Куокуй нэһилиэгин “Ача” оҕо уһуйааныгар сэттэ киһиттэн састааптаах автопеддесант кэлэн үлэлээтэ

260

«Педагогическай десант» бырайыак салайаааччытынан Дьокуускай куорат 21-с №-дээх оҕо сайдар киинин уһуйаанын учуутал-логопеда Зоя Ивановна Яковлева буолар. “Организация воспитательно-образовательного процесса ДОУ в условиях села:от идеи до результата” диэн тиэмэлээх семинарга Куокуй “Ача” уһуйаанын иитээччилэрин таһынан улуус Кэбээйитээҕи кууһун иһигэр киирсэр Тыайа “Кэнчээри”, Кэбээйи “Кэскил”, “Сардаана” уонна “Кустук” уһуйаанын иитээччилэрэ, Сангартан “Светлячок”, “Сказка” уһуйаанын иитээччилэрэ кыттыыны ыллылар.


Семинары улуустааҕы үөрэхтээһин салаатын специалиһа И.С.Соловьева аста. Инна Серафимовна кэлбит ыалдьыттары билиһиннэрдэ уонна семинар кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтэ уонна ыалдьыттарга улуус олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдэ, оҕо уһуйааннарын туһунан кэпсээтэ: “Улууска 20 оҕо уһуйаана баарыттан 4 уһуйааҥҥа санаторнай группа аһыллан үлэлии турар, 2 уһуйаан тылы сайыннарар хайысханнан үлэлиир. “Сардаана” уһуйаан “Открытия” бырыгырааманан үлэлээн эрэр уонна “Музыка для всех” бырайыактаахтар. Мукучутааҕы “Кэнчээри” уһуйаан “Одаренный ребенок” бырайыагынан үлэлиир, “Кустук” уһуйаан экологическай бырайыактарынан үлэлииллэр, ити хайысханнан элбэх конкурстары ыыталлар. Аны күһүн Эдьиий Дора бирииһигэр экологическай бырайыактарга конкурс ыытаары бэлэмнииллэр”. Манна даҕатан Инна Серафимовна улуус уһуйааннарыгар логопед уонна психолог тиийбэтин чуолаан бэлиэтээтэ.

Мантан салгыы семинарга кэлбит ыалдьыттарга Куокуй нэһилиэгин туһунан администрация специалиһа В.Д.Гаврильева билиһиннэрдэ. Нэһилиэккэ Н.А.Лугинов аатынан уонна кыраайы үөрэтэр музейдар үлэлии туралларын, Сардаана сквер үлэҕэ кииртин, саҥа таас оскуолаҕа оҕолор астына үөрэнэллэрин уонна нэһилиэк чөл олохтооҕун туһунан уо.д.а. киһи кэрэхсиир сонуннарын кэпсээтэ.

Ити кэнниттэн семинар кыттыылаахтара үлэлэригэр киирдилэр. “Ача” уһуйаан сэбиэдиссэйэ М.С.Полятинская үлэлэрин-хамнастарын туһунан кэпсээтэ. Оҕолорго усулуобуйа тэрийэллэрин, биэс уобалаһынан иитиини-үөрэтиини араас саҥа ньымалары туттан тиэрдэллэрин билиһиннэрдэ. Мантан салгыы педдесаннарга тыл бэрилиннэ.

СӨ ҮӨ уонна наука министиэристибэтин оскуола иннинэ үөрэхтээһин специалиһа Т.И.Никифорова “Оҕо тылын сайыннарыы өрүтүгэр уһуйааҥҥа үлэ өрүттэрэ” уонна “Дорҕоону арааран истэргэ уонна билэргэ үөрэтии”, Дьокуускай куорат 82 №-дээх “Мичээр” уһуйаан сэбиэдиссэйэ Ю.И.Трофимова, “Катюша” оҕону сайыннарар киин сэбиэдиссэйэ Г.В.Павлова, “Кэнчээри” Майа автономнай оҕо сайдар киинин логопеда С.С.Алексеева уһуйааннарын үлэтин, туох саҥа сүүрээннэри килэрбиттэрин уонна онно ситиһиилэрин сиһилии кэпсээтилэр. Мантан салгыы секцияларынан арахсан үлэ барда. Салайааччылар уонна старшай иитээччилэр секцияларын Ю.И.Трофимова уонна Г.В.Павлова салайан ыыттылар. Бу секция кыттыылаахтарыгар локальнай акталар тустарынан, саҥа киирии сокуоннар тугу ирдииллэрин уонна уопсай докумуон хамсааһынын сиһилии кэпсээтилэр. Тус бэйэлэрэ тутан-хабан, көрөн-истэн үлэлии олорор салайааччылар быһыытынан сэбиэдиссэйдэргэ улахан көмөлөөх сүбэлэри биэрдилэр.

Иккис секцияҕа иитээччилэр уоппут атастаһыылара буолла. Манна иитээччилэр үлэлии сылдьар ньымаларын, туох саҥаны килэрэн оҕолорго билиини-көрүүнү, олоххо бэлэмнээһини биэрэр суолу ииһи ырыттылар. Ол курдук, “Кэскил” уһуйаан музыкальнай иитээччитэ И.Г.Кобякова флейтаҕа оонньуурга уһуйаан саастаах оҕолору хайдах үөрэтэрин туһунан уоппутун үллэһиннэ. “Сардаана” уһуйаан иитээччитэ Н.Ю.Дьяконова “Чэбдикчээн” адаптированнай бырыгараамматын, “Кэскил” уһуйаан иитээччитэ М.К.Майкифер “Первые ступеньки к шахматам” үлэтин уопутун истээччилэр биһирээтилэр. Маны сэргэ, “Ача” уһуйаан иитээччитэ С.В.Лоботова “Использование невербальных средств при знакомстве с буквами”, “Кэнчээри” уһуйаан иитээччитэ Дьяконова П.А. “Сайдыылаах оҕо иитиллэн тахсыытын сүрүн оҥкула түмсүүлээх үлэ түмүгэ” уо.д.а. иитээччилэр дакылааттарын сэргээтилэр.

Атын секцияларга “Мичээр” уһуйаан иитээччи-психолога Е.Н.Трофимов оҕолору кытта үлэлэстэ. Төрөппүттэргэ сүбэ биэртэлээтэ. Онтон учуутал-логопед Зоя Ивановна логопедтары кытта сүбэлэстэ уонна оҕолору кытта үлэ ыытта. Биир секция маастар кылааһынан барда. Чурапчы “Чуораанчык” оҕо уһуйаанын иитээччитэ А.Г.Аржакова фоамирантан куукуланы оҥорууга иитээччилэри, уһуйаан үлэһиттэрин, баҕалаахтары үөрэттэ.

Түмүккэ Татьяна Ивановна, Инна Серафимовна уонна педдесант, семинар кыттыылаахтара “Ача” уһуйаан сэбиэдиссэйигэр Мария Семеновнаҕа махталларын биллэрдилэр. Мария Семеновна саҥаны булаары, суолу-ииһи тобулаары педдесаннары ыҥыран маннык дириҥ ис хоһоонноох семинары тэрийбитин тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.

Манан биир күннээх иитээччилэр улуустааҕы семинардара бэрт сэргэхтик түмүктэннэ. Иитээччилэр дьиҥ-чахчы практически үлэлии сылдьар иитээччилэри, салайааччылары кытта көрсүһэн, сүбэ-ама ыланнар, уоппут атастаһаннар инники үлэлиир суоллара өссө кэҥээн, сырдаан тарҕастылар.