Кириэстээхтэр уонна куокунулар нэһилиэктэрин социальнай сайдыытын тула туоһуластылар

158

Сунтаар улууһугар СӨ Бырабыыталыстыбатын 2017 сыллаах үлэтин түмүгүн от­чуоттуур 2-с бөлөх үлэтин Ки­риэстээх нэһилиэгиттэн саҕа­лаата.


Отчуот туһунан уопсай дакылаа­т кэннэ кириэстээхтэр интэ­риэһиргиир боппуруостарын туруордулар. Ол курдук, биэнсийэ ааҕыллыытын, оҕону иитии, тен­дер, мусуой үлэтин, сибээс туһу­нан ыйытыылар киирдилэр. Олох­тоохтор уу ыраастыыр ыстаансыйа үлэтэ ханна тиийбитин туоһуластылар. Бу күннэргэ Кириэстээххэ 60 км усталаах опто-волоконнай ситим хаабыла кэл­битин туһунан интэриниэккэ сонун тарҕаммыта, отчуот буолар күнү­гэр биригээдэ кэлэн үлэтин саҕа­лаары оҥосто сылдьара. Евгений Ноговицын бу сылга “ТТЦР” ГУТ оптоволоконнай ситими Сунтаар улууһугар киллэрэрин уонна бас­такынан Кириэстээх нэһилиэгэр МТС суотабай сибээс оператора 4G (LTE) сибээһи киллэрэргэ үлэ­лэһэрин туһунан иһитиннэрдэ.

Оскуола дириэктэрэ Павел Дмитриев начаалынай оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөнү туруор­сар. Эбийиэк акылаата сытыйбыт, сууллар туруктаах, аҥаар өттө сабыллан турара этилиннэ. Кэпсэтиигэ “Кириэстээх” ТХПК дириэктэрэ Владимир Егоров: Билигин эти оҥорон таһаарарга үөһэттэн көмө суох, инникитин бэйэ оҥорон та­һаарар эккэ субвенция көрүллэн бэйэ сыанатын түһэрэр наада”, — диэн бэйэтин санаатын үллэһиннэ. Кириэстээхтэр СӨ Бырабыыта­лыстыбата ыытар үлэтин “биһириибит” диэн сыаналаатылар.

Салгыы отчуот Куокуну нэһи­лиэгэр турда. Бырабыыталыс­тыба бөлөҕө отчуот иннинэ быйыл агро хайысхаҕа үлэлээбитэ 25 сылын туолар Куокуну орто агро­оскуолатыгар сылдьан хортуоппуй харайар сирдэри, тэпилииссэни, оҕо саадын көрдүлэр.

Дьон учуутал хамнаһа Единэй тарифнай сеткаҕа киириитин, бэнсиин сыа­ната тоҕо үрдүү турарын, кырдьа­ҕас, кыаммат дьоҥҥо дьиэ өрө­мүө­нүгэр туох көмө баарын, Бүлүү өрүс уутун ыраастыырга үлэ бара­рын-суоҕун, химическэй собуот тутуута ханна тиийбитин, бөрөнү бултааһын туһунан ыйытар. Хими­ческай собуот Өлүөнэ өрүс үрдүгэр тутуллубат буолбутун, инвес­тордар атын сири (өрөспүүбү­лүкэбит иһигэр) көрдүү сылдьал­ларын туһунан хоруй киирдэ. Куокуну олохтоохторо учуутал хамнаһа үөрэнээччи ахсаанынан суоттанара кыра оскуолаларга сөбө суоҕун иһин бу боппуруоһу көрөрү, оҕолор Дьокуускайга массыынанан, оптуобуһунан аара суолга хонон айанныыллара табы­гаһа суоҕун иһин үөрэнээччилэри сөмөлүөтүнэн ыытары, тыа хаһаа­йыстыбатын гранна­рыгар агроос­куолалар кыттал­ларын, МРТ аппа­раакка түһэргэ Мииринэйгэ направление биэрэ­ри, банкоматы туруорустулар. “Оҕо саада икки сыллааҕыта экспери­мент быһыы­тынан бойлерынан ититиигэ холбоммута. 70 кВт-таах бойлер төлө тэбэ, носуостар алдьана ту­рал­лар, ирдэбилгэ эппиэттээбэт буолан, дьон олоҕор кутталы үөс­кэтэр”, — диэн туран оҕо саадын сэ­биэдиссэйэ Светлана Николаева эбийиэги ОДьКХ хо­чуо­лунайыгар холбууру туруорус­та. Нэһилиэк кырдьаҕас олохтооҕо Клавдий Михайлов Бырабыыта­лыстыба үлэтин “биһириибин” диэн сыа­налаабытын отчуокка кэлбит дьон бары сөбүлэстилэр.

Инвестиционнай сайдыы уонна предпринимательство ми­ниистирин бастакы солбуйааччы Евгений Ноговицын салайаач­чылаах бөлөххө СӨ ойуурга сыһыаннаһыы департаменын сала­йааччыта Вячеслав Попов, үөрэх министиэристибэтин отдел сала­йааччыта Иннокентий Пинигин, үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин социальнай бэлиитикэҕэ департаменын салайааччытын эбээһинэһин толо­рооччу Анастасия Прокопьева, экэниэмикэ министиэристибэтин территориальнай сайдыы депар­таменын салайааччыта Елена Игнатьева бааллар. Улуустан ба­һы­лык бастакы солбуйааччыта Николай Александров сырытта. Отчуот иннинэ бөлөх “Кириэстээх” ТХПК, Кириэстээх орто оскуола­тын кэрийэн көрдүлэр.