Константиновтар Алтаҥҥа мустан оттууллар

261

Амматтан Дьокуускайдыыр суол кытыытынан, Алтан суолун арахсыытын утарытынан баар ходуһаҕа ыраахтан үлэ-хамнас күргүөмнээхтик бара турара харахха быраҕыллар. Охсуу, мунньуу бүппүт, кэбиһэ сылдьаллар.


Асчыт кыыс кутаа уокка күнүскү күөһү буһарар. Онтон ходуһаҕа от кэбиһэ сылдьаллар. Кинилэргэ баран иһэн от кылгаһын, ходуһа курааннаабытын көрөбүт.

Ол да буоллар отчуттар тигинэччи, сирбит курааннаабыт диэн улаханнык санааларын түһэрбэккэ сайыҥҥы куйаас күнү баттаһа кэбиһэ сылдьаллар. Налбаны соһор МТЗ-82 тыраахтыры прокуратура бэтэрээнэ Владимир Константинов бэйэтэ урууллуур.

Владимир Петрович «Утум» бааһынай хаһаайыстыбаны салайар. Дьон холбоһон, уопсайа 100 сылгылаахтар. Хаһаайын бэйэтин сылгыта аҥаарын кэриэтэ. Ынах сүөһү суох. «Охсон, мунньан бүппүппүт. Кэбиһэрбит эрэ хаалла. Дьэ ол үлэтигэр араас сиртэн бары кэлэн, түмсэн үлэни үмүрүтэбит. Дьокуускайтан, Муоматтан, Сунтаартан, Чурапчыттан, Бөтүҥтэн, Амматтан бааллар. Бэйэтэ бырааһынньык, аймахтар түмсүүлэрэ. Сир тиийбэт, онон дьонтон арендалаһабыт. Сыл аайы 15-тии оту туруорабыт. Быйыл да булуохпут. Үрдүк сирдэр курааннаабыттар, ол оннугар урукку уулаах сирдэрбиттэн оту буллубут», — диэн кэпсиир кини.

Хаһаайыстыбаларыгар МТЗ-82 уонна омук тыраахтырдаахтар. Онон этэргэ диэри бэйэтэ механизация аҥаардаах звено. Киэҥ нэлэмэн сир ото кэбиһиллэн нэлэйэн иһэр. Күн уота чаҕылыччы тыгар. Арай ыраах тыа саҕатыттан уулаах былыттар тахсан эрэллэр. Ону көрө-көрө отчуттар өссө күүскэ хамсанан, бугуллар биир-биир ууруллан, от чөкөтүллэн улаатан иһэр.