Бу нэдиэлэҕэ Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр эдэр урбаанньыт Андрей Винокуров 50 сүөһүгэ анаан туппут улахан хотонун аһыллыыта буолла. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ өр сыл сүөһү иитиитигэр үлэлээбит нэһилиэк олохтоохторо кэлэн кытыннылар.
Сахалыы сиэринэн олохтоох алгысчыт Константин Винокуров аал уоту саламаатынан, арыылаах алаадьынан күндүлээтэ, уохтаах кымыһынан айах тутан, алгыс үтүөтүн анаата. Ол кэннэ “2-с Бороҕон нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын баһылыга Никифор Протопопов, улуустааҕы Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын исписэлииһэ Николай Спиридонов уонна тутуу хаһаайына Андрей Винокуров кыһыл лиэнтэни быһан, хотону үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар. Сүөһүлэр номнуо бэйэлэрин миэстэлэрин булунан, саҥа хотону иччилээн тураллар.
Андрей Винокуров 2016 с. балтараа мөлүйүөннээх федеральнай гран ылан, саҥа хотон тутар кыахтанна. Кини сыала-соруга диэн, бу хотонугар олохтоох дьон сүөһүтүн ылан дуогабарынан көрүү-харайыы буолар. Урбаанньыт хотон тутуллан үлэҕэ киирэригэр күүс-көмө буолбут өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр, чуолаан, тыа сирин сайыннарар департаменыгар, улуус баһылыгар Михаил Захаровка, Өймөкөөн улууһун Тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытыгар Павел Сивцевка, нэһилиэк баһылыгар Никифор Протопоповка уонна бу хотону тутарга үлэлэспит дьоҥҥо махтала муҥура суох.
Эдэр фермер инникигэ былаана киэҥ. Хотонунан эрэ муҥурдаммакка, эһиил теплица тутан, ити хайысхаҕа хаһаайыстыба тэринэр санаалаах. Ону таһынан сүүс гектардаах сиргэ элбэх сыллаах от ыһарга, кэнэҕэскитин олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга ылсыахтааҕын кэпсээтэ.