Өймөкөөннөр кулун кутуругун үүннэриигэ ылыстылар

467

Өймөкөөн улууһун Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Павел Сивцев иһитиннэрбитинэн, быйылгы дьылга улуус окко былаана 3800 тонна. Томтор нэһилиэгэр былаан быһыытынан 1452 тонна от оттонуохтаах, Өймөкөөҥҥө — 1296, Төрүккэ — 326, Сордоҥнооххо — 468, Үчүгэйгэ – 232 уонна Уус-Ньараҕа — 25 тонна. Улууска уопсайа 272 биригээдэ оттуур.


Бу күннэргэ Өймөкөөҥҥө уһуннук ардаан, ходуһалары уу ылла, муоста, суол-иис да алдьанна. Хомойуох иһин, маннык хартыына кэлиҥҥи сылларга өрүү хатыланар буолла. Улуус отчуттара былааннарын толорбокко, сүөһү кыстыгы туоруур аһылыгын кыайан хаһааммат түбэлтэлэрэ тахсыталыы сылдьыбыта. Маныаха өрөспүүбүлүкэ өттүттэн көдьүүстэх көмө оҥоһуллан, тымныы полюһун олохтоохторо ааспыт кыстыгы эмиэ этэҥҥэ туораабыттара.

Тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ маннык балаһыанньаттан тахсарга араас ньыманы тобуларга кыһаллаллар. Ол курдук, быйылгыттан Томтор нэһилиэгин эҥэр уонна Куйдуһун үрэх уҥуор түөрт хаһаайыстыба анал бэриллибит сирдэринэн элбэх сыллаах кулун кутуруга диэн от сиэмэтин ыһарга ылыстылар.

Бу дьаһалга улуус уонна өрөспүүбүлүкэ өттүттэн үбүнэн көмө көрүллэн, 2 тн кэриҥэ сиэмэ атыылаһылынна. Бу сиэмэ 100 га сиргэ тиийиэхтээх.

Маннык үлэ көдьүүһэ аны икки сылынан көстөн барыаҕа. Кэлэр сылтан кулун кутуругун ыһар бааһыналары бэлэмниир үлэ аны Өймөкөөн, Үчүгэй нэһилиэктэригэр ыытыллыаҕа.

Үлэ саҥа көрүҥэ улууска ынах сүөһү, сылгы ахсаанын элбэтэргэ туһуланан оҥоһуллар.
Көмүстээх Өймөкөөҥҥө кэлиҥҥи сылларга промышленноһы сэргэ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар үлэ былааннаахтык ыытыллар.

Тыа сирин олохтоохторо аны куурусса, сибиинньэ ииттэргэ ылыстылар. Соторутааҕыта улууска Дьокуускайтан түргэнник ситэр кыыллары аҕаллылар. Сибиинньэлэри уонна көтөрдөрү 1-кы Бороҕон нэһилиэгин олохтоохторугар түҥэттилэр. Сордоҥноох уонна Үчүгэй нэһилиэгэр оннооҕор козаны ииттибиттэрэ хаһыс да сыла буолла.