Улуустааҕы Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын исписэлиистэрэ биэрбит чахчыларынан, бу дьыл балаҕан ыйын 14 күнүнээҕи туругунан, улуус үрдүнэн оттооһун былаана 90,7 бырыһыан туолан иһэр.
Өймөкөөн улууһун быйылгы сыллааҕы оттооһуҥҥа сорудаҕа 3 800 тонна, онтон бу күннээххэ 3 445 тн от чөкөтүлүннэ. Хас нэһилиэк аайы былааннарын сүүс бырыһыан уонна аһара толорбут хаһаайыстыбалар бааллар. Бааһынай хаһаайыстыбалар 1 188 тонна былаантан 1 204 тн оту оттоотулар. Бу бырыһыаҥҥа таһаардахха 101,3. Кэтэх хаһаайыстыбалаахтар 2 215 тонна оту туруорар соруктаахтара, онтон 1 938 тонна оттоннулар (былаантан 87,5%). Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар (кэпэрэтииптэр, аҕа ууһунан общиналар, ФГУП) былааннарын 76,3 бырыһыан толорон иһэллэр: былаан – 397 тн, туолуу – 303 тонна.
2-с Бороҕон нэһилиэгэр балаҕан ыйын 14 күнүнээҕи туругунан, былаан 92,7% туолан иһэр, оттон сордоҥноохтор былааннарын 101,0% толорбуттара. “Өймөкөөн Тымныы Оройо” МТ 1 180 тонна оту бэлэмнээн, былааннарын 91,0 бырыһыанын ыллылар. Төрүттэр былааннара өссө туола илик – 62,3%. Ол да буоллар манна И.А. Десяткин уонна Г.В. Егоров хаһаайыстыбалара былааннарын тустааҕынан 125,0 уонна 133,3 бырыһыан толордулар. Үчүгэйдэр былааннара кыранан туолбата – 94,0%, уус-ньаралар сорудахтара кыра буолан, былааннарын сүүс бырыһыан толорон, оттоон бүппүттэрэ ыраатта.