2015 сыллаахха сэтинньи 12-13 күннэригэр Крымҥа Алушта куоракка «Траектория смысла: Региональные СМИ на пути к эффективности и конкурентоспособности» диэн иккис Бүтүн Россиятааҕы регионнар суруналыыстарын форума буолан ааспыта. Онно сылдьан тугу бэлиэтии көрбүппүн Крым Россия састаабыгар киирбитэ 3-с сылын көрсө суруйабын.
Миигин бу форум үлэтэ эрэ буолбакка, Крым саҥа республикатыгар дьон-сэргэ хайдах олороро ордук интэриэһиргэтэр этэ.
Бастаан Москваттан Симферопольга кэлэн түһэн бара,н сөмөлүөт балаһатыттан саҕалаан инфраструктура, дьиэ-уот тутуутун өттүгэр хайдах эрэ Сэбиэскэй былаас саҕанааҕы кэмҥэ кэлбит курдук этибит. Бу 20-н тахса сыл устата Украина Крым полуостров сайдыытыгар улахан болҕототун уурбатаҕа тута харахха быраҕыллар. Суол устун, атын куораттарга курдук омук массыыналара буолбакка, урукку «Москвич», «Жигули» массыыналар субуллаллар. Ол гынан баран бу дьикти кыраай олус кэрэ көстүүтэ, халлааҥҥа харбаспыт хайалара, сайыҥҥылыы чаҕылыччы тыган эҕэрдэлии көрсүбүт сылаас күнэ, күөх халлаана, суол устатын тухары арыаллыы, дьылыгырыы үүммүт күп-күөх кипарис мастара, көстөн ааһар яблонялара, виноград үүнэр хонуулара, сайаҕас дьоно-сэргэтэ өрө көтөҕүллүүнү, сырдык иэйиини бэлэхтиир.
Форуммут үһүс күнүгэр хас да автобуһунан Крым кэрэ-бэлиэ сирдэрин көрө айаннаатыбыт. Чаас курдугунан Ялта куоракка тиийэн кэллибит. Манна хайа тэллэҕэр ситэ тутуллубакка быраҕыллыбыт урукку улахан тутуулары сэргэ аныгы таас коттеджтар, Европалыы кыараҕас уулуссалар, ураты минньигэс сылаас булочкалары атыылыыр киоскалар, муора кытылын устатын тухары оргууй аҕай хаамсан туохха да долгуйбакка күүлэйдии сылдьар олохтоохтор, кытылга араас кустар тоҕуоруһан мөлбөйө уста сылдьаллара, күөгүлүү олорор балыксыттар, хопто хаһыыта барыта кэрэ хартыына буолан бу кэрэ сир уратытын арыйар.
Бу сабардаан турар кэрэ хайаны олохтоохтор Екатерина хайата диэн ааттыыллар эбит. Ойоҕоһуттан көрдөххө кырдьык императрица сирэйин курдук омоон көстөр. Ол курдук айаннаан Воронцовскай дыбарыаска тиийэн кэллибит. Муораны өҥөйөн турар Ай-Петри хайа тэллэҕэр тутуллубут таас 150 хостоох дыбарыас урукку кэм улуутун билигин да тутан хурустаал люстралара кылапачыйан, өһүөлэрэ үрдүгэ, архитектурата уустуга, кэрэтэ, хартыыналарга субу түһэн кэлиэх курдук дыбарыас олохтоохторун мөссүөнэ, былыргы сыаналаах мастан оҥоһуллубут антикварнай миэбэллэр улуу хаһаайыттарын билигин да күүтэрдии чиҥник тураллара барыта көрөргө олус умсугутуулаах.
Туристар аҕыйах кэмнэригэр сылдьыбыт буоламмыт биһиэхэ улахан уочарата суох барытын көрдөрдүлэр. Бу дыбарыас бастакы хаһаайына граф Михаил Воронцов бу тутууну 1830 сыллаахха саҕалаабыт уонна 18 сыл устата туппуттар. Дыбарыастан садка тахсыбыппыт араас кэрэ розалар билигин да силигилии тураллар, баараҕай мастар сылаас күнтэн хаххалыыллар, мрамор кирилиэстэр муораҕа тиийэ кэчигирээн түһэллэр. Үрүҥ мрамортан Италия скульптора Боннани оҥорбут хахайдара хаһаайыттарын манаан улуу тыыннарын билигин да илдьэ сылдьарга дылылар. Оттон аллараа киэҥ-куоҥ паркаҕа араас дойдулартан аҕалыллыбыт аарыма мастар, араас сибэккилэр, роза сибэкки быыһыгар тимирбит фонтаннар, водопадтар, күөлгэ уста сылдьар кубалар, кыһыл көмүс балыктардаах көлүччэлэр, аллеялар барыта биир кэрэ симфония буолан остуоруйа дойдутун санаталлар.
Маны таһынан Крым биир кэрэ көстүүлээх сиригэр «Ласточкино гнездо» диэн 40 миэтэрэ үрдүктээх туруору очуос үрдүгэр турар замокка сырыттыбыт. Бу замок ураты дьикти таайтарыылаах эйгэлээх. Манна аатырбыт «Человек-амфибия», «Десять негритят» диэн киинэлэр уһуллубуттарын кэпсээтилэр. Бастаан манна 1877 сыллаахха нууччалар туроктары кытта сэриилэһэр кэмнэригэр мас кириэппэс тутуллубут эбит. Онтон 1912 сыллаахха ниэмэс барона таас кириэппэһи туттарбыт. 1927 сыллаахха сир хамсааһына буолан бу кириэппэс эмсэҕэлии сылдьыбытын реставрациялаан чөлүгэр түһэрбиттэр, аттыгар баар сад ол кэмҥэ ууга тимирбит.
Император дыбарыаһыгар бириэмэ булан сатаан барбатыбыт. Бу кэрэ дыбарыастары аҕа дойду иккис сэриитин кэмигэр Германия армиятын генераллара Крымы сэриилээн ылаат, тута үллэстибиттэрин туһунан экскурсовод кэпсээтэ. Онтон кыайтаран баран чугуйан иһэннэр барыларын дэлби тэптэрээри мина ууран бэлэмнээбиттэрин, эһиэхтэрин икки хонук иннинэ Крым олохтоох инженердара кистээн киирэннэр боруобаттары араараннар быыһаан ылбыттар.
Аан дойдуну барытын баһылаары чабыламмыт «улуу ариецтарбыт» кэрэни да кэрэхсээбэт чычаас өйдөрө манна кытта арыллыбыт. Айаннаан иһэн София Ротару сынньанар дьиэтин, Гайдай «Кавказская пленница» киинэтин устубут кэрэ сирдэрин, Никулин сөбүлээн сылдьар переулогын көрдүбүт. Наталья Варлей сүүрэн түспүт кирилиэһэ, ыллыы-ыллыы үҥкүүлээбит сымара тааһа, пиибэлээх буочукалара турбут сирдэрэ Алуштаҕа билигин да бааллар. Маннык кэрэ көстүүлээх сиргэ уһуллубут киинэ хайдах да куһаҕан буолуон табыллыбат буолан, дьон өйүгэр-санаатыгар умнуллубаттыы иҥтэҕэ. Аатырбыт «Артек» базата олох да быраҕыллан, сиҥнэн турарын көтүрэннэр саҥалыы тутуу бөҕөтө бара турар эбит.
— Кэлин «9 рота» Федор Бондарчук киинэтин эмиэ манна Алуштаҕа устубуттара. Устар бөлөх мин ийэм дьиэтин арендалаан олорбута. Күнүс олох сэрии геройдара, автомат тутан баран сүүрүү-көтүү бөҕөтө. Биһиги оччолорго кыра этибит, ол уста сырыттахтарына «сэрии» буола турар хонуутун устун сырсаммыт мөҕүллүбүппүт, — диэн таксист уол кэпсиир.
Крым: дьиҥнээх патриоттар дойдулара буоларын бэлиэтиибин
Олус халбархай кутталлаах кэмҥэ 2014 сыл кулун тутарыгар Крым олохтоохторо сомоҕолоһо охсоннор, референдум тэрийэн, 98% Россияҕа холбоһоллорун дорҕоонноохтук биллэрэннэр, хаан тохтуута суох туһунан Республика буолар кыахтаммыттара. Манна Президеммит Владимир Путин байыаннай уонна күүстээх стратег буолан, халбаҥнаабакка Крымы Россия састаабыгар киллэриигэ суһал дьаһаллары ылбыта.
Кафеларга сылдьан, таксистартан, муора кытылын устун дьаарбайа сылдьар дьонтон, кырдьаҕастартан тоҕоос көһүннэ да ыйыталаһа, кэпсэтэ сырыттыбыт. Кинилэр бу туһунан туох санаалаахтарый?
Таксист: Крым Россияҕа холбоспутун саамай өптөөх хардыы дии саныыбыт. Биһиги уруккаттан Украина састаабыгар да олорон бу дойду гражданнарын курдук санаммат этибит. Син биир россияниннарбыт дии сананааччыбыт. Путины убаастыыбыт, кини биһиги президеммит. Хомону холбуур муоста тутулуннаҕына туристар өссө элбиэхтэрэ диэн күүтэбит. Ол хайа үрдүгэр чыпчыҥныыр уоттары көрөҕүт дуо? Итинник хас хардыы ахсын Россия пограничниктарын заставалара баар. Онон билигин күүстээх көмүскэллээх курдук сананабыт.
Крым саастаах олохтооҕо: Украина аһары утары идеологияны ыытан дьону бэйэтиттэн тэйитэн кэбистэ. Бандеровецтар диэн туох дьон буолалларын биһиги Севастополь олохтоохторо эппитинэн-хааммытынан билэбит. Манна хааннаах кыргыһыыларга биһиги аҕаларбыт олохторун толук уурбуттара. Аҕаларбыт, эһэлэрбит билигин автоматтаах бандеровецтар кирдээх саппыкыларынан манна хаамыталыы сылдьалларын көрөллөрө буоллар, хоруоптарыттан туран кэлиэ этилэр.
Санаторий бырааһа: Украинаҕа баар кэммитигэр 20 сыл устата туох да улахан тутуулар барбатылар, көрөргүт курдук барыта Сэбиэскэй кэмнээҕи тутуулар. Онон сүтэрэрбит да суох курдук. Урут Украинаҕа эрдэхпитинэ пенсиям эһиги харчыгытынан 3 тыһ. солк. эбит буоллаҕына, билигин Россияҕа холбоһон баран 12 тыһыынсаны ылабын. Хамнаспыт да үрдээтэ гынан баран, сыана эмиэ ыарыы турар. Туристар элбээтэхтэринэ Крым сайдан барыаҕа.
Луганскай олохтооҕо Людмила: Мин бэйэм украинкабын, кэргэним нуучча. Манна көһөн кэлэн санаторийга сытабын. Биһиэхэ дьиэбитин-уоппутун барытын буомбалаан ытыспытын соттон хааллыбыт. Урут кыра заводтаах этибит, хаһаайыстыба, сад барыта баара. Уолум бизнеһын Ростовка көһөрдө, онно үлэлээн саҥаттан саҕалаан эрэр. Луганскайга балаһыанньа кытаанах.
Түмүк санаа
Бу Крымҥа сылдьан баран туох санааҕа кэллим? Мин көрүүбэр, Крым айылҕата, сирэ-уота кэрэтэ, климата сылааһа, муората ырааһа, чугаһа, салгына чэбдигэ (Николай-II уола, кэргэнэ манна кэлэн аҥардас салгыныттан үтүөрэн бараллар эбит), араас историческай сирдэринэн баайа, дьоно-сэргэтэ сайаҕаһа. Патриоттуу да санаабытынан атын омук судаарыстыбаларын экономикатыгар харчыбытын куппакка, бэйэбит дойдубут кэрэ-бэлиэ сирдэрин кэрийбиппит быдан ордук эбит дии санаатым.
Севастопольга бириэмэ ыгым буолан сылдьыбатыбыт. Бу эмиэ баай историялаах герой-куоракка киһи кэрэхсиирэ элбэҕэ биллэр. Бу сирдэр барыта бэйэ-бэйэлэриттэн чугас муораны кыйа турар буоланнар, экскурсияҕа да сылдьарга олус табыгастаах. Массыына да арендалаан баран кэрийиэххэ сөп эбит. Россия Президенэ Владимир Путин хаартыската суол устатын тухары баннердарга ыйаммыта, рынокка кини мэтириэтэ хас биирдии магнитка, сувенирга, футболкаҕа ойууламмыта, крымчаннар кинини улаханнык ытыктыылларын көрдөрөр. «Хрущев сдал, Путин принял», «Путин — наш президент» диэн суруктаахтар.
Бу саҥа Республикаҕа хайдах эрэ саҥа олох тыына, көҥүлгэ тардыһыы сайа охсор салгына, дьон өрө көтөҕүллүүтэ барыта киһини тардар күүстээх эбит. Санаторийдарын сыаналара, дьиэ арендата кылааһыттан көрөн ханнык баҕарар дохуоттаах дьоҥҥо сөп түбэһэр. Астара-үөллэрэ, фрукталара барыта бэйэлэрин киэнэ буолан олус минньигэс уонна сыаната да сөбүгэр. Биир-икки сылынан инфраструктурата сайдан бардаҕына Крым улаханнык үүнэр-сайдар кэскиллээх. Россияны кытта Крым арыытын холбуур Керченскай муоста тутуута саҕаламмыт. Билигин Крымҥа сылга 4-5 мөл турист сылдьар эбит буоллаҕына, бу муоста тутулуннаҕына 10 мөл. тиийэ турист сылдьыаҕа диэн сабаҕалыыллар. Бу саҥа Республика тэтимнээхтик сайдыытыгар улахан оруолу ылыаҕа.
Крымтан көтөр күммүтүгэр Украина националистара уот ситимин линиятын дэлби тэптэрэн теракт оҥорбуттарын иһиттибит. Ол гынан баран, Крым олохтоохторун булгуруйбат санааларын маннык дьиикэй быһыылар кэбирэтиэхтээҕэр өссө күүһүрдэрин, түмэрин мин кинилэри кытта кэпсэтэн баран, тулхадыйбаттык өйдөөтүм.
Хара муораны кыйа күүлэйдии сылдьар дьоннор ортолоругар оҕо күүтэр эдэркээн ийэлэр олус элбэхтэрэ сөхтөрдө. Ол аата Россия Президенэ ийэни өйүүр политиката – ийэ сертификата бу кыраайга саҥа кэлэн саҥа дьону – кыра россияниннары элбэтэн эрдэҕэ.