Кыталыктаахха кыһыҥҥы паарка аһылынна

164

Кулун тутар саҕаланыыта Кыталыктаахха «Ледниковый период» кыһыҥҥы паарка аһыллыытын үөрүүлээх тэрээһинэ ыытылынна. Улууспутугар бу сонун түгэни кэрэхсээн, ити күн элбэх дьон, оөо-аймах тоҕуоруста.


Ньурбатааҕы биисинэс-инкубатор гендириэктэрэ Н.М.Михайлова бу саҥа дьыала туһунан кэпсээтэ:

«Саҥа дьыл иннинэ улуус бһылыга А.М.Иннокентьев кыһыҥҥы паарка хайаан да Ньурбаҕа баар буолуохтааҕын этэн туран, манна үлэлэһэргэ сорудахтаабыта, — диир Нюргуяна Михайловна. — «Масстрой» ХЭТ (Торохов В.А.) уонна «Иванов Валерий Николаевич» ИП ылсан, үчүгэй баҕайытык тэрийдилэр. Урбаанньыт Иванов В.Н. маны тэрийэригэр улуус баһылыгын грана анаммыта. Антоновкатааҕы «Кыталыктаах» МУП, Октябрьскай нэһилиэк уонна Ньурба к. дьаһалталара, «СЭГХ», «Триколор», баһаарынай чаас уо.д.а. тэрилтэлэр, урбаанньыттар көмөлөстүлэр. «Бургерт-юрта» диэн боолдьох таһынан ПВХ бүрүөһүннээх, иһигэр оһохтоох юрта туруорулунна, оборудованиета барыта саҥа. Ньурба былыргы историятыгар сыһыаннаах (төрүппүт Ньурбачаан үс уолун кытта) историческай панораманы Дьокуускай худуоһунньуктарыгар сакаастанан оҥоһуллан, аҕалан туруорулунна. Элбэх муус уонна хаар оҥоһуктары оҥордулар. Ньурбаттан төрүттээх биллиилээх муус оҥоһуктары оҥорор маастар Максимов Г.Е. Намтан кэлэн көмөлөстө. Тоҥуу хаар сыппыт сиригэр бастакы оҥоһулунна, суолун, сирин анньан-күрдьэн элбэх үлэ барда. Сылын аайы өссө эбиллэн, тупсан иһиэҕэ дии саныыбын. Саамай үчүгэйэ — бу кэрэ сирбитин дьоҥҥо туһалыырын курдук тэриннибит. Сайыҥҥы кэмҥэ эмиэ манна тугу эмэ тэрийэр туһунан толкуйдуохпут«.

«Муус айар» диэн муус оҥоһуктарга улууспутугар маҥнайгы өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус ыытылынна. Ол иһигэр 7-тэ — муус оҥһуктарга аан дойдутааҕы куонкурустар кыайыылаахтара уонна призердара. Намтан, Дьокуускайтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Сунтаартан, Бүлүүттэн, улууспутуттан барыта 9 хамаанда кытынна. Бирииһин фондата — 150 тыһ. солк., улуус салалтата туруорда.

Хамаандалар үлэлэрин Октябрьскай нэһилиэк баһылыга С.А.Корякин салайааччылаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаата. Нам Модут нэһилиэгиттэн Василий Аргунов уонна Уус Алдантан төрүттээх Дьокуускай олохтооҕо Михаил Степанов «Ыра санааҕа көтүү» үлэлэрэ кыайыылааҕынан ааттанна.

«Ледниковый период» паарка аһыллыытыгар уонна сарсыныгар оҕолор катоктаан да ыллылар, улахан сыыртан хатыыскалаан уонна «Зорб» шар иһигэр киирэн төкүнүйэн түстүлэр, табаҕа, акка, снегоходка хатааһылаатылар. Ким тоҥмут эбэтэр аһыан баҕарбыт «Бургер-юртаҕа» киирэн ис наадатын толуйдулар, оҕо-ыччат сөбүлүүр астара-утахтара баар. Үтэһэлээх эт да атыыланна.