Кириэстээххэ бастыҥ сылгыһыты таллылар

442

Тыа сирин сылын чэрчитинэн, «Бастыҥ сылгыһыт» диэн идэлэригэр бастыҥнары талыы күрэхтэһиитэ Кириэстээх сиригэр-уотугар олус сэргэхтик буолла.


Сунтаар улууһун бастыҥ сылгыһытын таларга Бордоҥ, Сунтаар, Туойдаах, Дьаархан, Күүкэй, Маар Күөл уонна Кириэстээх нэһилиэгиттэн 16 киһи кытынна. Халлаан төһө да тымныы, тыаллаах буоллар, көрөөччү элбэҕэ, атын нэһилиэктэртэн кытары көрөөрү кэлбиттэрэ сүргэни улаханнык көтөхтө. «Бастыҥ сылгыһыт» күрэхтэһиини улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета, Кириэстээх нэһилиэгин дьаһалтата, «Саргы түһүлгэтэ» култуура киинэ тэрийэн ыыттылар. Нэһилиэк ыһыахтыыр пааркатыгар күрэхтэһии кэмигэр атыы-эргиэн, хорчуоппа тэрилиннэ.

Улууска бастакытын ыытыллар сылгыһыттар күрэстэрин үөрүүлээх аһыллыыта кыттааччылар парааттарыттан саҕаланна. Кириэстээх нэһилиэгин баһылыга Александр Григорьев, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Иван Тихонов, улуус нэһилиэктэриттэн анаан-минээн күрэхтэһиини көрө кэлбит бэтэрээн сылгыһыттар үөрүүлэрин үллэһиннилэр, эҕэрдэ тылларын эттилэр.

Күөн күрэс алта түһүмэҕинэн барда. Бастакы үс түһүмэх уопсай зачекка киирдэ. Онтон атына успуонсардар туруорбут бириистэригэр биирдиилээн абсолютнай күрэхтэһиинэн барда. Манна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Тихонов И.В., Кириэстээх нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Федоров Г.В., тыа хаһаайыстыбатын управлениетын юриһа Чирикова А.Н., «Урожай» спортивнай уопсастыба бэрэссэдээтэлэ Спиридонов Д.Ю. судьуйалаатылар. Улууска ыытыллар үгүс күрэхтэһиини комментарийдыыр Дмитрий Спиридонов бу да сырыыга саҥаран-иҥэрэн  күрэхтэһиини бэрт сэргэхтик ыытта.

Зачекка киирэр күрэс бастакы түһүмэҕэр сылгыһыттар 1 км сири атынан сүүрдэн кэлэн баран, мастар быыстарынан туора-маары, нууччалыы эттэххэ, «змейкалаан» бараллар. Маһы таарыйар түгэннэригэр ыстараап ааҕыллар. Хас таарыйбыт мастарын аайы биэстии сөкүүндэ эбиллэр. Кыттааччылар түһүмэх аайы иккилии буолан түһэллэр, онон судьуйалар бириэмэнэн көрөллөр. Бу түһүмэххэ Кириэстээх сылгыһыта Николай Могусов бастыҥ бириэмэни көрдөрдө – 1 мүн. 50,81 сөк. Иккис Маар Күөл эдэр сылгыһыта Александр Никифоров 1 мүн. 57,31 сөк., үһүс Бордоҥтон сылдьар Игорь Семенов 2 мүн. 10,30 сөк. көрдөрүүлэннилэр.

Иккис түһүмэххэ кыттааччы 1 км сири сүүрдэн иһэн мэһэйи туоруур уонна маска ыйанан турар төгүрүк иини (обруч) ылан биэтэккэ кэлиэхтээх. Бастакы түһүмэххэ тэҥнээҕин булбатах Николай Могусов манна эмиэ бастаата. Көрдөрүүтэ – 1 мүн. 31,81 сөк. Иккис Николай Павлов (Сунтаар) – 1 мүн. 34,25 сөк., үһүс Георгий Иванов (Дьаархан) – 1 мүн. 40,94 сөк. Саха сылгыта төһө да тулуурдааҕынан биллибитин, сураҕырбытын иһин, күрэхтэһии аата күрэхтэһии, сылайыы-элэйии, тыын быһаҕаһынан тыыныы баара ханна барыай. Ыраахтан хааман, массыынаҕа тиэллэн кэлбит аттар тыҥааһыннаах киирсиилэртэн илистэннэр, биир-биир күрэхтэһииттэн туораатылар.

Зачекка киирэр бүтэһик түһүмэҕинэн оттоох куулу ылан ааһарга илин-кэлин түсүһүү кытаанаҕа буолла. Манна көрөөччүлэр көрдөһүүлэринэн күрэхтэһии икки эр бэрдэ – Николай Могусов уонна Николай Павлов бииргэ стартыыр буоллулар. Дьэ, манна буолла, ыалдьыы күүһэ, харчы уксуу, тыҥааһын киэнэ кытаанаҕа. Хара маҥнайгыттан саҕалаан икки Ньукулай сарын сарыҥҥа, тэбис-тэҥҥэ түһэн истилэр. Биэтэктэн аҕыйах миэтэрэ бэттэх сытар кууллары ылаары, Николай Павлов бэрт кыратык сыыһа туттан, адьас кыһыылаахтык куулун мүччү тутан кэбистэ. Утарсааччыта Николай Могусов куулун хаба тардан ылан, бу иннигэр бастыҥ көрдөрүүлээх Игорь Семеновы (1 мүн. 44,18 сөк.) ситэн, 1 мүн. 36,59 сөк. кэлэн, эрэллээтик бастаата. Николай Павлов (1 мүн. 48,81 сөк.) үһүс буолла.

Бу кэннэ успуонсардар туруорбут бириистэригэр абсолютнай күрэхтэһиилэр эмиэ ураты көхтөөхтүк, сэргэхтик ыытылыннылар. Манна баҕалаах сылгыһыттар суруттаран бэйэлэрин холонон көрдүлэр. Тоҥуу хаарынан сүүрүүгэ, сыарҕаны соһууга Маар Күөл эдэр  уолаттара иннилэрин кимиэхэ да биэрбэтилэр. Ол курдук, 100 м тоҥуу хаарынан сүүрүүгэ Максим Михайлов инники күөҥҥэ түстэ. Оттон оҕо олорсо сылдьар сыарҕатын соһууга бастыҥ көрдөрүүлээх Александр Никифоров «Сырдык Аартык» ТХПК туруорбут ньирэйин хаһаайынынан буолла. Үһүс түһүмэх —  аты көлүйүү. Манна күрэхтэспит ат, тэрил хаһаайына Станислав Архипов бастаан уруйданна.

«Бастыҥ сылгыһыт-2017» күрэхтэһии кыайыылаахтарын быһаарыы долгутуулаах чааһа «Саргы түһүлгэтэ» култуура киинигэр буолла. Уопсай түмүккэ, үс көрүҥҥэ үһүөннэригэр бастаабыт «Харыйа» бааһынай хаһаайыстыба сылгыһыта Николай Могусов Сунтаар улууһугар «Бастыҥ сылгыһыт – 2017» үрдүк аатын ылла уонна 50000 солк. суумалаах сэртипикээт тутан үөрүү-көтүү өрөгөйүн биллэ. Үрүҥ көмүс мэтээли уонна 10000 солк. Бордоҥтон сылдьар Игорь Семенов ылла. Сунтаар сылгыһыта Николай Павлов боруонса мэтээли кэттэ уонна 5000 солк. наҕараадаланна. Бу Сунтаар улууһугар биллэриллибит Тыа сирин үлэһиттэрин сылын чэрчитинэн ыытыллыбыт күөн күрэс кыайыылааҕа Николай Могусов улуус 25 бастыҥ үлэһитин кэккэтигэр киирэн, мэтириэтэ Сунтаарбыт килбэйэр киинигэр, Ыччат дьиэтин иннигэр баар истиэндэҕэ ыйаныаҕа.