Хонуу бөһүөлэгин Спортивнай микрооройуоҥҥа саҥа үс этээстээх, толору хааччыллыылаах, 36 кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ. Муома оройуонун салалтата, саҥа дьиэҕэ киирэр Хонуу бөһүөлэгин олохтоохторо, «Монтажник» МП тутааччылара үөрүүлээх түгэни бэлиэтээтилэр.
Дьиэ аһыллыытын, үлэҕэ киириитин сиэрин-туомун Арчы дьиэтин директора, СР культуратын туйгуна Ирина Слепцова арыалдьыт кыыстаах-уоллаах тахсан толордо, аал уокка айах тутта, үрдүк айыылартан көрдөһөн сахалыы алгыс тылын эттэ.
Салгыы оройуон баһылыга П.Н. Черемкин, тутуу прораба О.Д. Кычкин, Муома нэһилиэгин баһылыга А.В. Андреев саҥа дьиэлээхтэри ис сүрэхтэриттэн эҕэрдэлээтилэр, бары үчүгэйи, ситиһиини баҕардылар.
Олохтоохторго кыбартыыраларын күлүүстэрэ туттарылынна. Онон түөрт хаарбах дьиэ статуһун ылбыт Спортивнай микрооройуон 2, 3 №-дээх уонна Моложежнай уулусса 1, 34 №-дээх дьиэлэрин олохтоохторо саҥа тутууга киирдилэр. Итини тэҥэ икки тулаайах оҕоҕо күлүүстэр бэрилиннилэр. Саҥа дьиэҕэ көһөр Петровтар, Егоровтар, Золознайдар, Алексеевтар, Ивановтар, Капитоновтар, о.д.а. долгуйа үөрдүлэр.
Дьиэҕэ киирии аалай лиэнтэтин оройуон баһылыга П.Н. Черемкин, депутаттар оройуоннааҕы сэбиэттэрин председателэ А.Е. Шадрин уонна прораб О.Д. Кычкин кырыйдылар. Ити кэнниттэн олохтоохтор уонна саҥа дьиэни тута, көрө кэлбит дьон кыбартыыраларынан тарҕастылар. Дьиэ ис бараана куораттыы тупсаҕай оҥоһуулаах, киэҥ-куоҥ көрүдүөрдээх. Көрүдүөр холларыгар сибэккини олордуохха да сөп, ону тэҥэ сынньанар сири тэрийиэххэ син. Дьиэ олохтоохторо толору хааччыллыылаах, болкуоннаах кыбартыыраларыгар киирэн үөрдүлэр-көттүлэр.
Саҥа дьиэ күлүүһүн туппут Хонуу олохтооҕо Н.К. Алексеева бу курдук эттэ: «Наһаа үөрдүбүт. Уолбун кытта көһүөхпүт. Кыбартыырам икки хостоох. Урут Молодежнай уулусса 1 нүөмэрдээх дьиэтигэр олорбутум. Бу хос уолум киэнэ буолуо. Оттон бу миэнэ».
Санатар эбит буоллахха, бу дьиэ бастакы сыбаайата 2016 с. муус устар 13 күнүгэр түспүтэ. Дьиэни А.М. Ханин салайааччылаах «Монтажник» МП хас да ыйы быһа тымныыны-кыһыны, хаары аахсыбакка тутта.
Дьиэ олохтоохтору хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү федеральнайдааҕы программаҕа олоҕуран тутулунна. Тутуу уопсай суумата 117 мөл. солк. тэҥнэһэр.