһыгар саҥа талыллыбыт эдэр киһи Иван Луцкан, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Павел Сазонов, Рио де Жанейро ыытыллыбыт Олимпиада кыттыылааҕа, Азия чөмпүйүөнэ Айаал Лазарев, Дьокуускайдааҕы инновация киини дириэктэрэ Дмитрий Титов уо.д.а. кытыннылар. «Төгүрүк остуол» кыттааччылара санааларын атастаһан, ханнык хайысханы тутуһуохха сөптөөҕүн ырыттылар, эр киһи, аҕа оруолун үрдэтиигэ туох үлэлэр ыытыллыахтарыгар сүбэлэстилэр. Иван Луцкан миниистир дуоһунаһыгар саҥа киирэн, бастакы тэрээһинин Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан саҕалаабытынан улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Павел Сазонов эҕэрдэлээтэ, «СӨ дьиэ кэргэн бэлиитикэтин сайдыытыгар кылаатын иһин» анал бэлиэлэринэн Аҕа күрэҕин тэрийсээччи, настаабынньык, Холгума нэһилиэгин олохтооҕо Василий Никитин уонна элбэх оҕолоох аҕа, Таатта улууһун актыбыыһа Федор Чупров наҕараадаланнылар. Араас улуустартан кэлбит кыттааччыларга Мэҥэ Хаҥалас туһунан өйдөбүнньүк бэлэхтэр туттарылыннылар. Үөрүүлээх тэрээһини Тиэлигиттэн Давид Трофимов, Быраматтан «Эрчим» үҥкүү бөлөҕө, хочолор киэргэттилэр.

«Аҕа күрэҕэ ‒ 2018» бастакы, иккис түһүмэхтэрэ бу киэһэ ыытылыннылар. Бэйэни билиһиннэриигэ кыттааччылар талааннарын көрдөрдүлэр, ыллаатылар, инструменнарга оонньоотулар, бэриллибит ыйытыыларга бэйэлэрин санааларын аһаҕастык эттилэр. Чурапчыттан Александр, Миша Борисовтар, Амматтан Николай, Алик Новиковтар, Майаттан Афанасий, Алеша Максимовтар, Тиэлигиттэн Егор, Ваня Федоровтар, Намтан Николай, Артем Эверстовтар, Орто Халыматтан Иван, Эльдар Бандеровтар, Дьокуускайтан Константин, Саша Птицыннар, Хаҥаластан Дмитрий, Игорь Лукиннар, Ленскэйтэн Петр, Яков Парниковтар, Үөһээ Дьааҥыттан Александр, Саша Слепцовтар, Ньурбаттан Максим, Арсенитий Ивановтар, Өймөкөөнтөн Семен, Вениамин Босиковтар, Тааттаттан Федор, Арсен Чупровтар уонна Бүлүүттэн Гаврил, Слава Михайловтар кытыннылар. Кыттааччылар ортолоругар элбэх оҕолоох аҕалар бааллар эбит. Биир оннук бэрэстэбиитэлинэн Тиэлигиттэн сылдьар сэттэ оҕолоох Федоровтар буолаллар. Кинилэр дьиэ кэргэннэринэн бука бары сахалыы таҥастаах тахсан туойбуттара, ыллаабыттара көрөөччүлэри сөхтөрдө. Оттон Өймөкөөнтөн сылдьар Босиковтар бэйэлэрэ алта оҕолорун таһынан 9 оҕону иитэллэр эбит.

Кыттааччылар оскуолаҕа хоннулар, сарсыҥҥы күнүгэр төрүт дьарык көрүҥнэригэр ыһыылаах-хаһыылаах тыҥааһыннаах күрэхтэһиигэ бастыҥнар ааттаннылар. Бэйэни билиһиннэрии уонна ыйытыыларга хоруйдааһын түмүгүнэн бастакы миэстэни Өймөкөөн, иккис Дьокуускай уонна үһүс Ньурба хамаандалара буоллулар. Анаммыт болдьоххо үстүү миэтэрэлээх маһы суоруу түһүмэҕэр сымсанан-сылбырҕанан хаҥаластар, Тиэлигиттэн Федоровтар уонна намнар буоллулар. Суоруллубут маһы эрбээн, хайытан, саһааннаан бэлэмнээһиҥҥэ аҕа уолунаан биир сутурук курдук хамаандаҕа үчүгэйдик үлэлииллэринэн намнар, таатталар, Мэҥэ Хаҥаластан Федоровтар иннилэрин биэрбэтилэр. Ойбону алларыы түһүмэҕэр намнар, дьокуускайдар уонна чурапчылар таҕыстылар. Баҕанаҕа ыттыыга аҕа уонна уол күүстээхтэрин-кыахтаахтарын көрдөрөннөр, ленскэйдэр, чурапчылар, аммалар тэҥнээхтэрин булбатылар. Саамай быһаарыылаах, тыҥааһыннаах көрүҥҥэ биатлоҥҥа чурапчылар, бүлүүлэр, тиэлигилэр түргэннэрин, бэргэнник ыталларын дакаастаатылар. Уопсай түмүккэ 27,5 очукуолаах Чурапчыттан Борисовтар тахсан кэлэн кыайыылаах үрдүк аатын сүктүлэр. Мэҥэ Хаҥаластан Федоровтар улуус чиэһин чаҕылхайдык көмүскээн, баара-суоҕа балтараа очкуонан хотторон (29 очкуо) иккис буоллулар уонна 32 очкуолааах Төҥүлүттэн төрүттээх Дьокуускай олохтоохторо Птицыннар үһүс миэстэни ыллылар. Миэстэлэспит хамаандаларга барыларыгар СӨ Ыччат бэлиитикэтигэр уонна дьиэ кэргэн дьыалаларыгар министиэристибэ аатыттан сыаналаах бултка-алка, дьиэҕэ-уокка туттуллар сыаналаах бириистэр туттарылыннылар. Атын кыттааччылары этэр буоллахха, төрдүс миэстэ Нам, бэһис Ленскэй, алтыс Майаттан Максимовтар, сэттис Хаҥалас, ахсыс Таатта, тохсус Амма, онус Өймөкөөн, уон биирис Ньурба, уон иккис Үөһээ Дьааҥы, уон үһүс Орто Халыма уонна уон төрдүс Бүлүү буоллулар.

Тэрээһини үөрүүлээхтик сабыыга СӨ Ыччат бэлиитикэтигэр уонна дьиэ кэргэн дьыалаларыгар миниистири солбуйааччы Савва Михайлов ыалдьыттаата. Кини сылтан сыл «Аҕа күрэҕэр» кыттааччы ахсаана элбээн, географията кэҥээн иһэрэ сэҥээриллэр диэтэ, улууспут дьаһалтатыгар, управление исписэлиистэригэр, 2-с Наахара нэһилиэгин олохтоохторугар күрэҕи үчүгэйдик тэрийбиттэригэр махтанна. «Мэҥэ Хаҥаластар өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһиннэри ыытыыга өрүү инники күөҥҥэ сылдьаллар, атын улуустар холобур оҥосутохтарын наада», ‒ диэтэ. Бу күн 2-с Наахара нэһилиэгин үөрүүлээх-көтүүлээх кыһыны атаарыы бырааһынньыга оройуттан тутулунна, сынньалаҥ кэмигэр көрдөөх-нардаах оонньуулар тэрилиннилэр.

Константин, Саша ПТИЦЫННАР, Дьокуускай куорат: Биһиги өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа күрэҕэр» иккис төгүлүн кыттабыт, былырыын Тааттаҕа алтыс буолбуппут. Быйылгы күрэхтэһиигэ син уопуттаах буоламмыт, кыра кыралаан баҕанаҕа ыттыыга, атын да көрүҥнэргэ бэлэмнэмиппит.

Петр, Яков ПАРНИКОВТАР, Ленскэй оройуона: Баҕанаҕа ыттыыга бастыҥ көрдөрүүлээхпит. Уолум да, мин даҕаны үчүгэйдик таҕыстыбыт. Күрэхтэһии тэрээһинэ олус үчүгэй, элбэх киһини кытта билистибит, уопут атастастыбыт.

Гаврил, Слава МИХАЙЛОВТАР, Бүлүү улууһа: Биир ыарахан көрүҥүнэн маһы суоран, эрбээн, хайытан бэлэмнээһин буолла. Биһиги Бүлүүгэ гааска 20-тэн тахса сыл аннараа өртүгэр көспүппүт. Онон маска үлэлээбэтэҕим ырааппыт, оттон уолум олох да бу үлэни төрдүттэн билбэт буолан ыарырҕаттыбыт. Аҕа күрэҕэ оҕону иитиигэ олус улахан суолталаах. Тэрийээччилэргэ махталбытын тиэрдэбит.

Александр, Миша БОРИСОВТАР, Чурапчы улууһа: Былырыыҥҥы «Аҕа күрэҕэр» төрдүс миэстэ буолбуппут. Быйыл кыттааччылар олус күүстээхтэр. Миша ‒ иккис уолум. Күрэхтэһиигэ анаан-минээн бэлэмнэнэ сатаатыбыт. Эһиил этэҥҥэ буолларбын үһүс кыра уолбун кытта киирсибит киһи диэн баҕа санаалаахпын.

Егор, Ваня ФЕДОРОВТАР, 1-кы Наахара нэһилиэгэ: Быйылгы улуустааҕы «Аҕа күрэҕэр» иккис миэстэ буолбуппут. Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии уратыта диэн барыта бэлэмнээх дьон кэлэллэр. Бу кытта сылдьааччылартан мин саамай аҕаларабын, 54 саастаахпын. Күрэхтэһиигэ уолбун өйөөммүн кыттабын. Бэйэм улахан спортсмен буолбатахпын, бултуубун, окко-маска үлэлиибин. Көрүҥнэртэн биатлону ордоробут итиэннэ маска күн ахсын үлэлиир үлэбит буолан, долгуйбатыбыт.

Иван ЧЕРКАШИН, күрэхтэһии кылаабынай судьуйата, «Хорсун быһыы» уордьанын кавалера, Россия спецнаһын бэтэрээнэ, СӨ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ: Быйылгы «Аҕа күрэҕэр» кыттааччы хамаанда 17 буолуохтаах этэ. Ону кулун тутар бүтүүтэ улахан буурҕа түһэн, суол-иис алдьанан, 14 хамаанда кэллэ. Күрэхтэһии олус тыҥааһыннаахтык барда. Бүтэһик түһүмэххэ диэри Тиэлигиттэн сылдьар Федоровтар бастаан испиттэрэ даҕаны, уопсай ахсаанынан Чурапчыттан сылдьар Борисовтар чорбойон таҕыстылар. Мин тус бэйэм көрүүбэр «Аҕа күрэҕин» култуурнай өртүн икки түһүмэххэ арааран туһунан көрүҥнээх куонкурус оҥоруохха сөп эбит. Тоҕо диэтэр, аҕаларбыт даҕаны, оҕолорбут даҕаны олус талааннаахтар эбит. Күрэхтэһии эһиил Чурапчы улууһугар ыытыллар буолла. Ол эрээри, өскөтүн чурапчылар аккаастыыр түбэлтэлэригэр Уус Алдаҥҥа «Дружба» диэн комплекска ыытыллыан сөп этэ.