Күһүүргэ Анастасия Дмитриева-Күндэли саҥа кинигэтэ сүрэхтэннэ

160

Булуҥ улууһугар айар куттаах дьонтон биирдэстэрин Анастасия Дмитриева-Күндэли айар үлэтин туһунан сырдатыахпытын баҕарабыт. Анастасия Егоровна 1954 сыллаахха Сахандьа сиригэр-уотугар табаһыт дьиэ кэргэҥҥэ алтыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ол курдук Анастасия Дмитриева бу дьыл күһүнүгэр “Кыталыктар” диэн хоһооннорун хомуурунньуга күн сирин көрдө. Кинигэҕэ уопсайа 90-ча хоһоон киирбитин ааптар бэлиэтээн этэр.


Анастасия Егоровна маҥнайгы хоһоонун 5 кылааска тахсан баран нууччалыы суруйбутун, онно туйгун сыана ылбытын умнубат. Суруйааччы айар дьоҕурун литератураны кытта ситимнииригэр икки киһи төһүү күүс буолбуттар. Чуолаан кинилэр ааптар маннык үрдүктэри дабайарыгар, суруйууга бастакы хардыылары оҥороругар уһуйбуттар.

Анастасия Дмитриева:
Аан маҥнайгы хоһооннорбун бэчээттээн таһаарарбар түгэн маннык буолбута. Биир сайын теплоходунан айанныырбар, хоту дойду биллиилээх суруйааччытын Сэмэн Туматы кытта бииргэ айанныыр чиэскэ тиксибитим. Бачча талааннаах киһиэхэ түбэһэн баран, кини сүбэтин ылбатахпына олохпор кэмсинэ сылдьыам диэн санааны ылынан, киниэхэ тиийэн көрдөрдүм, сүбэ-ама ыллым. “Семен Андреевич, баһаалыста мин суруйбут хоһооннорбун көрүөххүт дуо”,– диэн ыйыттым, онуоха Сэмэн Тумат хоһооннорбун көрүөн иннинэ, “Быйыл саха дьахталлара наһаа суруйар буоллулар” диэбитэ. Арай көрдөхпүнэ, айымньыларбын улаханнык көрбөккө лиистэри арыйа-арыйа ааһа бара турар курдук, иһигэр киллэрбэтэ дии санаатым. Ол олордохпуна, кэмниэ-кэнэҕэс: “Дьэ бу проза”,– диэтэ кини. Биллиилээх суруйааччы Сэмэн Тумат тылларын кэннэ, салгыы суруйарга эрэл үөскээбитэ, хоһооннорбун бэчээккэ ыытарбар санаам өссө бүк үрдээбитэ. Ол сайын 20 устуука аан маҥнайгы суруйбут хоһооннорбун таһааран доҕотторбор бэлэхтээбитим.

2016 сылга улуус дьаһалтатын дьиэтигэр тиийэн Милославскай Владимир Георгиевиһы кытта көрсөн, кэпсэтэн, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар саайтарыгар кинигэ таһаарыан баҕарарын туһунан суруйан ыыппыттар. Ол кэннэ маныаха сыһыаннаах аукциоҥҥа кыттан, Грант ылбыт. Ол түмүгэр бу «Кыталыктар» кинигэ тахсыбытын Анастасия Егоровна кэпсиир.

Ол курдук, саҥа хоһооннор хомуурунньуктарын кинигэтэ балаҕан ыйын 10 күнүгэр бэчээттэнэн, ааптар үөрүүтэ үксээбит. Бастатан туран, саҥа тахсыбыт буруолуу сылдьар кинигэни биир дойдулаахтарыгар, Күһүүр олохтоохторугар сүрэхтээбит. Кинигэни кытта билсиигэ оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлара уонна нэһилиэк бэтэрээн дьоно кэлэн олус сэргээн барбыттар. Нэһилиэнньэ сөбүлээбитин биллэрэн, кыра оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ кинигэттэн хоһооннору доргуччу аахпыттар. Тэрээһин үөрүүлээх кэмигэр ытык кырдьаҕастарга уон кинигэ бэлэх туттарыллыбыт уонна дьон аахтын, биллин-көрдүн диэн библиотека кинигэтин кэккэтигэр эбиллэн биэрбит.