Саха барахсан былыр-былыргыттан хара үлэҕэ эриллибит көлүнэр көлөтүн, дьөһөгөйүн оҕотун, аллаах атын таҥара курдук көрөрө. Билигин даҕаны тыа сиригэр сыспай сиэллээҕи тэһииниттэн туппут хоһуун дьон элбэх.
Сунтаар улууһугар, Күндэйэҕэ, нэһилиэк дьаһалтата (баһылык Иван Константинов) уонна «Сырдык аартык» кэпэрэтиип (сал. Розалия Иванова) тэрийиилэринэн, тыа сирин үлэһиттэригэр аналлаах дьоро тэрээһин буолла. Күнүс «Ил» култуура киинигэр биирдиилээн ыаллар эмис убаһа этин, хаанын, олохтоох арыы собуотун сибиэһэй арыытын, о.д.а. дэлэччи атыылаатылар. Бу күн сылгы этиттэн, иһиттэн астаммыт бүлүүдэлэри дьон хамаҕатык ыллылар. Түһүлгэҕэ ыытыллыбыт болҕомтону тардар көрдөөх күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара арыы, сүөгэй тутаннар улаханнык үөрдүлэр.
Мантан киэһэ «Аныгы кэм сылгыһыта» диэн күрэхтэһиини көрөөрү кулуупка киһи толору муһунна. Тэрээһини нэһилиэк баһылыга Иван Константинов дьөһөгөй оҕотун иитэр-харайар Владимир Михайловка, Александр Петровка, Алексей Семеновка, Артем Игнатьевка о.д.а. махтал суруктары, сыаналаах бэлэхтэри туттарыыттан саҕалаата. Салгыы хаһаайыстыба бастыҥ ыанньыксыттара Саргылаана Алексеева, Ульяна Макарова, бостууктар, үүтү астыыр тэрилтэ үлэһиттэрэ, сайылыкка элбэх үүтү ыабыт биирдиилээн дьон кэпэрэтиип салайааччытыттан Розалия Ивановаттан үөрүүлээх быһыыга-майгыга сэмэй бэлэхтэри тутан долгуйдулар.
Дьэ, ол кэннэ, күүтүүлээх күрэхтэһиигэ сылгыһыт уолаттар барыта алта түһүмэххэ билиилэрин-көрүүлэрин, сатабылларын тургутустулар. Ыарахан үлэҕэ миккиллибит дьон күрэс устата эрбии биитин курдук эгил-тэгил эристилэр. Күүрээннээх күрэхтэһии биир тыынынан олус сэргэхтик, астыктык ыытыллан көрөөччүлэр улаханнык астыннылар. Түмүккэ, Харыйалаах учаастагар хас да үөр сылгыны иитэн-харайан туруорар улахан үөрүйэхтээх сылгыһыт Алексей Семенов бастаан үөрүү-көтүү өрөгөйө буолла. Киниэхэ уонна бары кыттааччыларга дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан сыаналаах бириистэр туттарылыннылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээбит Александр Михайлов, Александр Петров, Андрей Егоров өтөрүнэн буолбатах бэртээхэй биэчэри тэрийэн ыыппыт дьоҥҥо уонна өрө көтөҕүллэн көхтөөхтүк кыттыбыт сылгыһыттарга махтаннылар. Дьоро киэһэҕэ көрөөччүлэр күрэхтэһээччилэр кырбастаабыт сибиэһэй эттээх хаһаларынан күндүлэннилэр. Маны сэргэ лотереяҕа хаһан да сүүйбэтэх дьон бааттананнар, үөрүүлэрэ үксээтэ. Ол курдук, Иван Тарабукин паардаах өтүүгү кытта фен сүүйдэ. Онтон Александр Андреев тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтигэр саппаас чааһы атыылыыр «Сергеев Е.Н.» ИП маҕаһыыныттан саппаас чааһы ыларга 30000 солк. суумалаах сэртипикээккэ тигистэ. Дьэ, бу курдук, күүстээх үлэ быыһыгар көрү-нары көҕүлүттэн тутан, Күндэйэҕэ умнуллубат үтүө күн буолла.