Өймөкөөн Винокуровтара кэлэр сылга Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин куонкуруһугар кыттыахтара

165

Тымныы полюһун Өймөкөөн нэһилиэгин Биэрэк-Үрдэ учаастагар олорор Винокуровтар дьиэ кэргэн тыа ыалын сиэринэн ынах сүөһү ииттэллэр. Бааһынай хаһаайыстыба аҕа баһылыга Иван Семенович тутаах киһилэрэ. Кини хаһаайыстыбатын көрөрүн-истэрин таһынан, олохтоох дьону оттук маһынан хааччыйар, ону тэҥэ туох баар нэһилиэккэ ыытыллар субуотунньуктарга буор-босхо үлэлиир.


Винокуровтар ааспыт кыстыкка 40 сүөһүнү тутан, быйыл күһүн 20 төбөнү идэһэлээтилэр. Сүөһүлэрин икки хотонунан туталлар. Хотоннорун бэйэлэрин күүстэринэн өрөмүөннээн, күрүөлээн-хаһаалаан олороллор. Иван Семенович бу сайын саҥа хотон тутунна. Хомойуох иһин, кинилэр баччааҥҥа диэри ханнык даҕаны куонкуруска кыттыбакка, туох даҕаны көмөнөн, өйөбүлүнэн туһамматтар. Аҕа баһылык хаһаайыстыбатыттан быыс булан сүүрүөн-көтүөн, докумуон хомуйсуон наада, аны бэйэлэрэ анал счеттаах буолаллара ирдэнэр. Ыал хаһаайката Лариса Семеновна оҕо саадын сэбиэдиссэйэ, тэрилтэтин салайарыгар үгүс бириэмэтэ, сырата-сылбата барара өйдөнөр. Ол да буоллар бу дьиэ кэргэн нэһилиэк дьонун 30 бырыһыанын ынах этинэн хааччыйбыттара хаһыс даҕаны сыла. Кинилэр эттэрэ атыыга былдьаһыгынан барар.

Соторутааҕыта ыытыллыбыт “Идэһэ” тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын дьаарбаҥкатыгар ыал ийэтэ Лариса Семеновна бородууксуйатын үксүн батаран барда.

— Биһиги дьиэ кэргэн улуус киинигэр ыытыллар дьаарбаҥкаҕа 2013-2014 сс. кыттыбыппыт. Ол сыллары кытта тэҥнээтэххэ, быйылгы дьаарбаҥкаҕа, төһө эмэ ынах этин эттээн аҕалбытым үрдүнэн, улуус киинин олохтоохторо эппин сорҕотун эрэ атыыластылар, — диэн кэпсиир Лариса Семеновна. — Ол кириисистэн сылтаан эбитэ дуу, үгүс дьон дьаарбаҥка буоларын билбэккэ хаалбыттарыттан эбитэ дуу? Ол да буоллар хаалбыт бородууксуйабын Томтор олохтоохторо үөрүүнэн ыллылар. Уус-ньаралар ол оннугар күөрчэҕи, субайы, иһи о.д.а. атын аһы-үөлү былдьаһыгынан атыыласпыттара. Быйыл улуустааҕы Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын быһаарыытынан, биһиги дьиэ кэргэммитигэр дьаарбаҥкаҕа кыттыбыппыт иһин 20 тыһ. солк. бириэмийэ туттаран үөрүүбүт үксээтэ. Атын сиртэн харчы киирбэт буолан, кэргэним бу үбү хотон үрдүн сабыыга туһанар санаалаах.

Хаһаайыстыба тутар дьоҥҥо үлэ түмүгэ тута көстөн кэлбэт. Аны бачча элбэх сүөһүнү кыһыҥҥы тымныыга таһырдьа таһааран уулатар уустуктардаах. Ол иһин уу баһааччыга ыйга ортотунан 4-5 тыһ.солк. төлүүллэр. “УАЗ” уонна “ЗИЛ” тиэхиньикэлэрэ эргэрдилэр, аны маныаха оттук ылыыта диэн баар. Кэлэр сылга дьиэ кэргэнинэн куонкуруска кыттар сорук туруоруналлар. Онуоха улуустааҕы Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын исписэлиистэрэ көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэллэрэ улахан. Туораттан өйөбүлэ суох улахан хаһаайыстыбаны тутар уустук.

Лариса Семеновна 1989 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрэн иитээччи идэтин баһылыаҕыттан, күн бүгүҥҥэ диэри идэтинэн үлэлиир сылдьар. Идэтигэр бэриниилээх, үлэтигэр эпиэтинэстээх педагогу 2001 сылтан Биэрэк-Үрдүн оҕо саадын сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. Бу сыллар тухары кыра учаастак оҕо саадын салайыыга кини үгүс ыарахаттары да көрүстэр, араас инстанцияларга туруорсан, уһуйаан күн аайы 10-14 иитээччитин үөрэ-көтө көрсөр.

Винокуровтар оҕолоро төрөппүттэригэр улахан көмө дьоно. Аксинья уонна Григорий билигин устудьуоннуу сылдьаллар. Кыралара Сайаана Өймөкөөн орто оскуолатын 7-с кылааһын туйгун үөрэнээччитэ, оскуола актыбыыс оҕолоруттан биирдэстэрэ, улуустааҕы “Хотугу сардаҥа” хаһыат эдэр кэрэспэдьиэнэ.

Оҕолор үөрэхтэригэр эрэ үчүгэй буолбатахтар, сайын аайы оттоон, дьонноругар көмөлөһөн, тыа сирин ыччатын сиэринэн ханнык даҕаны ыарахан үлэттэн толлон турбаттар. Ону таһынан Лариса Семеновна эдьиийэ Елена Семеновна дьиэ кэргэн баар-суох көмөлөһөөччүтэ, сүбэһитэ. Кинитэ суох биир даҕаны дьыала оҥоһуллубат, быһаарыы ылыллыбат. Бу ыаллар сайын ахсын аймахтар, күтүөт, оҕолор түмсэн ходуһаларыгар тахсан оттууллар. Быйыл Винокуровтар 14 кэбиһиини туруоран, 40-ча тонна оту хаһааннылар.

Биэрэк-Үрдүн учаастагар сүөһү иитиитинэн дьарыктанар икки улахан хаһаайыстыба баар. Олортон биирдэстэрэ – Иван Семенович хаһаайыстыбата уонна саха боруода ынаҕын иитиинэн дьарыктанар Евдокия Захаровна Винокурова буолаллар.

Эдэр дьон маннык ыаллары үтүө холобур быһыытынан сыаналаан, бэйэ хаһаайыстыбатын тутан, эбии дохуот киллэрэргэ, олохтоох бородууксуйаны тарҕатарга ылсыахтарын наада. Эппиккэ дылы, билиҥҥи үйэҕэ киһи барыта кирэдьииттээх.. Ону сабынарга бэйэ хаһаайыстыбатын туһата улахан. Күөх мэччирэҥҥэ күөлэһийбит сүөһү, сыһыы аайы тарҕаммыт сылгы, ыстаадаларынан көччүйбүт таба тустаахтарга аҕалар көмөтө баһаам. Кылаабынайа, үлэһит буолуохха, көстөр уустуктартан толлуомохха эрэ наада.