Иһэр уу — сүрүн кыһалҕа

481

Бу нэдиэлэҕэ СӨ Бырабыыталыстыбатын үлэһиттэрэ Горнай улууһугар сылааҕы үлэлэрин отчуоттаатылар.


Туруорсуу биир

Олунньу 7 күнүгэр СӨ үп миниистирин солбуйааччы О.П.Никонова салайар бөлөҕө Атамай, Октябрьскай нэһилиэктэрин дьонун-сэргэтин кытары көрүстэ. Октябрина Петровнаны кытары олохтоохтор иннилэригэр бэйэлэрин үлэлэрин СӨ промышленность министиэристибэтин департаменын салайааччы А.Е.Портнягин, СӨ айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Н.В.Додохов, СӨ ас-үөл политикатын уонна тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кылаабынай исписэлииһэ И.К.Сивцев, спорт министиэристибэтин, сыана политикатын государственнай кэмитиэтин отделларын салайааччылара С.П.Степанов, Э.А.Фаизова билиһиннэрдилэр.

Бу икки нэһилиэк ыаллыы сыталлар. Онон кыһалҕалара да биир диэххэ сөп. Олохтоохтор ордук ынах, сылгы сүөһүнү иитиигэ күүскэ ылсан эрэллэр. Ол эрээри, аҕыйах хонуктааҕыта техника уматыгын сыаната үрдээбитэ үгүс дьону долгуппут. Онтон сылтаан, ынах сүөһү ахсаана аҕыйыыр кутталламмытын туһунан көрсүһүүгэ кэлбит дьон бары даҕаны эттилэр.

Билиҥҥи олох ирдэбилэ — суотабай сибээс, интернет өҥөтө мөлтөҕө биһиги улууска биир сүрүн кыһалҕа. Атамайга, Октябрьскайга да биир оннук. Киин балыыһаҕа уочаракка суруттарыы, нолуок араас төлөбүрэ, кирэдьиит төлөөһүнэ о.д.а. өҥөлөр барыта интернет нөҥүө бараллар. Онно сибээс хаачыстыбата улахан оруолу оонньуур.

Бэс Күөлүгэр, Күөрэлээххэ иһэр уу боппуруоһа олус сытыытык турар. Нэһилиэнньэ бу маны туруорсубута ыраатта. Чинчийии үлэтэ ыытыллыбыта эмиэ хаһыс да сыла. Аны туран, киһи иһэригэр эппиэттиир уу суоҕа быһаарыллыбыт. Онон инникитин анал станцияларга ыраастаммыт ууну тутталларыгар салалта сүбэлээтэ. Дьон бу хайысхаҕа үлэ тохтоон хаалбатыгар баҕа санаалаах.

Олохтоохтор Аһыматтан кэлэр үрдүк күүрүүлээх уот ситимэ уларытылларыгар, өрөмүөннэнэригэр сөптөөх кэм буолбутун ыйаллар. Ону таһынан, кэнники сылларга, өртөөһүнү бобуу уурааҕа тахсыаҕыттан сылгы, ынах сүөһү ортотугар ыарыы туруута элбээбитин бэлиэтээтилэр. Онон нэһилиэнньэ өртөөһүн үлэтэ булгуччу барыахтааҕын туруоруста.

Цифровой телевидениеҕэ «Саха» НКИХ биэриилэрэ көстүбэтиттэн, араадьыйа биэриитэ кылгаһыттан эрэллээх истээччилэр хомойоллорун биллэрдилэр.

Икки нэһилиэккэ биирдиилээн да боппуруостарга, этиилэргэ сөптөөх кэпсэтии таҕыста. Үрдүк сололоох ыалдьыттар хас биирдии киһи санаатын олус болҕомтолоохтук иһиттилэр. Үчүгэй хоруйдары, сөптөөх сүбэлэри-амалары биэрдилэр.

Олохсуйуон баҕалаах ыччат элбиир

Аны сайын Атамай нэһилиэгэ төрүттэммитэ 125 сылын бэлиэтиир. Бу улахан бэлиэ тэрээһини үрдүк таһымнаахтык ыытарга нэһилиэнньэ күүскэ бэлэмнэнэр.

Атамайга 2022 с. саҥа оскуола тутулларын үөрэ күүтэбит. Ол эрээри, 90 миэстэҕэ диэбиккитин, аҕыйах дии саныыбыт. Тоҕо диэтэххэ, нэһилиэнньэбит ахсаана сыллата элбээн иһэр. Дьокуускайтан кытары көһөн кэлэр ыччаттар бааллар. Онон ити былааннаммыт тутуу, кырата 120-130 миэстэлээх буолара наада этэ. Ону сэргэ, элбэх хайысхалаах киин дьиэ тутуллара тохтоон хаалбатыгар баҕарабыт. Интернет, суотабай сибээс өҥөтө олус мөлтөх. Билэргит курдук, билигин үлэ, отчуот үксэ интернетинэн барар. Онон сибээс өҥөтүн тупсарар туһуттан, оптоволокно ситимин Кэбээйигэ биһиги бүһүөлэкпитинэн ыыттахтарына табыгастаах буолуо этэ, — диэн М.П.Терентьева санаатын тиэртэ.

Оттон А.И.Филиппова оптоволокно кэлэригэр нэһилиэнньэ туора турбакка, мас кэрдиитигэр онтон да атын үлэҕэ олохтоох дьаһалтаны кытта субуотунньук да быһыытынан көхтөөх кыттыыны ылыаҕа диэн эрэннэрдэ. Үчүгэй хаачыстыбалаах интернет олох ирдэбилэ буоларын ыйда.

Эдэр ыччаттар кыбартааллара үлэҕэ киирэригэр суол оҥоруута, күөх төлөн киирэрэ анал федеральнай бырагыраамаҕа көрүллэрэ буоллар, үлэ өссө көхтөөхтүк барыа этэ. Маны таһынан элбэх оҕолоох, кыаммат ыаллар олохторо-дьаһахтара тупсарыгар, кинилэр дьиэлэрэ толору хааччыллыылаах буоларыгар көмө көрүллэригэр баҕарабыт, — диэтэ Р.К.Иванова.

Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит П.А.Петровка, Н.А.Яковлевка министиэристибэ аатыттан И.К.Сивцев Бочуотунай Грамотаны уонна Махтал суругу туттарбытын биир дойдулаахтара дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлээтилэр.

Сыллата көрдөһөллөр эрээри

Күөрэлээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ чугас эргин баар күөллэригэр балык ыытыытынан дьарыктанар баҕалаахтарын, онно анал үлэни толорон, улахан куонкурус кыайыылаахтара буолбуттарын ыалдьыттар сэргии, үөрэ иһиттилэр. Үлэлэрэ үчүгэй түмүктэрдээх буоларыгар Н.В.Додохов сүбэ-ама биэрдэ.

Иһэр уу боппуруоһа сылтан-сыл эһиилгигэ көһөн иһэрэ өйдөммөт. Биһиги маны туруорсубуппут отучча сыл буолан эрэр. Ити сыллар усталарыгар хаачыстыбата суох ууттан төһөлөөх киһи доруобуйата айгыраабыта биллибэт. Холобур, урукку кэмҥэ Мытаахха, Аһымаҕа кылгас кэм иһигэр уу скважинатын тутан үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Оттон билигин ол биһиэхэ тоҕо кыаллыбатый, — диэн П.С.Ковров ыйытта.

Кэбээйи өрөспүүбүлүкэтээҕи суол бэркэ тутуллан маныаха диэри кэллэ. Ол эрээри, хаачыстыбатыгар киһи үчүгэйи эрэ баҕарыан сөп курдук. Суол өрөмүөнэ тоҕо былааннаахтык барбатый, — диэтэ В.Л.Иванов.

Күөрэлээхтэр туһанан олорор, ытыктыыр Тукулааччы Эбэлэригэр ааһан иһэр дьон бөхтөрүн-сахтарын быраҕаллара, техникаларын сууйаллара элбээбититтэн хомойоллорун Н.Н.Васильев биллэрдэ. Кини ити айылҕаны киртитии буоларын санатан туран, айан суолун Эбэттэн туора ыытарга, эбэтэр хонтуруол үлэтин күүһүрдэргэ этии киллэрдэ.

Октябрьскайга оҕо саада толору хааччыллыылаах буоларын, саҥа арыы сыаҕа тутуллара, үрэхтэри туоруур муосталар саҥардыллыахтаахтарын туһунан М.Н.Федорова, П.Д.Дмитриева эттилэр, тус санааларын үллэһиннилэр.

Түмүккэ, Бырабыыталыстыба бөлөҕүн салайааччы О.П.Никонова нэһилиэнньэ көхтөөхтүк кыттыбытын бэлиэтээтэ. Туруоруллубут боппуруостар олоххо киирэллэригэр, үчүгэй түмүктэрдээх буолалларыгар государственнай уонна олохтоох уорганнар, нэһилиэнньэ биир санаанан салайтарарыгар, түмсүүлээхтик өрө көтөҕүллэн үлэлиэхтээхтэрин туһунан эттэ.