Кырдьаҕас Баайаҕа сиригэр Георгий Никоновы кытта ураты көрсүһүү буолла

305

Бу сааскы күннэргэ кырдьаҕас Баайаҕа Томторугар аат ааттаан, суол суоллаан кэлии-барыы үксээтэ. Икки хонук иһигэр Уһук Илин Федеральнай уокурукка Саха сириттэн боломуочуйалааҕа Георгий Дмитрьевич Никонов, республика доруобуйатын харыстабылын миниистирэ Михаил Егорович Охлопков, улуус баһылыга Михаил Михайлович Соров, «Үтүө дьыала 21-с үйэҕэ» хамсааһын салайааччыта Алексей Дмитриевич Петров, «Анаабыр алмаастара» АО салайааччыта Павел Алексеевич Маринычев ыалдьыттаан, дьону-сэргэни көрсөн, кэпсэтэн-ипсэтэн бардылар.


Мин бу бэлиэтээһиммэр Георгий Дмитрьевич Никоновы кытта көрсүһүү туһунан сырдатыам. Бары билэрбит курдук, 80-с сыллар ортолоруттан инженер-механик идэлээх Георгий Дмитрьевич биһиги Баайаҕабытыгар отделение управляющайынан анаммыта соторутааҕыта курдук. Кини дойдутун унаарыйар Уолба уутун иһэн, талба Таатта салгынынан тыынан, нуучча кырдьаҕас куоратыгар Омскайга билиини-көрүүнү сомсон, олоххо, үлэҕэ букатын атын көрүүлээх эдэр салайааччы буола уһаарыллан тахсыбыта.

Баайаҕалар Георгий Дмитрьевич үлэлээбит кэмин умнубаттар, сопхуос улахан отделениетын үлэтин аттаран, сааһылаан, биир тыынынан үлэлиир хаһаайыстыба таһымыгар таһаарбыта, үлэ киһитин үлэлиир, сынньанар усулуобуйатын тэрийиигэ хамсааһыннаах тэрээһиннэри ыыппыта. 100-түү ынах киирэр толору механизациялаах хотоннор, кормоцех, механизатордар, сүөсүһүттэр дьиэлэрэ салайааччы да, нэһилиэк да киэн тутта кэпсиир тутуулара этилэрэ. Оччолортон эппитин толорор, ирдиир, биир тыллаах салайааччы, сайдыыны урутаан көрөр, ааҕан-суоттаан үлэлиир управляющай быһыытынан сыанабылы ылбыта.

Онон, Георгий Дмитрьевич бу сырыытын «Улуу сырыылар суолларын» сорҕотун да курдук ылыныахха сөп. Бэйэтин этиитин саҕалыырыгар: «Олорбут, үлэлээбит дойдубар, Баайаҕаҕа, ахтан баран кэлэр олус күндү эбит, дьону-сэргэни барыларын билэр курдукпун, миигин эмиэ билэр курдуктар. Сэһэргэһииттэн, кэпсэтииттэн умна быһыытыйан эрэр түгэннэрим хат тиллэн кэллилэр»,- диэтэ.

Георгий Дмитрьевич быйылгы сыллаахха тохсунньу ый 15-27 күннэригэр Хабаровскай кыраайга Тугуро-Чумиканскай оройуоҥҥа ыытыллыбыт «Улуу сырыылар суолларынан. (Пути Великих Свершений)» историко-этнографическай экспедиция туһунан кэпсээтэ.

Бу баараҕай бырайыак 2010 сыллаахтан саҕаламмыт, 6 томнаах «Пути Великих Свершений» кинигэ бэчээттэммит. Кинигэ биир уратытынан мультимедийнэй барыйааннаах. Бырайыак сыалынан Саха сирэ Уһук Илин региоҥҥа Чуумпу акыйаан кытылын Арассыыйа судаарыстыбатата баһылааһыныгар, бөҕөргүүрүгэр, сайдыытыгар оруолун, суолтатын көрдөрүү буолар. Ону таһынан сахалар историябытынан киэн туттуубутун, патриотизм тыынын көрдөрөр.

Салгыы Георгий Дмитрьевич биһиги кинигэнэн эрэ муҥурдаммаппыт, историко-документальнай киинэлэри, музейга экспозицияны бэлэмниир былааннаахпыт. Бырайыак иһинэн биэс экспедицияны тэрийдибит.

Экспедиция кыттыылаахтара Семен Никонович Ермолаев-Сиэн Өкөр, Гаврил Андросов илэ харахтарынан көрбүт, илиилэринэн туппут, сахалыы тылынан кэпсэппит Үт сахаларын олохторун-дьаһахтарын туһунан презентациянан көрдөрө-көрдөрө кэпсээбиттэрэ интэриэһи тарта. Онно дьылҕа хаан ыйааҕынан быралыйан тиийбит биир дойдулаахтарбыт «мин сахабын» диэн чиккэ санааларын ыһыктыбакка, үлэлии-хамсыы олороллоруттан үөрдүбүт.

Үт сирин историятын быыһын сэгэтэн кэпсээбиттэриттэн иһиттэххэ, 1744 сыллаахха 2-с Камчатскай экспедиция кыттыылааҕа Якоб Линденау, академик Александр Миддендорф, митрополит Иннокентий Вениаминов, «Ахтыылары» суруйбут Афанасий Уваровскай сылдьан ааспыттар, бэлиэтээһини оҥорбуттар эбит.

Дьэ, ити курдук сэһэн-сэппэн ортотугар бириэмэ биллибэккэ хаалла.

Саха дэриэбинэтиттэн куорсун үүннэринэн, тирэх ылан, Георгий Дмитрьевич республика тас дойдулары кытта сыһыаннаһыыларга миниистиринэн үлэлээбитэ. Уһук Илин федеральнай уокурукка бастайааннай бэрэстэбиитэл быһыытынан киэҥ далааһыннаах үлэни ыытар.

Бу бырайыактар, кинигэлэр республикабыт историятын, кини үлэһит дьонун албан ааттыыллар, суон сурахтыыллар. «Улуу сырыылар суоллара» эдэр ыччакка, кэнчээри көлүөнэҕэ аартыгы арыйдын!